Дьокуускай куоракка Кэбээйи улууһа төрүттэммитэ 80 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэр сэтинньи 28 күнүттэн саҕалаан ахсынньы 2 күнүгэр диэри ыытылла тураллар. Улуус урукку уонна билиҥҥи сайдыытын тула оройуон баһылыга Игнатий Николаевич Спиридоновы кытта кэпсэттибит.
Өрөспүүбүлүкэ бастакы промышленнай тэрилтэлэрэ аан бастаан Кэбээйи улууһугар төрүттэммиттэрэ. Ол курдук, Дьокуускай куораты үйэ аҥаарыттан ордук холубурдаах кэм устата айылҕа гааһынан, Саха сирин олохтоохторун аатырбыт Ньидьили соботунан, Сангаар хайатын хара чоҕунан, Лүксүгүүн пиэримэ кылааннаах түүлээҕинэн о.д.а. Кэбээйи улууһа хааччыйан кэллэ. Алҕаһаабат буоллахпына, билигин куорат маҕаһыыннарыгар анньыллан турар “полуфабрикат” ас арааһа – барыта Кэбээйигэ биэс уонча сыллааҕыта хамаҕатык атыыланара. Онон бу улуус бэйэтин кэмигэр өрөспүүбүлүкэҕэ сүҥкэн стратегическай оруоллаах этэ.
Онон Кэбээйи улууһун күннэрин киин куоракка ыытар үтүө үгэс аныгы ыччакка төрөөбүт дойду туһунан билиини тарҕатар, силистэээх-мутуктаах дьоҥҥо киэн туттуу санаатын уһугуннарар сүҥкэн суолталаах.
– Игнатий Николаевич, дьэ, кырдьык да, куорат дьоно, холобура, бу дьиэбитин сылытар, күөспүтүн өрүнэр оһохпут гааһа Кэбээйиттэн кэлэрин билбэт буолуохтарын сөп.
– Буолуон сөп. Кэбээйи улууһа, каартаҕа көрдөххө, өрөспүүбүлүкэ хабыллар хаба ортото. Өрөспүүбүлүкэ географическай киинэ биһиги улууспут Сэбээн Күөл бөһүөлэгин таһыгар түбэһэр. Онно өссө бэлиэ турар. Онон бу Күннэр бэйэбит улууспут дьоно, ордук ыччат, төрөөбүт дойдуларын историятын, географиятын, социальнай, экономическай суолтатын билэллэригэр, үөрэтэллэригэр, чинчийэллэригэр, Дьокуускай куорат өрөспүүбүлүкэ киин куората буоллаҕына, Кэбээйи өрөспүүбүлүкэ географическай киинэ буоларынан киэн тутталларыгар төрүөт буолуохтаахтар.
– Саха сирин промышленнаһа Кэбээйи улууһугар төрүттэммитин туһунан кылгастык билиһиннэриэҥ дуо?
– Саха сиригэр чоҕу промышленнай хостооһун аан бастаан 1928 сыллаахха Кэбээйи улууһугар саҕаламмыта. Сангаар бөһүөлэгэр рудник аһыллан, 30-с сыллартан бастакы “вахтовай” ньыманан үлэлээһин тэриллэр. Хостообут чохторо Хотугу Муустаах муоранан сылдьар (Севморпуть) хараабыллары хааччыйар этэ. Ол эбэтэр Саха сиригэр уу суолунан таһаҕаһы тиэйии эмиэ Кэбээйи улууһун кытта сибээстээх. 1936 сыллаахха аны Китчэҥҥэ кырымахтаах хара саһылы иитии саҕаланар. Ол кэннэ 1942 сыллаахха Таас Тумуска балык собуота арыллар. Бу – шахта, кыыл ферматын үлэһиттэрин, сэрии сут-кураан дьылларыгар хоргуйан өлөн эрэр нэһилиэнньэни, фрону аһатаары. 1956 сыл алтынньы ыйыгар Мастаахха гаас тэбэн, Саха сиригэр ньиэп, гаас промышленноһа төрүттэнэр. Ол аата Дьокуускай куоракка 1967 сыллаахха ити Хатыҥ Үрэх диэкинэн гаас кэлэн, ГРЭС тутуллан, Мохсоҕоллооххо цемент собуота үлэлээн, киин куоракка таас тутуу тэтимнээхтик сайдан барар. Ити курдук, өрөспүүбүлүкэ промышланноһын үс сүрүн салаата – гаас, ньиэп, балыктааһын уонна кыылы иитии – Кэбээйи улууһуттан саҕаламмытын аныгы ыччат билиэн наада.
– Кэбээйи тыа хаһаайыстыбатын хайысхатын кытта киэҥник дэлэттэ.
– Оннук. Тыа хаһаайыстыбатын бары салаата баар – ынах, сылгы, сибиинньэ, таба иитиитэ, оттооһун, балыктааһын, булт бары көрүҥэ, оҕуруот. Бүгүҥҥү күҥҥэ, экономика министиэристибэтин сыаналааһынынан, аспыт-үөлбүт 70% бэйэбит хааччынан олоробут. Тастан киирии өлүүтэ олох аҕыйах.
– Улуус өрөгөй ырыатыгар ылланарын курдук, чахчы да “кэрэ кэскил кыраайа” эбит!
– Итиниэхэ, бастатан туран, 80 сыллааҕыта улууһу тэрийбит аҕа көлүөнэҕэ махтанабыт. 1937 сыллаахха биһиги улууспут тулалыы сытар Саккырыыр, Горнай, Нам, Эдьигээн, Бүлүү улуустар уһук, үрэх баһа сытар нэһилиэктэрин олохтоохторун баҕаларын учуоттаан тэриллибитэ. Ол түмүгэр биһиги Горнайтан аатырар Ньидьили, Бүлүүттэн бултаах-астаах Быраҥаатталаах, гаастаах Мастаах, Мукучу нүөл алаастара, Намтан өлгөм оттоох Турбаахы, Сииттэ баай хочото, Саккырыыртан Ламыҥха нэһилиэгэ курдук, этэргэ дылы, баай ыал кыыһын халыымын тэҥэ үтүө айылҕалаах сиргэ-уокка тиксибит дьоллоохпут. Онон, промышленностаах кэммитигэр улууспут бүддьүөтүн 60% бэйэбит хомуйар этибит.
– Дойду экономиката туох-хайа иннинэ промышленностан тутулуктаах. Сойуус эстиитэ Кэбээйи улууһугар улахан хоромньуну таһаарбыта. Сүүрбэччэ сыллааҕыта Сангаарга сылдьыбыт дьон хаарыан бөһүөлэк “Чечня сэриититтэн” итэҕэһэ суох буолбут диэн хараастан кэпсээн тураллар.
– Шахта сабыллыыта, балык собуотун эстиитэ, сопхуостар ыһыллыылара биһиги дьоммут санаатын булгуруппата, төттөрүтүн, өссө бөҕөргөөн, кииллийэн биэрдибит диэххэ наада. Бу кэлиҥҥи сылларга өрөспүүбүлүкэбит салалтатын өйөбүлүнэн уонна, биллэн турар, нэһилиэнньэбит олоххо дьулуурунан улахан сайдыы барда. Ол курдук, нэһилиэктэрбит улахан аҥаардара таас оскуолаланнылар, Дьокуускай куораттан сиринэн суолбут Кэбээйи бөһүөлэгэр тиийэрэ 28 км хаалла. Онон, түгэнинэн туһанан, Ил Дархан Егор Афанасьевич Борисовка улуус аатыттан махтанабын.
– “Дьокуускай – Кэбээйи” массыына суола хаһан тутуллан бүтүөх курдугуй?
– Былааҥҥа 2019 cылга турар. Ол гынан баран, харчы көрүллэрэ буоллар, биһиги 2018 cылга үлэҕэ киирэрин күүтэбит. Тоҕо диэтэххэ, 2019 cыл сайын улуу киһибит Тимофей Сметанин 100 сааһынан ыраахтан-чугастан ыалдьыттардаах литературнай ыһыах тэрийиэхпитин баҕарабыт. Онно бэлэмнэнии үлэтэ саҕаланна. Ол курдук, былырыын Тимофей Сметанин биир туомнаах хомуурунньугун таһаарбыппыт, быйыл ол кинигэни оҕолорго анаан нууччалыы тылбаастаатыбыт. Аны туран, Дьокуускай куорат пааркатыгар Таптал аллеятын уонна “Лоокуут уонна Ньургуһун” айымньынан скульптурнай композицияны туруоруохпут. Норуодунай худуоһунньукпут Петр Алексеевич Захаров эскииһинэн эмиэ бэйэбит скульпторбыт Прокопий Слепцов оҥоруоҕа. Бу бырайыагы куорат салалтата, чуолаан Айсен Николаев, өйүөҕэ диэн эрэнэбит. Шекспир Ромеолаах Джульетталарынааҕар биһиги геройдарбыт Лоокуут уонна Ньургуһун тапталлара – үчүгэй түмүктээх олох гимнэ буоллаҕа.
– Промышленность баар эрдэҕинэ, бүддьүөппүт 60 %-нын бэйэбит оҥосторбут диэтиҥ. Билигин ол таһымҥа тахсыар кыах баар дуо?
– Бу хайысха иккистээн тыын ылан кэлэригэр эрэнэбит. “Прогноз” диэн CАО Ламыҥха нэһилиэгэр үрүҥ көмүс хостоору, уонча сыл геологическай чинчийии ыытта. Кэлэр 2018 сылтан бастакы бородууксуйатын таһаарыахтаах. Газпром Соболоох гааhын, ньиэбин хостоору, бэлэмнэнии үлэлэри ыыта сылдьар. “Туймаада-нефть” көмүскэ киирсиэх курдук.
– Билигин Мэнэ-Хаҥалас улууһугар гааһы переработкалыыр собуоту тутууну утарсыы бөҕө буола турар.
– Манна диэн эттэххэ, биһиэхэ Мастаахха уонна Кыhыл Сыырга метанолу мин төрүөхпүттэн оҥороллор уонна ол буортулаах тобоҕо суох курдук кэпсииллэр. Бадарааннаах диэн сиргэ “Кратон-4” түспүтүн биллэр эколог Иван Бурцев бэйэтинэн бэрэбиэркэлээн, айылҕаҕа дьайыыта суоҕун быһаарбыта.
– “Ракета тобохторо түһэллэр” диэн эмиэ баара.
– Баар. Онно публичнай истиилэр ыытыллан эрэллэр. Бүлүүлэр этэллэринэн, туох да радиацията суох ньалбаан түһэр үһү. Бу боппуруоска Роскосмоһы кытта үлэлэһэн эрэбит. Уопсайынан, ити барыта анал үөрэхтээх дьон быһаарар боппуруоһа. Биһиги бүгүҥҥү кыһалҕабыт – суолбут уонна сибээспит. Улуус сибээһэ быстар мөлтөх. Нэһилиэктэр икки ардыларыгар сиринэн айан суола суоҕун кэриэтэ. Онон, Дьокуускай – Кэбээйи массыына суола үлэҕэ киирдэҕинэ, Хаалбыстан Сангаар бөһүөлэгэр тахсар паром сырыытын туруорсуохпут.
– Ил Дархан 2018 сылы — дьарыктаах буолууну өйүүр Сылынан биллэрдэ. Эһиэхэ бу эйгэҕэ балаһыанньа хайдаҕый?
– Улууска дьарыктаах буолуу боппуруоһа туруо суохтаах дии саныыбын. Биһиги сирбитигэр-уоппутугар аҥаардас 22 тыһыынча кэриҥэ кыра-улахан күөллээхпит, оҕуруот аһын арааһын үүннэрэбит, дьиэ кыылын эгэлгэтин иитэр кыахтаахпыт, бүтүн өрөспүүбүлүкэни хааччыйар от үүнэр. Онон баҕалаах уонна кыахтаах, дойдутун таптыыр киһиэхэ үлэ миэстэтэ куруук баар буолуоҕа, бииртэн биир арылла туруоҕа дии саныыбын.
— Оннук эрэ буоллун!!!