Кэбээйилэр бырабыыталыстыба отчуотугар кардиолог бырааһы, дьыссаат тутуутун туруорустулар

1022

СӨ бырабыытылыстыбатын сылын аайы ыытыллар отчуота Кэбээйи нэһилиэгэр олунньу 19 күнүгэр мунньахтаан ааста. Улууспутугар бырабыытылыстыба 3 бөлөҕө үлэлии кэлбититтэн биһиги нэһилиэкпитигэр СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Охлопков Михаил Егорович салайааччылаах бөлөх кэлэ сырытта.


Ааспыт 2017 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ араас хайысхаҕа туох үлэ ыытыллыбытын кэпсиир “Саха сирэ 2017. Суолталаах түгэннэр уонна чахчылар” видеоролигы туһанан үлэ-хамнас хаамыытын сиһилии билиһиннэрдилэр. Мантан ырытан көрдөххө, тутуу да өттүгэр, нэһилиэнньэ дьарыктаах да буолуутугар уонна социальнай-экономическай да салааларга лаппа элбэх үлэ ыытыллыбыт уонна ситиһиллибит. Холобур, тыа хаһаайыстыбатын таарыйар буоллахха, оҥорон таһаары бырыһыана биллэрдик үрдээбит. Былааннарын 21 улуус толорбут, эти оҥорон таһаарыыга 16 улууска бырыһыан үрдээбит. Ол иһигэр Кэбээйи улууһа эти оҥорон таһаарыыга көрдөрүүтэ эбиллибит.

Михаил Охлопков ааспыт сыллаахха Кэбээйигэ кэлэн барбыт бырабыыталыстыба бөлөҕөр туруоруллубут соруктар төһө туолбуттарын билиһиннэрдэ. Ол соруктарга сылгы баазатын тутуутун боппуруоһа турбут. “Сылгы баазатын тутуутугар субсидия көрүллэр. Эһиги куонкуруска кыттыҥ, оччоҕо субсидия ылыаххытын сөп. Онно ирдэбилэ диэн 50 төбө сылгы баар буолуохтаах, аттыгар электростанция баара ирдэниллэр уонна, биллэн туран, бас билэр сиргит. Ирдэниллэр докумуоннары кытта улуус баһылыгын ходатайствота баара наада”, — диэн кини быһаарда.

Аны биир соругунан интернет сибээһэ мөлтөҕүн бэлиэтээбиттэр. Отчуоттуур бөлөх чилиэннэрэ этэллэринэн, Сибээс министиэристибэтин кытта тустаах үлэ ыытыллыбыт, онон сотору кэминэн интернет уонна сотовай сибээс тупсара күүтүллэр. Атын улуустарга эдэр ыччаттарга анаан тутуулар баралларынан, ыччат киинин тутуутугар көмө көрдөнүллүбүтүн, “Үтүө дьыала” бырагыраамаҕа киирсэн көрүҥ диэн сүбэ биэрдилэр. Маны сэргэ нэһилиэк барыта туруорсар боппуруоһа — оҕо саадын туттарыыта — буолар. Бу боппуруос 2019-2020 сылларга быһаарыллыаҕа диэн эрэннэрдилэр.

Ити кэнниттэн боппуруостарга киирдилэр. Нэһилиэнньэ олохтоохторо кыһалҕаларын этиннилэр. Ол курдук олохтоох тэриллии мунньаҕын депутат Н.А.Данилов муҥхалааһын боппуруоһун ыйытта: “Биир күөлү тоҕо хас да киһиэхэ биэрэллэрий? Бастакы түспүт биригээдэ балыгы сомсуон сөп, онтон кэлин кэлбиттэр уу отун орууллар. Ити хайдаҕый?”. Прокопий Афанасьевич итинник ис хоһоонноох боппуруос бэриллиэхтээҕин сабаҕалаан олорбутун эттэ уонна: “Бэйэҕит өттүгүтүттэн хааччахтааһын наада. Эбэтэр норуот хонтуруолун тэриниҥ, уопсастыбаннай сэбиэт да буоллун. Боломуочуйа ылаҕыт уонна хонтуруоллуугут. Эһиги оччоҕо госинспектор тэҥэ буола түһэҕит”, — диэбитин, нэһилиэнньэ утарда. Онно үп-харчы, кэлиитигэр-барыытыгар техника, уматык наадатынан иҥин ити боппуруос ыарахаттардааҕын эттилэр. Онон Прокопий Афанасьевич оччоҕо улууска баар күөллэр чопчу иэннэрин чуолкайдааһын кэнниттэн ити боппуруос көрүллэрин эттэ.

Улуустааҕы кыраайы үөрэтэр музей директора Е.А.Павлов: “Медицина сайынна, элбэх киһи олоҕо да уһаата. Ол эрээри мин биири эттэхпинэ сатаныыһы. Аныгы үйэҕэ куоракка билэр бырааһыҥ суох буоллаҕына, ыарахаттардаах эбит. Саха эрээри төрөөбүт тылларынан саҥарбат быраастар элбээтилэр”, — диир Егор Авксентьевич. Ыарыһаҕы аанньа ахсарбаккалар, сиһилии көрбөккөлөр быраастан бырааска, анализтан анализка сүүрдэннэр, бүтэр уһугар бу киһи олохтон барарын туһунан эттэ.

Маныаха Михаил Егорович бэйэтэ врач, хирург буоларын быһыытынан медицина итинник үлэһиттэрин кытта охсуһарын, үҥсүү сурук киирдэ даҕаны миэрэ ылылларын иһитиннэрдэ. Билигин хас балыыһа, регистратура аайы «горячай линия» телефоннара сыһыарыллан туралларын эттэ. Бу нүөмэргэ ким ыксаабыт, кыһалҕаҕа ылларбыт, уһаан-тэнийэн көрдөрүнэн эрэрин сабаҕалаабыт ыарыһах эрийэн көмө ыларын кэпсээтэ. Билигин медицина үлэһиттэрэ хамнастара үрдээбитин, онон ирдэбил да оннук буолбутун тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Салгыы Михаил Егорович биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр онкология ыарыыта 3-с миэстэҕэ турарын бэлиэтээтэ. Ол эбэтэр бастакы миэстэҕэ сүрэх уонна тымыр ыарыыта, 2-с миэстэҕэ тас дьайыыттан өлүү элбэҕин этэр. Ол эбэтэр, бэйэҕэ тиийинии, суол саахалыгар түбэһии (ДТП), баһаарга умайыы, тоҥон өлүү.

Олохтоохтор боппуруостарыгар бөлөх кыттыылаахтара чопчу эппиэти биэрдилэр. Ол курдук, музыкальнай оскуола, дьыссаат тутуутун түргэтэтии, Кэбээйитээҕи суолу оҥорор тэрилтэ хамнаһын хойутааһына, хаһыат хойутаан кэлиитэ уо.д.а. сытыытык турар боппуруостары дьүүллэстилэр. Бөлөх кыттыылаахтара Ил Дархан дьыссаат тутуутун эрэннэрбит буоллаҕына тылыгар туруоҕа, туттарыа диэн эттилэр. Музыкальнай оскуола норуот айымньытын киинин кытта холбоһук тутуулара эмиэ хамсыаҕа диэтилэр. Мелиорация боппуруоһугар ыарахаттардааҕын бэлиэтээтилэр. Нэһилиэк олохтоохторо оттуур сирдэр талаҕынан, дулҕанан былдьанан моһуоктар үөскээбиттэрин, ону тэҥэ өртөөһүн үлэтигэр бопсуу буолбутунан, кэккэ ыарахаттар тахсыбыттарын эттилэр. Арассыыйа үрдүнэн сири оҥоруу боппуруоһа кыалла илигин бөлөх чилиэттэрэ бэлиэтээтилэр уонна 2020 сылтан мелиорация үлэтэ сайдар таһымҥа турарын эттилэр.

Маны тэҥэ олохтоохтор улуустааҕы балыыһа быраастара сылга биирдэ эрэ кэлэн баралларын уонна онно да ситэ көрдөрбөккө хаалалларыттан хомойоллорун биллэрбиттэригэр, кылаабынай быраас Е.Е.Гуляев суол-иис мөлтөҕүнэн, айан суола турар кэмигэр быраастар улуус 16 нэһилиэгин кэрийэн көрөллөрүн, ону өйдүүллэригэр туһаайда. Онтон эмкэ-томко туттуллар кыра тэриллэр суол-иис мөлтөҕүттэн хойутаан хаалан балыыһаларга тиэрдиллибэтин быһаарда. Ону сэргэ Михаил Егорович балыыһаҕа сытар эрэ ыарыһахтар босхо эмтэнэллэрин, тастан эмтэнээччилэр бэйэлэрэ атыылаһан эмтэнэллэрин өйдөттө.

Онтон хаһыат хойутааһына билиҥҥи кэмҥэ үлэҕэ сылдьарын, кэккэ сылларга почтабанк баар буолуоҕа диэн сырдаттылар. Биир боппуруоһунан буолла В.Д.Полятинскай этиитэ. Кини ыйытар: “Балыыһабытыгар кардиолог наада. Сүрэх, тымыр ыарыыта наһаа элбээтэ уонна кыра операциялары тоҕо оҥорботторуй?”. Маныаха Михаил Егорович кардиолог быраас 4000 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа көрүллэрин эттэ. Онтон мини операция оҥоһуллар балыыһатыгар кэккэ штаттар наада буолалларын бэлиэтээтэ. Онон ити боппуруос олох кыаллыбат диэн быһаччы эттэ. Ыксал буоллаҕына, ханнык баҕар быраас суһал көмөнү оҥоруон сөптөөҕүн бэлиэтээтэ. Манна даҕатан, Михаил Егорович олохтоох балыыһаны баран көрбүтүн уонна эбии палаталары эбэргэ сүбэ биэрбитин кэпсээтэ.

Боппуруостар бүтэннэр этиилэргэ киири буолбутугар“Заречье” ОДьКХ директора Н.П.Софронеев этии киллэрдэ. Ол курдук, бастакытынан дьыссаат тутуутун күүскэ туруорсуу, иккиһинэн Саха сирин туспа бырагыраама гынарга.

Түмүккэ улуус баһылыга Игнатий Николаевич бырабыыталыстыба нэһилиэнньэ иннигэр отчуоттуур буолбута балачча буолбутун бэлиэтээтэ. Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба биһиги улууспутугар көмөтө элбэҕин тоһоҕолоон эттэ. Салалта үлэтин үчүгэй сыананан бэлиэтиирин этэн туран, куоластыырга ыҥырбытыгар мунньах кыттыылаахтара илиилэрин уунан биһирииллэрин биллэрдилэр. Бөлөх кыттыылаахтара Кэбээйи нэһилиэгин олохтоохторугар махтаннылар уонна этиилэргитин туруорсуохпут диэн мэктиэлээтилэр.

Михаил Охлопков салайааччылаах отчуоттуур бөлөххө СӨ ОДЬКХ ГУТ кылаабынай инженерин солбуйааччыта П.А.Кириллов, СӨ “Айан суолларын управлениета” тэрилтэ эксплуатация отделын начальнига С.И.Сметанин, СӨ хотугу төрүт дьарык сайдыытыгар уонна балык хаһаайыстыбатын комплексын отделын салайааччыта П.А.Кириллин, СӨ инвестицияҕа судаарыстыбаннай кэмитиэт сыана бэлиитикэтигэр отдел кылаабынай исписэлииһэ А.А.Аргунов, СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын үрдүкү референэ И.И.Алексеев уонна Кэбээйитээҕи айылҕа харыстабылын инспекциятын начальнига Д.В.Грузных, улуус баһылыга И.Н.Спиридонов, кылаабынай быраас Е.Е.Гуляев, “Заречье” ОДЬКХ ГУТ директора Н.П.Софронеев сырыттылар.