Ааспыт өрөбүлгэ, Силээннээх нэһилиэгэр, үөрүүлээх күн буолла. Киһи барыта сынньанар, бырааһынньыктыыр кэмигэр, дьоҥҥо кэрэни, үөрүүнү бэлэхтиир инниттэн туох баар талааннарын, дьоҕурдарын бүтүннүүтүн биэрэн туран умсугутуулаахтык үлэлиир дьон—култуура үлэһиттэрэ, анал күннэрин үөрүүлээхтик бэлиэтээтилэр.
Былырыыҥҥыттан саҕалаан, улуустааҕы култуура управлениета, бу бэлиэ күнү нэһилиэктэринэн сылдьан ыытарга быһаарыы ылыммыта. Итинник тэрийии туох көдьүүһү биэрэрий диэн ыйытыыга управление кылаабынай исписэлииһэ уонна методиһа Елена Барабанская маннык быһааран кэпсээтэ:
—Итинник дьаһаныы туһата улахан. Бастатан туран, бу култуура управлениета болҕомтотун уурда диэн үлэҕэ улахан тардыныы, сэргэхсийии баар. Итини сэргэ, култуура үлэһиттэрэ бэйэлэрин айар дьоҕурдарын, салайар талааннарын арыйаллар, практическай үлэнэн үөрүйэҕи атастаһаллар, ону таһынан семинар ыытыллар. Үлэһиттэр бэйэ-бэйэлэрин кытта чугастык билсэллэр. Холобур, бу билигин Тумат култууратын дьиэтин уус-уран салайааччы Христофор Горохов уонна Хайыр кулуубун эдэр исписэлииһэ, талааннаах ырыаһыт Игорь Болтунов көрсөн билистилэр, туох талааннаахтарын тургутуһан көрөн баран, үчүгэй бэйэлээх сценка туруордулар. Онон бэйэ-бэйэлэриттэн хардарыта туһаны ыллылар. Быйылгы түмсүүгэ суолбут суоҕа мэһэйдээн, былырыыҥҥытааҕар арыый аҕыйахпыт. Быйыл Ыччат сылынан сибээстээн, эдэр үлэһиттэри мунньа сатаатыбыт. Холобур, “Металлург” култуура дьиэтиттэн Евгения Груздева кыттыыны ылла. Хаһааччыйалар улахан бөлөҕүнэн кыттыахтаах этилэр да, хомойуох иһин, кыайан кэлбэтилэр.
Биһиги болҕомтобутун билигин үлэлии сылдьар дьоҥҥо эрэ буолбакка, бэтэрээннэрбитигэр эмиэ уурабыт. Быйыл Хаһааччыйаттан кэлбиттэрэ буоллар, бочуоттаах ыалдьыттарбытын, култуура бэтэрээннэрин, 70 сааһын туолбут Ирина Степановна Гуляеваны, Евдокия Никитична Филиппованы чиэстиэхтээх этибит. Депутатскайтан үбүлүөйдээх дьоннорбутун, Саргылана Ивановна Лебедеваны-үҥкүүһүт Саргыны, Николай Васильевич Аммосовы—баянист Коляны илдьэ сырыттыбыт. Маннык көрсүһүүлэргэ хайаан даҕаны үлэ түмүктэрэ, ситиһиилэр таһаарыллаллар. Бу да сырыыга оройуон култууратын сайыннарыыга дьоһун кылааттарын киллэрбит үлэһиттэргэ наҕараадалар туттарылыннылар. Ол курдук, Силээннээххэ бастакы ааҕар балаҕан бастакы сэбиэдиссэйигэр, култуура бэтэрээнигэр, 92 саастаах ытык кырдьаҕаска Пелагея Васильевна Батюшкинаҕа СӨ култуура министиэристибэтин бочуотунай грамотата үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарылынна, киниэхэ анаан ырыа дьиэрэйдэ. Ытык киһи билигин да сэнэх, долгуйан, үөрэн туран бэрт үчүгэйдик харда тыл эттэ.
Бырааһынньыкка улуустааҕы маассабай бибилэтиэкэттэн бастыҥ үлэһиттэр кытыннылар. Таптыыр үлэтигэр олоҕун 27 сылын анаабыт Виктория Николаевна Рожина СӨ култуура туйгунун үрдүк аатын ылан үөрдэ-көттө. Эмиэ үчүгэй үлэтин иһин бибилэтиэкэ исписэлииһигэр Валентин Суздаловка СӨ култуура министиэристибэтин бочуотунай грамотата туттарылынна. Дьахталлар “Далбар хотун-Упэнил” вокальнай ансаамбылын баянист-аккомпаниатора, уус-уран самодеятельность бэтэрээнэ Николай Васильевич Аммосов норуот айымньытын уонна искусство сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин култуура министиэристибэтин анал бэлиэтинэн наҕараадаланар чиэскэ тигистэ. Итини сэргэ, Силээннээхтээҕи “Дружба” култуура дьиэтин кэккэ үлэһиттэрэ туһааннаах наҕараадалары ыллылар. Манна даҕатан эттэххэ, бу дьиэҕэ эдэр исписэлиистэр кэлэн үлэлии сылдьаллара хайҕаллаах. Ол курдук, сынньалаҥы тэрийээччинэн Андрей Ефимов үрдүк таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар. Олохтоох кыыс Регина Климовская манна үлэлии-үлэлии үөрэммитэ уонна быйыл АГКИ режиссура салаатын кыһыл дипломунан үөрэнэн бүтэрэн, дьэ, ылсан үлэлээн эрэр.
Култуура үлэһиттэрин күнүгэр аналлаах тэрээһин икки күн устата салҕанна. Бастакы киэһэбитигэр “Дружба” култуура дьиэтигэр, кэлэктииптэр күүстэринэн холбоһуктаах кэнсиэр буолла. Кэнсиэри дьон олус сөбүлээтэ, астынна. Манна “Күбэйэ” дьахталлар вокальнай, “Нергэт” оҕо фольклорнай ансаамбыллара, култуура үлэһиттэрэ кытыннылар. Валентин Суздалов Марина Болтунованы кытта кэнсиэри салайан ыыттылар. Хайыртан эдэр үлэһиппит, үүнэн эрэр талааннаах ырыаһыт Игорь Болтунов дьон биһирэбилин ылыан ылла. Кини кэнсиэри олус киэргэттэ. Киин сиртэн кэлбит эстрада чаҕылхай ырыаһытын истэ олорор курдук сананаҕын. Куолаһа үчүгэйэ, кэрэтэ уонна бэйэтэ да туттан-хаптан болҕомтону улаханнык тардар. Саҥарара-иҥэрэрэ үчүгэйэ, бэйэтэ бэлэм конферансье. Онон бу күн биһиги уолбутун ыллатан истибит.
Иккис хонукпутугар Силээннээх үрэҕэр киирэн, күстэх күрэҕэр кытынныбыт. Онно эмиэ улахан тэрээһин ыытылынна. Күрэскэ управление эдэр үлэһитэ Ольга Курчатова күөх далай быйаҥын кимнээҕэр да элбэҕи хаптаран, барыбытын сөхтөрдө. Кини 80 күстэхтэннэ! Иккис миэстэҕэ 22 күстэҕи ылбыт Виктория Рожина эрэллээхтик таҕыста. Саамай улахан балыгы мин, Елена Барабанская хаптардым. Байанайбыт биһиэхэ мичик гыммытыттан үөрдүбүт. Киэһэ балаҕаҥҥа ыҥырыллан эмиэ ырыалаах-тойуктаах, элбэх эҕэрдэлээх, остуол хотойорунан толору астаах-үөллээх тэрээһиҥҥэ сырыттыбыт. Түгэнинэн туһанан, балаҕан ыалдьытымсах хаһаайкаларыгар ис сүрэхпититтэн үөрэн, астынан тураммыт, улахан махтал тылларын этэбит. Ону таһынан элбэх дьону үөрэ-көтө дьиэлэригэр түһэрэн аһаппыт, сынньаппыт дьиэлээх хаһаайыттарбытыгар, чуолаан, Дьячковская Юлия Семеновнаҕа, Климовская Мотрена Ивановнаҕа, Аммосов Борис Васильевичка, Рожина Ирина Алексеевнаҕа уо.д.а., ыалдьытымсах силээннээхтэргэ, барҕа махталбытын тиэрдэбит. Эһиэхэ туох баар кэрэни, үтүөнү, этэҥҥэ сылдьыыны, чэбдик доруобуйаны, үрдүк ситиһиилэри, дьолу баҕарабыт!
Дьэ ити курдук, култуура үлэһиттэрэ сылга биирдэ буолар бэлиэ күннэригэр, дьону-сэргэни сатаан сынньатары таһынан, бэйэлэрэ эмиэ туһалаахтык сынньаналларын көрдөрдүлэр.