Бу күннэргэ Депутскайга баара-суоҕа биэс эрэ саастаах кыысчаан ветераннар “Алгыс” кулууптарыгар кыттыылаахтарын кытта дуобакка тэбис-тэҥҥэ оонньоото. Оройуон биир бастыҥ оонньооччутун Р.Р. Ларионовы кытта кимиилээхтик кииристэ.
Мэҥэ-Хаҥаластан төрүттээх Ларионов Роман Романович Депутатскайга түөрт сыллааҕыта кэлбитэ. Кини, этэргэ дылы, спорт диэн баран муннукка ытаабыт киһи. Манна саастаах дьонтон дуобатчыттар хамаандаларын тэрийбитэ. Үс сыллааҕыта Хаһааччыйаҕа буолбут оройуон күрэхтэһиитигэр, Депутатскай хамаандатын састаабыгар киирсэн, иккис миэстэни ылбыттара.
Кини кэпсииринэн, бу кыра кыыс Шарина Галя диэн Мэҥэ-Хаҥалас Мэлдьэхси Суолатыттан сылдьар. Кини Усуйаана улууһун Дьүкээгир нэһилиэгиттэн төрүттээх. «Галя Мооруктааҕы оҕо саадыгар сылдьар. Оҕо саада оскуоланы кытта биир дьиэҕэ буолан, дьыссаат оҕолоро оскуола үөрэнээччилэрин кытта бииргэ дуобат секциятыгар сылдьаллар. Кыысчаан тренер Василий Куприянов салалтатынан дьарыктаммыта баара-суоҕа биир сыл буолбут. Биллиилээх тренергэ дьарыктанар буолан, оонньуур таһыма, биэс саастаах оҕо диэтэххэ, лаппа үрдүк, үһүс спортивнай разряд таһымыгар оонньуур быһыылаах«, — диэн кэпсиир Ларионов.
Уопсайынан, Суола дэриэбинэтигэр дуобат күүскэ сайдыбыт сирэ. Таарыйа кэпсиир буоллахха, суолалар Россия спордун маастара, Россия чемпиона Иван Семенов тренердиирин саҕаттан үчүгэйдэр. Аҥардас Степановтар диэн биир ыалтан түөрт уол спорт маастарыгар кандидаттар. Аҕыйах сылтан бэттэх бэйэлэрин уоллара Василий Куприянов ССРС спордун маастара буолбута. Бу сыл муус устарыгар Самара куоракка Проня Говоров диэн уоллара Россияҕа чемпион аатын сүгэн кэллэ. Аны сайын Орел куоракка Европа чемпионатыгар кыттыахтаах Проня Суола оскуолатын 3-с кылааһын үөрэнээччитэ.
Спорт хайа баҕарар көрүҥэр утумнааһын диэн баар. Манна эбии үчүгэй тренергэ түбэстэххэ, үрдүк көрдөрүү кэлэр. Бу биһиги кэпсиир Галябыт эһэтэ Томскай Семен Петрович дьүкээгирдэр баар-суох саахымаччыттара эбитэ үһү. Онон кырачаан дуобаччыт эһэтин утумнаан, остуол бу оонньуутун баһылаан, үрдүк чыпчаалларга дабайа турарыгар баҕарыллар.