Эдьигээҥҥэ Кыстатыам орто оскуолатыгар Николай Михайлович Котоконов роботехника курдук үөрэхтээһин биир көрүҥүн киллэрбит киһинэн буолар. Оҕолор бу сонун сүүрээни улаханнык сөбүлээн, Николай Михайловичтарын арахпакка тулалыыр, үөрэххэ, дьарыкка үөрүүнэн сылдьар буолбуттар.
Николай Михайлович Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх. Кэргэнинээн Туйаара Сергеевналыын СӨ үөрэх министиэристибэтин нөҥүө дуогабарынан кэлэн үлэлии сылдьаллар.
— Дьиҥинэн, мин роботехниканы үөрэтэргэ анал үөрэҕим суох. Манна кэлээппитин кытта, бу хайысхаҕа ылсан үлэлэс, наадалаах матырыйааллар барыта бааллар диэн эппиттэригэр сөбүлэһэн үлэлэспитинэн барбытым. Үөрэтэр оҕолорбун кытта тэбис-тэҥҥэ интэриэһиргээн, үөрэтэн роботехниканы баһылаан киирэн барбыппыт. Саамай кылаабынайа — оҕолор өттүлэриттэн улахан интэриэс баар. Билэ-көрө, бу көрүҥү баһылыы, оннук оҥоруохха, маннык гыныахха диэн өрө көтө сылдьаллара үөрдэр, киһини биир сиргэ туруорбаттар, — диэн Николай Михайлович кэпсиир.
Кыстатыам оскуолата роботехникаҕа бастакы улахан ситиһиитинэн – өрөспүүбүлүкэтээҕи «Robofest» күрэхтэһиигэ кыттыылара буолар.
— Ити 2015 сыллаахха этэ. Онно сылдьан дьону кытта билсэн, атын оскуолалары кытта кэпсэтэн, сүрдээх улахан үөрүйэхтэммиппит. Роботехника уратытын билбиппит. Бу хайысха биир сиргэ тохтоон турбат айылгылаах эбит. Сүрдээх тэтимнээхтик, түргэнник сайдан иһэр. Ол аайы программаҕын, техникаҕын, сорудахтаргын барытын саҥардан иһиэхтээххин. Саҥа хайысхалары баһылыырга тыа оскуолатыгар кыаллыбата элбэх эбит диэн көрбүтүм. Онон программабын уларытан, чопчу биир бырайыагы ылан, этэргэ дылы, баар матырыйаалларынан үлэлиир наада эбит диэн быһаарыммытым. Уонна ити сыл сайыныгар өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогтар дьаарбаҥкаларыгар «Хоту сир үгэстэрэ — роботехникаҕа» диэн бырайыагы оҥорон көмүскээбитим. Үөрэх министиэристибэтэ үлэм бу хайысхатын сэҥээрэн, анал номинацияны туттарбыта. Онтон үөрэммин, эрчимирэн, суолбун-ииспин дьэ булуннум диэн саҥалыы тыыннанан үлэлии сылдьабын. Биир кэмҥэ Эдьигээн орто оскуолатыгар үлэлии сылдьыбытым. Онно Андрей Владимирович Иванову кытта роботехникаҕа бииргэ үлэлээбиппит. Оройуоннааҕы техническай быыстапкаҕа алта оҕобут үлэтэ лауреат, бастакы, иккис, үһүс степеннээх дипломант буолбуттара, — диэн үлэлэрин-хамнастарын хаамыытын сырдатар.
Быйыл ХХ-c төгүлүн ыытыллыбыт «Инникигэ хардыы» өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай конференцияны сэргэ, Дьокуускайдааҕы политехническай лицей базатыгар «От ученических исследований до научных открытий» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи политехническай конференция ыытыллыбыта. Бу улахан түһүлгэҕэ Кыстатыам орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Дима Семенов 30-ча оҕоттон үһүс степеннээх дипломант буолбута учуутал быйылгы сылга биир улахан ситиһиитэ.
Доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго роботехника олус наадалааҕын төрөппүттэр кытта өйдөөбүттэрин Николай Михайлович бэлиэтиир. Оҕо роботехниканы тутан-хабан, хас биирдии тарбахтарын сайыннарар, ол түмүгэр толкуйдуур дьоҕура түргэтиир, үөрэҕи ылынарыгар чэпчэки буолар. Былырыын Илларион Ильиновы кытта үлэлээн, «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуулары көрсө ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ бастакы миэстэни ылбыттар.
— Дьоҕурдаах оҕолор элбэхтэр, ону таба көрөн сайыннарарга роботехника олус туһалыыр. Киһи үлэлээн истэҕин аайы бэйэтигэр ирдэбилэ үрдээн, үлэтин хайысхата кэҥээн иһэр эбит. Саамай кылаабынайа, сатаабаппын, кыайбаппын диэн бэйэҕин хаҥыннаран кэбиһимиэххэ наада. Билигин аҥардас биир бырайыакпытынан 20-чэ үлэни оҥорон таһаардыбыт. Өссө оскуолабытыгар роботехника быыстапкатын оҥорор былааннаахпыт, үөрэнээччилэрим онно турунан, кыһаллан бэлэмнэнэллэр, — диэн эдэр учуутал кэпсээнин түмүктүүр.
Котоконовтар Кыстатыам сиригэр-уотугар дьиэ-уот атыылаһан, бэйэлэрэ туспа «Бураннанан» тирэхтээхтик оҥостон олороллор. Икки уол оҕолоох кэлбит эдэр ыал, бу хоту сиргэ үһүс уолларыгар күн сирин көрдөрбүттэр. Онон Котоконовтар Кыстатыамы кытта ыкса ситимнэнэн олороллор.
— Үлэлииргэ, олорорго усулуобуйа баар. Олохтоох уолаттары кытта билсэн, булка-алка тэҥҥэ сылдьабын. Дьиэ кэргэним Кыстатыамы сөбүлүүр. Икки улаханым оҕо саадыгар сылдьаллар, кэргэним физика, информатика учууталынан үлэлиир, — диир оҕолор тапталларынан тулаламмыт, робототехника курдук ураты дьарыкка уһуйбут тыа сирин учуутала.