Кыстатыамнар туруорсуулара туолан иһэриттэн санаалара бөҕөх

380

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Алексей Колодезников салайааччылаах отчуоттуур бөлөх олунньу 7 күнүгэр Эдьигээн оройуонун Кыстатыам нэһилиэгэр үлэлээтэ. Ааспыт 2016 с. өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһа туох үлэни ыытан кэлбитин, тугу ситиспитин, баар кыһалҕалар, инники соруктар тустарынан Алексей Колодезников нэһилиэк олохтоохторугар кэпсээтэ.


Алексей Зосимович бэлиэтээбитин курдук, олунньу ый устата өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата Саха сирин бары улуустарын нэһилиэктэригэр сылдьан, отчуоттуур мунньахтары тэрийэр, олохтоохтору кытта көрсөр, санааларын истэр.

Ил Дархан Е.А. Борисов Россия Президенэ В.В.Путины кытта көрсүһүүтүгэр үлэ бу көрүҥүн туһунан отчуоттаан, Россия баһылыгыттан улахан сэҥээриини ылбыта. Россия үрдүнэн ситэриилээх былаас отчуота биһигини сэргэ Ростовскай уобаласка эрэ ыытыллар. Манна даҕатан эттэххэ, үлэ бу хайысхата өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар көдьүүһэ улахан. Отчуот түмүгүнэн нэһилиэнньэ этэр санаатын, туруорсар боппуруоһун учуоттаан, боротокуол оҥоһуллар. Ол сүнньүнэн оройуон дьаһалталарын кытта кулун тутар ыйга бииргэ үлэлиир Сөбүлэҥҥэ илии баттаһабыт, — диэтэ Алексей Колодезников.

Үп-харчы өттүнэн уустук балаһыанньалаах кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ бэйэтин эрэллээхтик сананар. Таас чох, нефть, гаас хостооһунугар көрдөрүүбүт үрдүк, алмаас, көмүс хостооһунугар кыра намтааһын баар. Социальнай суолталаах өйөбүллэри оҥорууга өрөспүүбүлүкэ бары эбэһээтилистибэтин толорор уонна толоруоҕа даҕаны, — диэн Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы бэлиэтээтэ.

Санаалар, ыйытыылар

Санаа атастаһыыта, боппуруостары биэрии чааһа саҥа оскуола тутуутуттан саҕаланна. Бу ыйытыыга СӨ үөрэх уонна наука миниистирин солбуйааччы Эдуард Кондратьев:

2020 с. нэһилиэккэ 90 миэстэлээх (60 миэстэ — оскуола, 30 — уһуйаан) оскуола-уһуйаан тутуллан үлэҕэ киирэр. Бу суолталаах тутуу инвтестиционнай бырагырааманан ыытыллар. Онон бырайыактыыр-сметнай докумуонун бүтэрэ охсун, — диэн хоруйдаата.

Салгыы Алтайтан кэлэн иккис сылын нуучча тылын уонна литературатын үөрэтэ сылдьар Римма Чичиекова исписэлиистэр олорор дьиэлэрин усулуобуйатын тупсарары туруоруста. Кини Алтайтан үлэлии кэлбитин отчуоттуур бөлөх салайааччыта сэрээтэ:

Кыстатыам оскуолата педагогическай кадрдарынан сүүс бырыһыан хааччыллан олороро олус үчүгэй. Манна Алдан Хатыыстыырын ааһан Алтайтан тиийэ учууталлар кэлэн үлэлии сылдьаллар эбит. Биллэн туран, бу түмүгэр үөрэх хаачыстыбата тупсуохтаах. Быйыл «Мин Сахам сирэ — XXI үйэҕэ» бырагырааманан исписэлиистэргэ анаан түөрт кыбартыыралаах олорор дьиэни тутуохпут, — диэтэ.

Оскуола үлэһитэ Елена Мыслевченко нэһилиэккэ быраас суоҕун туһунан туруорсубут тыын суолталаах боппуруоһун болҕомтоҕо ылан быһаарыах буоллулар. Онтон кырдьаҕас табаһыт Аполлон Ильинов оройуон дьаһалтатын отчуотуур мунньаҕар сылдыбатаҕын этэн туран тыа хаһаайыстыбатыгар, чуолаан таба иитиитин туһунан баһылык Алексей Мандаровтан ыйыталаста.

Быйыл 100 табаны Булуҥтан атыылаһан аҕалабыт, харчыта — 1 мөл. 400 тыһ. солк. төлөнөн турар. Дьыалабыай тахсыыбытын киһи киһиэхэ кэпсээбэт. Тоҕо диэтэххэ киһи кыбыстар сыыппарата, баара эрэ 28 бырыһыан. Ол гынан баран, табаһыттар хаһаайынныы сыһыаннаахтар, үлэлиир баҕалаахтар. Ааспыт сылга ыстаадаҕа үлэлии тахсар алта эдэр киһиэхэ нолуогун ааҕан туран, хас биирдиилэригэр 60-нуу тыһ. солк. төлөөбүппүт. Табаһыт олоҕун көрдөрөр туристическай бааза бытааннык да буоллар, оҥоһуллар.Сүөһүлээхтэр ынахтарын көрөллөрүгэр 30 тыһ. солк. көмөнөн туһаналлар, — диэн баһылык хоруйдаата.

Салгыы таба иитиитин тула кэпсэтиини Арктика дьыалаларыгар государственнай кэмитиэт бэрэссэдэтэлин бастакы солбуйааччы Иван Павлов салҕаата:

2016 с. оройуоҥҥа таба иитиитигэр 23 мөл. солк. кэлбитэ. Балыктааһыҥҥа эмиэ балачча үп-харчы, субсидия көрүлүннэ. Эдьигээҥҥэ 22 мөл. ледник тутуллар. Быйылгыттан ыла таба иитиитигэр харчы табаһыт ахсаанынан буолбакка, таба төбөтүн ахсаанынан төлөнөр буолла. Аны таба иитэр ыстаадалар ханнык зонаҕа сыталларын көрөн тус-туспа ставкаларынан төлөнөр буолуо. Холобур, стандарка эппиэттээбэт бэһис зона бүддьүөттэн эбии көмө ылар буолуо. Эдьигээн оройуонугар таба иитиитин көрдөрүүтэ 2016 с. түмүгүнэн мөлтөх. Сэттэ хаһаайыстыба баарыттан былаанын баара-суоҕа биир эрэ хаһаайыстыба толордо. Уопсайынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 156 тыһ. табалаахпыт. Онуоха быйыл таба ахсаанын түһүүтэ таҕыста. Ол эрээри, кэлэр сылтан табаһыттары өйүүргэ саҥа ньымалар киирбиттэрин суотугар көрдөрүү тупсуохтаах. Быйылгы бүддьүөккэ таба иитиитигэр көрүллэр үп ааспыт сыллааҕар 40 бырыһыанынан (!) улахан. Маныаха Ил Дархан Егор Борисовка, норуот депутатыгар Елена Голомареваҕа, ситэриилээх былаас уорганнарыгар махтанабыт. Булт чааһыгар улахан уларыйыы усох. Балыктааһыҥҥа бэриллэр субсидия үрдээтэ: сордоҥ, сыалыһар соҕотуопкаланар сыаната — 40 солк., уомул, чиир — 30 солк. Кыстатыамҥа балык соҕотуопкатыгар «Байкал» диэн тэрилтэ үлэлэһэр, 2017 сылтан чопчу былааннарын олоххо киллэриэхтээх.

СӨ гражданскай уопсастыбатын институттарын сайыннарыы миниистирин солбуйааччы Лена Иванова коммерческайа суох аҕа ууһун общиналара диэн статустаах общиналар ортолоругар 500 тыһ. солк. диэри Грант көрүллэрин туһунан иһитиннэрдэ. АКМНС Кыстатымнааҕы салаатын салайааччы Мария Григорьева аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттарга балыктааһыҥҥа квота көрүллүбэтин туһунан уонна тыатааҕы мэнээктээбит кэмигэр лицензията суох олорон куттал суоһуур түгэнигэр хайдах көмүскэнэбит диэн икки боппуруоһу көтөхтө. Бу ыйыыталар сүнньүлэринэн аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ сыһыарылыбыт сирдээх буоллахтарына киирэн холкутук балыктыыр кыахтаахтар, онтон тыатааҕы кутталы үөскэтэр түгэнигэр, олорон биэрбэккэ, нэһилиэк дьаһалтатын кытта бииргэ үлэлээн, акт оҥорон, бултуур көҥүллэнэрин эттилэр.

Саха ынаҕын элбэтиигэ үлэлэһэр Варвара Корякина кыһалҕатын ыйыталаста. Кини былырыын Куонара учаастагыттан биэс төбөнү атыыласпыт эрээри, оҕуһу кытта биир төбө сүөһүтүн сүтэрбит. Онон оҕус атыылаһарга көмө оҥоһуллуо дуо диэн чопчуласта. Ити көрдөһүүтүгэр кини өскөтүн ол атыылаһыллыбыт оҕуһу сүтэриэм суоҕа диэн сүүс бырыһыан эрэннэриини биэрэр түгэнигэр, боппуруос быһаарыллыан сөп диэн хоруйу ылла.

Оҕо саадын үлэһитэ Мария Васильева сайын уу суолунан “Механик Кулибин” теплоходтан атын техника сылдьыан сөп дуо диэн ыйытыытыгар, билигин ити боппуруос кэтээн көрүү, үөрэтии таһымыгар сылдьарын бэлиэтээтилэр. Итиэннэ оройуон уонна нэһилиэктэр икки ардыларыгар сайыҥҥы кэмҥэ сырыыны олохтуур сыаллаах 12 миэстэлээх катер ылыллыбытын туһунан эттилэр.

Ил Түмэн народнай депутата Елена Голомарева Арктиканы сайыннарыы бырагыраама чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ хоту уулустарыгар элбэх көмө оҥоһулларын туһунан этэр. “Эдьигээннэр, эһиги олус үчүгэй транспортнай схемалаах оройуоҥҥут. Ону сайдыыга туһаайан туһаннаххытына инники күөҥҥэ тахсыаххыт”, — диэн бэлиэтээтэ.

Кыстатыам нэһилиэгин баһылыга Надежда Сергеева: “Дьокуускай куоракка нэһилиэк баһылыктарыгар аналлаах мунньахтарга сылдьан кэллибит эрэ, нэһилиэнньэҕэ кэпсиибит. Онон дьон-сэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ туох үлэ ыытылларын истэ-билэ олорор. Биһиги дьоммут туруорсуута сылтан сыл үрдээн иһэр, киһи үөрэрэ диэн ол барыта олоххо киирэр. Саҥа ДЭС, котельнай үлэҕэ киирдэ. Аны оскуолабыт тутуута саҕаланыа. Чааһынай дьиэлэри ититэр ситимҥэ холбонуу үлэтэ ситэ кыайтара илик. Быйылгы сылга Южнай уулуссаны барытын холбуур соруктаахпыт. Олохтоохтор аны дьиэ толору хааччыллыылаах буоларын туруорсан эрэллэр”, — диэтэ, туруоруллубут ыйытыылар сөптөөхтөрүн бэлиэтээтэ.

Отчуоттуур бөлөх нэһилиэк сайдыыта кэнчээри ыччаттары кытта сыһыаннааҕын этэн туран, олохтоохтор иннилэригэр оҕо төрөөһүнүн ахсаанын элбэтэр соругу туруорда. Быйыл оскуолаҕа — сэттэ, ааспыт сылга -тоҕус оҕо киирбит. Аны, олохтоох ФАП-ка сылдьан, быйыл биэс ийэ буолар дьахтар учуокка турарын үчүгэй диэтилэр. Түмүккэ, олохтоохтор СӨ Бырабыыталыстыбата 2016 сылга ыытан кэлбит үлэтин биһирээтилэр.