Өлөөн сэлиэнньэтин «Илкит» культурнай-спортивнай кииҥҥэ Саха Республикатын Правительствотын 2017 сыллааҕы үлэлэрин отчуота буолла. Бөлөҕү бэрэссэдээтэли бастакы солбуйааччы Алексей Зосимович Колодезников салайда. Олохтоохтор түөлбэлээн олорор сирдэригэр үлэлиир бөдөҥ промышленнай тэрилтэлэр социальнай эбэһээтэлистибэлэригэр чуолкайдастылар.
Дакылаатчыт Саха Республикатын Правительствотын 2017 сылга эригийиэн оҥоруулаах күүстэрин сайыннарыыга, нэһилиэнньэ олоҕун саҥа таһымҥа таһаарыыга, производство саҥа көрүҥҥэрин баһылааһыҥҥа, тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын сайыннарыыга уонна социальнай сайдыы тэтимин үрдэтиигэ ыытыллыбыт үлэ сүрүн хайысхаларын билиһиннэрдэ. Саха Республиката бэйэтин социальнай-экономическай сайдыытын тэтиминэн Уһук Илин федеральнай уокурукка 2016 сыл түмүгүнэн бастакы миэстэҕэ тахсыбыта, эригийиэн инники сайдыы суолларын сөптөөхтүк тутуһан иһэрин көрдөрөрүн ыйда. 2018 сылга Саха Республикатын социальнай-экономическай сайдыытын стратегиятын 2030 сылга диэри Концепцията оҥоһуллуохтааҕын бэлиэтээтэ.
Дакылаатчыт Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун муниципальнай тэрээһинин үлэтэ-хамнаһа кэлин сылларга лаппа тупсубутун бэлиэтээн, 2016-2017 сылларга оройуон хотугу оройуоннар бөлөхтөрүгэр бэйэтин социальнай-экономическай сайдыытын тэтиминэн бастакы миэстэҕэ тахсыбыта уонна XX-с спорт национальнай көрүҥҥэригэр ыытыллыбыт Баһылай Манчаары аатынан спартакиадаҕа бастакы күөҥҥэ тахсыбыта буоларын бэлиэтээтэ. Дакылаатчыт оройуон сиригэр-уотугар сир баайын хостуур улахан промышленнай тэрилтэлэр үлэлэрин саҕалаабыттарынан сибээстээн, республика Правительствотын өттүттэн оройуон дьаһалтатыгар промышленнай тэрилтэлэри кытта өр сыллаах бииргэ сөбүлэһии түһэрсэллэригэр көмөлөһөр былааннаахтарын иһитиннэрдэ.
Салгыы Өлөөн сэлиэнньэтин олохтоохторо Саха Республикатын Правительствотын оробуочай биригээдэтин чилиэннэригэр инники сайдыыны торумнуур элбэх ахсааннаах боппуруостары туруордулар уонна отчуот сүнньүнэн бэйэлэрин көрүүлэрин, этиилэрин киллэрэн санаа атастаһан тыл эттилэр.
Отчуоту дьүүллэһиигэ кыттыбыт Өлөөн сэлиэнньэтин олохтоохторо сүрүннээн оройуоҥҥа үлэлии кэлэр промышленнай тэрилтэлэри кытта өр сыллаах дуогабар түһэрсэн үлэлээһиҥҥэ СР Правительствотын өттүттэн көмө наадатын туруордулар уонна толоруулаах былаас ыытар үлэтин биһирииллэрин биллэрдилэр. Ол курдук Томтор Таастааҕы айылҕа сэдэх тимир баайдаах сирин туһаҕа таһаарар «Ростехнология» судаарыстыбаннай хампаанньаны кытта Саха Республикатын Правительствота, Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон кыттыылаах акционернай уопсастыбаны тэрийии боппуруоһун быһаарар булгуччу наадалааҕын туруордулар.
Маны сэргэ отчуоту дьүүллэһиигэ кыттыбыт сэлиэнньэ олохтоохторо Удачнай-Өлөөн-Дьэлиҥдэ-Үрүн Хайа оптоволоконнай ситим (линия) тутуутун, ОАО Сбербанк оҥорор өҥө хаачыстыбатын тупсарыыга, оператордары элбэтиини, саҥа банкоматы туруорууну, орто оскуолата биир сменаҕа киириитигэр анаан эбии тутуу (пристрой) ыытар наадалааҕын, Өлөөн сэлиэнньэтигэр тутулла турар этнокультурнай Киин тутуутун үбүлээһинин боппуруоһун быһаарыы, саҥа тутулла турар Өлөөннөөҕү ДЭС тутуутун түргэтэтии боппуруоһа, үөрэх салаатын үлэһиттэригэр анаан эдэр исписэлиистэргэ уопсай дьиэ тутуутун боппуруоһа, «Почта России» дьиэтин тутуу, санитарнай авиация үлэтин тупсарыы, Өлөөн сэлиэнньэтигэр сэллиги эмтиир дьиэ тутуутун, Харыйалаахтааҕы кырдьаҕастары уонна инбэлииттэри көрөр-истэр Кииҥҥэ эбии тутууну ыытыы, доруобуйаларынан хааччахтаммыт оҕолору үөрэхтээһин, Удачнай – Өлөөн суолун тутуутун былааннааһын курдук оройуон олохтоохторун олохторун таһымын хаачыстыбатын тупсарыахтаах боппуруостары көтөхтүлэр.
Киэһэ өттүгэр чөл олоҕу уруйдаан волейболга оройуон дьаһалтатын уонна миниистирдэр кыттыылаах доҕордуу оонньуулар эрчимнээхтик ыытылыннылар. Иккис күн Алексей Колодезников улуус баһылыгынаан тутуу барыахтаах объектарыгар, сбербаҥҥа сылдьан терминал боппуруостарын билистилэр. Оттон миниистирдэр солбуйааччылара олохтоохторго тус кыһалҕаларынан прием ыыттылар. Бу күн тэҥҥэ СР Правительствотын председателин бастакы солбуйааччыта А.З.Колодезников салайааччылаах бөлөх Кирбэй национальнай нэһилиэгэр, СР контрактнай систиэмэтин государственнай комитетын бэрэссэдээтэлэ Александр Попов салгын транспорынан Ээйиккэ, СР гражданскай уопсастыба сайдыытын институтун министирин солбуйааччы Иванова Л.С. массыынанан айаннаан ыраах сытар Дьэлиҥдэ нэһилиэгэр Правительство отчуотун туруордулар.