Маҕараска уонна Бэрдьигэстээххэ интернет түргэнэ тэтимирдэ

166

Горнай улууһугар Маҕарас уонна Бэрдьигэстээх сэлиэнньэлэригэр оптоволоконнай сибээс киириитэ, сайдыы биир сүрүн хайысхатын быһыытынан сыаналанар. Дьон интернет түргэнэ тэтимирбитин бэлиэтииллэр.


Бэрдьигэстээххэ б.дь. кулун тутар 16-гар, араадьыйаны айбыт улуу учуонай А.С.Попов төрөөбүт күнүгэр, оптоволоконнай сибээс киириитин үөрүүлээх арыллыыта ыытылынна. Бу кэмҥэ Маҕараска икки, улуус киинигэр 24 тэрилтэ түргэн интернеттэнэн, кинилэргэ аан дойду барыта ааннарын арыйан киирэн кэлбитин курдук буолла.

Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Ю.А.Алексеев салайааччылаах бөлөх ыалдьыттары Бэрдьигэстээх киириитигэр көрүстэ, дьаралыкпытыгар ойууламмыт тайахпыт аттыгар хаартыскаҕа түстүлэр. Онтон оптоволокнону киллэриини быһаччы олохтоспут СӨ «Телевидениетин уонна араадьыйанан биэриитин техническэй киинэ» (ТЦТР) ГУП Горнай улууһунааҕы сибээһин территориальнай узелыгар сылдьан көрдүлэр-иһиттилэр, саҥаны киллэрии хайдах ыытыллыбытын, туох кыһалҕалар баалларын, инники үлэлэрин быһаарыстылар.

Салгыы ыаллартан бу кэмҥэ аан бастакынан оптоволокно сибээһинэн хааччыллан олорор юрист М.Е.Алексеев дьиэ кэргэнигэр ыалдьыттаатылар. Компьютерын холботон, интернетэ хайдах үлэлиирин, төһө түргэтээбитин быһаарыстылар. Үөрүүлээҕэ диэн ТЦТР салалтатын аатыттан киниэхэ биир ыйы быһа төһө баҕарар интернеккэ киирэн, босхо туһанарын иһитиннэрдилэр.

Итинтэн салгыы ыалдьыттар оҕолор реабилитационнай кииннэригэр сылдьыылара, икки өттүттэн соһуччу уонна туһалаах да түгэннэрдээх буолла. Оҕолор бэйэлэрэ интернет киириитигэр анаан бэлэмнээбит хоһооннорун, олус чобуотук аахтылар, интернет туһатын көрдөрөр илиинэн оҥоһуктарын кытта бэлэхтээтилэр.

100 сааһа бэлиэтэнэр норуот поэта Семен Данилов аатынан орто оскуолаҕа, түргэн интернет холбоммута хайыы-үйэ туһалаан эрэрин, дистанционнай үөрэхтээһини ыыта, оҕолор дьарыктана олороллорун көрдөрдүлэр.

«Үлэ күүһэ» хаһыат редакциятыгар сылдьан «Бэчээт музейын» бэркэ сэргээтилэр, сонурҕаатылар. Хайдах үлэлии-хамныы олорорбутун, үп-харчы өттүнэн турукпутун, хаһыакка суруйтарыыны ыйыталастылар.

Оптоволоконнай сибээс киириитин үөрүүлээх чааһа улуус дьаһалтатын дьиэтигэр ыытылынна. Бу тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар: А.И.Борисов – СӨ сибээһин уонна информационнай технологиятын миниистирэ, В.З.Петров – «Сахателекоммуникация» ХЭТ генеральнай дириэктэрэ, А.И.Ребров – СӨ телевидениетин уонна араадьыйатын техническэй киинин дириэктэрэ, А.И.Ноев – «Сахамедиа» АУо генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы о.д.а.

Улууска сибээс сайдыытын туһунан баһылык бастакы солбуйааччыта, дьаһалтаттан бу үлэҕэ эппиэттээх тэрийсээччи Ю.А. Алексеев сүрүн иһитиннэриини оҥордо. Кини 1932 с. кулун тутар 27 күнүгэр сибээс агенствота тэриллиэҕиттэн, сайдыы хайдах, ханнык кэрдиис кэмнэринэн барбытын, онно кимнээх үлэлээбиттэрин билиһиннэрэн, улууска сибээс сайдыытыгар элбэх үлэ ыытыллыбытын, историята үөрэтиллибитин, манна суолта бэриллибитин итэҕэттэ.

Ити кэнниттэн тута Горнай улууһугар оптическай-волоконнай сибээһи үөрүүлээхтик холбооһун саҕаланна. Улахан экран бу түгэҥҥэ кыттыыны ылааччылары, түөрт гына арааран көрдөрө турда. Сибээс министиэристибэтин актовай саалатыттан миниистири солбуйааччы П.П.Неустроев видеоконференция режиминэн тахсан, овтоволокно билиҥҥи түргэнин мээрэйдииргэ этэр, ол мониторга кырата тута көстөн турар. Кини миниистиргэ Дьокуускай — Маган — Маҕарас — Бэрдьигэстээх овтоволоконнай сибээһэ холбонорго бэлэмин иһитиннэрэр. Оттон миниистир «Каналы холбооҥ» диэтин кытта, түргэнэ эмискэ сыыйа улаатан таҕыста. Саалаҕа дохсун ытыс таһыныыта.

Миниистир түргэн интернети холбооһуҥҥа үлэлэээбиттэргэ махтанан туран маннык эттэ:

— Биһиги Семен Данилов аатынан оскуолаҕа сылдьан, оҕолор үрдүк технологияҕа сыһыаннаан тугунан дьарыктаналлар эбитий диэн көрдүбүт-иһиттибит. Оҕолор робототехниканан дьарыктаналларын бэркэ сэргээтибит. Хайы-үйэ М.К.Аммосов аатынан ХИФУ-тан улуус баһылыга Н.В.Андреев ыҥырыытынан, дуогабарга олоҕуран, аһаҕас үөрэтэр портал нөҥүө, дистанционнай үөрэхтээһини ыыта олороллор. Элбэх баҕайы учууталлары мунньубуттар. Көдьүүстээх үлэ тута саҕаламмыт.

Бу күннэргэ ити оскуола икки үөрэнээччитэ республикатааҕы инновационнай куоҥкуруска кыайыылаах тахсыбыттарын кэпсээтилэр. Оҕолор олоҥхолууллар, туойаллар. Ону сахалыы национальнай музыкальнай инструменнарынан сайдыылаах аныгы технология бэйэтэ доҕуһуоллуур. Ким да илиитинэн, атаҕынан көмөлөспөт. Бу олус дьикти, сонун, кими баҕарар интэриэһиргэтэр.

Көрсүбүт дьоммут, тэрилтэлэр үлэһиттэрэ биһиэхэ түргэн интернет кэллэ, ону дьэ көдьүүстээхтик туһаныахпыт, сайдыахпыт-үүнүөхпүт диэн санаалара көтөҕүллүбүтүн биллэрэллэрэ, биһиэхэ олус үөрүүлээх.

Горнайга оптоволокнону киллэриигэ бюджеттан үп-харчы ороскуоттаммата. Барыта чааһынай инвестортан барда. Аны Бэрдьигэстээх барыта холбоммутун кэннэ, федеральнай суол кытыытыгар сытар Кировскай, Маҥаны нэһилиэктэригэр үлэ эмиэ ыытыллыа.

Онон улууска түргэн интернет киириитигэр быһаччы үлэлэспиттэргэ, улуус, нэһилиэктэр салалталарыгар махтанабыт.

Мантан салгыы миниистир А.И.Борисов сибээс бэтэрээннэрин, бастыҥнары, бу үлэҕэ быһаччы кыттыбыттары наҕараадалаата:

«СӨ сибээһин Бочуоттаах үлэһитэ» бэлиэнэн бастакы кылаастаах почтальон С.С.Леонтьеваны, Бочуоттуур грамотанан электро-сибээс инженердэрин Р.С.Ефремованы, И.И.Захаровы, ТЦТР ГУП Горнай улууһунааҕы сибээһин узелын начаалынньыгын А.Д.Санниковы, Бэс Күөлүн почтатын сибээһин отделениетын начаалынньыгын Е.С.Васильеваны.

«Горнай улууһа» МО дьаһалтатын баһылыга Н.В. Андреев наҕараадаларын туттартаата:

«Горнай улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэни – миниистир А.И.Борисовка, «Сахателеком» Горнайдааҕы филиалын специалиһыгар Б.К.Андреевка, улуус Бочуоттуур грамотатын – «Сахателекоммуникация» ХЭТ генеральнай дириэктэригэр В.З.Петровка, ТЦТР ГУП генеральнай дириэктэрин бизнеһи сайыннарыыга солбуйааччытыгар Г.П.Афанасьевка, улуус дьаһалтатын Махтал суругун ТЦТР ГУП генеральнай дириэктэригэр А.В.Коровиҥҥа.

Мантан салгыы «Бэрдьигэстээх нэһилиэгэ» МТ дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы А.Г.Аргунов нэһилиэккэ сибээһи сайыннарыыга кылаатын иһин, СӨ сибээһин уонна информационнай технологияҕа миниистиригэр Александр Ильич Борисовка, Бэрдьигэстээх нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо буолбутун иһитиннэрдэ, ону туоһулуур лиэнтэни кэтэттэ. ТЦТР ГУП бырайыактааһыҥҥа уонна тутууга управлениетын начаалынньыгар А.Ю.Барашковка нэһилиэк Бочуоттуур грамотатын, «Волгостройкомплект» ХЭТ генеральнай дириэктэригэр П.В.Григоровка нэһилиэк баһылыгын Махтал суругун туттарда.

Оттон «Одуну нэһилиэгэ» МТ дьаһалтатын баһылыга И.С.Петров Бочуоттуур грамотанан ТЦТР ГУП генеральнай дириэктэрин солбуйааччыны, техническэй дириэктэри А.И.Ребровы бэлиэтээтэ, туртас лицензията бэриллэрин иһитиннэрдэ.

Аны салгыы Андрей Иванович наҕараадаларын туттаран баран, тэрилтэтин презентациялаата, үлэ туһунан сиһилии билиһиннэрдэ. Бу Горнай улууһун историятыгар киирэр күҥҥэ, мантан да атын элбэх наҕараада ананна.