Улуус олоҕо: Маалтааныга уһун үйэлээх ини-бии Алексеевтар олороллор

574

Горнай улууһугар Маалтааны нэһилиэгэ уһун үйэлээхтэр уутуйан олороллорунан аатырар. Ол курдук, манна 70-80 диэри саастаах 25 киһи, 81-90 саастаах13 киһи, 91 үөһээ саастаах 2 киһи олорор. Кинилэр ортолоругар Алексеевтар диэн бииргэ төрөөбүт кырдьаҕастар бааллар. Бииргэ төрөөбүттэртэн кыраларын Сэмэн дьиэтигэр ытык кырдьаҕастары кытта сэһэргэһэр кыахтанныбыт. Дьоммут үһүөн хоп курдуктар, чэмэлкэй сэбэрэлээхтэр. Арай Сэмэн барахсан икки көрөрүттэн мэлийэн, хараҥа быыһыгар сылдьаахтыыр. Бастакы группалаах инбэлиит.


Алексеевтартан улаханнара Алексей Михайлович 90 сааһыгар сылдьар, балта Мария Михайловна 88 саастаах, Семен Михайлович 80 саастаах. Үһүөн бэйэлэрин кэмнэригэр ыал буолан, алаһа дьиэ тэринэн, бур-бур буруо таһаарынан элбэх оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ. Өлөксөй уонна Морууса тоҕустуу оҕолоохтор, Сэмэн алта оҕолоох.
Балтыларын бэрт минньигэстик Морууса диэн ааттыыллар. Өлөксөй уонна Мария — иккиэн тыыл бэтэрээннэрэ, Сэмэн — үлэ бэтэрээнэ. Онон дэриэбинэ ытык дьоно. Аны арыгы уонна табах сытыгар да турбаттар. Дьиҥнээх чөл олохтоохтор диэн кинилэр эбит.
Морууса бииргэ төрөөбүттэргэ соҕотох кыыс. Убайын Өлөксөйү кытта бииргэ өйөһөн олороллор, Сэмэнигэр да киирэн эмиэ көрөн-истэн тахсар. Онон эргиччи абыраллаах киһи диэтэҕиҥ. Убайдарын тылыттан-өһүттэн иһиттэххэ, билигин даҕаны барыларын дьаһайа олорор.

Алексеевтар уһун үйэлэнии кистэлэҥин Сахамедиа «Улуус олоҕо» бырайыагын ааҕааччыларыгар арыйаллар

Собо, куобах суорҕан

Өлөксөй, 90 саастаах:

Хампа диэн сиргэ төрөөбүппүт. Ньоҕодьо диэн сиргэ олорбуппут. Эһэбит булчут, тайахсыт этэ. Хара тыабыт тугу биэрэринэн аһаан-сиэн, уос үллэстэн олордохпут дии. Дьэ, итинник дьаһанан олордохпутуна, куор диэн ыарыы өрө турда. Онон куортан куотан түөрт хонугу быһа айаннаан Куудук диэн сиргэ көһөн кэлбиппит. Биир ынах, биир ньирэй соһуулаахпыт. 1953 с. Маалтааныга кэлбиппит. Уһун үйэлээх киһи диэн бэйэтин айылҕата быһыылаах. Собо битэмиинэ уһун үйэлээтэҕэ дии саныыбын. Үйэм тухары бултаан-алтаан кэлбит киһибин. Ахсынньы-тохсунньу тоһуттар тымныытыгар тимир оһоҕунан оттуллар балааккаҕа хоно сылдьааччыбын. Ойуурга сылдьар туһа бөҕө буоллаҕа дии. Хайа, уонна куобах суорҕан, куобах сон тоҥортон абыраатахтара. Оччолорго дойдубут Америкаттан бурдук атыылаһар этэ. Таҥас суох буолан, ол куулунан ыстаан, ырбаахы тигэн биэрэллэрэ. Урут тииҥи эккирэтэн тоҥмутум-хаппытым ханна барыаҕай? Булчут киһи түүлээҕи сырсан уонча көһү барар. Билигин ол сырыыларым таайан, тобугум ыалдьан эрэйдээтэ. Хайа, уонна уон алта сыл бэтэринээрдээбит киһи хааман аҕай кэллэҕим дии. Ол да буоллар, билигин даҕаны тыаҕа сылдьабын. Кыра да буоллар, бу балтыбыныын Моруусалыын хаптаҕастаан, сугуннаан, отонноон кэлээччибин.

 

Суотабайы биһирээтим

Морууса, 88 саастаах:

Биһиги удьуорбутугар уһун үйэлээхтэр бааллара. Аҕабыт 107 сааһыгар, ийэбит 87 сааһыгар өлбүттэрэ. Ийэбит 20 сыл ыанньыксыттаабыта. Мин эмиэ үлэ бөҕөнү үлэлээн кэллэҕим дии, ама да ааспытын иһин. Суорунаҕа бурдук да тардарым, Саһыл да көрбүтүм, хотоҥҥо асчытынанда үлэлээбитим. Ол быыһыгар Кэптиҥҥэ 10 сыл дьиэ сууйбутум. Уопсайынан, 62 сааспар диэри үлэттэн илиибин араарбатаҕым. Дьэ, уонна тирии бөҕөтүн имиппит киһибин. Баччааҥҥа диэри түүлээҕи тутан кэллэҕим. Билигин хотоҥҥо доҕор буолан тахсыһабын. Санаам буолбат, ынаҕым синньин имэрийдэхпинэ сатанар. Киһи бэйэтин кыаҕынан көрөн хамсаныахтаах. Олорунан-сытынан кэбистэххинэ бүтэр буоллаҕыҥ.Аныгы олохтон суотабай төлөпүөнү олус биһирээтим. Төлөпүөннэһэр дьонум нүөмэрдэрин олох нойосуус билэбин. Урут оҕо сылдьан, тоҥон-хатан, билигин тобугум эрэ ыалдьар. Уонна барыта этэҥҥэ курдук. Билигин даҕаны аһы барытын аһыыбын, сыа да буоллун, талымастаабаппын. Киһи да күлэр.

 

Бодобуос Сэмэнинэн ытыктаан ааттыыллар

Сэмэн, 80 саастаах:

Уһун үйэлэнии кистэлэҥэ диигит? Үөһээ ахтыбыттарга эбэн эттэххэ, аҕабыт балта Татыйаана 99 сааһыгар тиийбитэ. Мин 50-ча сыл уу таһан, Бодобуос Сэмэн диэн ааттаммытым. Билигин аны оҕолорбун “Бодобуостар” дииллэр. Бүөрдээҕинэн, хас эмэ көстөөх сиринэн эргийэрим. 50 сыл устата 6-7 массыынаҕа олордоҕум, уруулун туттаҕым,тимирдиин эллэстэҕим буолуоҕа. Урут суоппар киһи туох да киһиргээһинэ суох, бэйэтэ мэхээнньик этэ. Алдьанан оҥостон, көрүнэн эрэ сырыттаххына сатанаҕын.Олус ыарахан, эппиэттээх үлэм түмүгэр 4-тэ социалистическай күрэхтэһии кыайыылааҕа буолбутум. Билигин кырдьан олорон кэпсиирим, киэн туттарым ити баар. Кырдьык, уһун үйэлэнии удьуордуур быһыылаах уонна бэйэ төрүт аһын аһааһын киһи доруобуйатыгар олус бэркэ дьайара чуолкай курдук. Үрүҥ ас, балык, эт баар буолан, баччаҕа диэри этэҥҥэ сырыттахпыт. (Хаартыскаҕа Сэмэн хаҥастан бастакы — авт.).

Ыйыт-эппиэттиибит

Алексеев Алексей Михайлович:
Мин өрдөөҕүтэ “Хоту” уонна “Алаас” диэн санаторийдарга сынньанан турабын. Балтыбыныын Мария Михайловналыын өрөспүүбүлүкэ иһигэр биир эмэ санаторийга сынньаныахпытын баҕарабыт. Путевканы хантан ылыахха сөбүй? Биһиги курдук саастаах кырдьаҕастарга биэрэллэр дуо?

Бу ыйытыыга хоруй ылаары (4112) 42-84-33 нүөмэрдээх “итии линияҕа”(ааҕааччылар маны туһаныаххытын сөп) быһа эрийбиппитигэр РФ социальнай страховкалааһыҥҥа Саха сиринээҕи салаатын быраапка отделын сүрүн исписэлииһэ Олеся Беляева тута маннык хоруйдаата:
Биһиги тэрилтэбит инбэлииттэри эрэ хааччыйар. Өскөтүн А.Алексеев көннөрү биэнсийэлээх буоллаҕына, Биэнсийэнэн хааччыйыы фондатыттан эбэтэр социальнай көмүскэл салаатыттан ыйыталаһыан сөп.
Манна даҕатан эттэххэ, инбэлииттэр бу тэрилтэҕэ (4112) 42-84-33 нүөмэргэ “итии линияҕа” быһа эрийиэххитин (үлэ кэмигэр) сөп.

Сардана Гуляева, СӨ социальнай көмүскэлгэ уонна үлэ министиэристибэтин Горнай улууһунааҕы салаатын инбэлииттэри кытта үлэҕэ исписэлииһэ:
Биэнсийэлээх, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ ааттаах-суоллаах кырдьаҕастар биһиги нөҥүө “Чэбдик”, Абырал”, “Якуткурорт” санаторийдарга путевка ылыахтарын сөп. Путевканы бэйэлэрэ да атыылаһан барыахтарын сөп. Оннук түбэлтэҕэ сынньанан кэллэхтэринэ тыыл бэтэрээнигэр путевкатын сыаната 100 быр. төлөнөр. Үлэ бэтэрээнэ путевкатын сыанатыттан 20 быр. бэйэтэ төлүүр. Маныаха быраас доруобуйатын туругунан ханнык санаторийга сөп түбэһэринэн ыытыахтаах. Сынньана барыан баҕалаах киһи тустаах салааҕа сайабылыанньатын эрдэ түһэриэн наада.