Маалыкайдар Марха умнаһыгар олорор нэһилиэктэргэ дьон доруобуйатын чинчийэн көрөрү туруорустулар

731

СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуотун Ньурба улууһугар Маалыкайга доруобуйа харыстабылын миниистрэ М.Е.Охлопков салайааччылаах бөлөх билиһиннэрдэ.


Сыллааҕы үлэ түмүгүн сиһилии истэн баран, нэһилиэк олохтоохторо ыйытыыга, туруорсууга киирдилэр. Дьон-сэргэ ордук долгуйан доруобуйа, айылҕа харыстабылларыгар, сибээс мөлтөҕөр, тыа сиригэр социальнай хайысхалаах тутуулары ыйыталастылар, чопчуластылар. Кылаабынай быраас Н.Николаев Марха уута киртийиититтэн, Марха умнаһыгар олорор нэһилиэктэргэ дьон доруобуйата мөлтөөбүтүн тоһоҕолоон эттэ. Кини алта нэһилиэккэ чинчийэр кэлим экспедиция кэлэн сиһилии үөрэтэригэр, урукку оҥоһуллубут түмүктэри кытта тэҥнээн улахан дьаһаллары ылалларыгар, олохтоох нэһилиэнньэ доруобуйатын тупсарарга болҕомто уурулларыгар этэн туран, СӨ доруобуйа харыстабылын миниистиригэр нэһилиэк мунньаҕын ыҥырыытын туттарда. Бу боппуруоска хас да киһи тохтоотулар, тус санааларын тиэртилэр. Салгыы тыа сирин дьоно-сэргэтэ социальнай тутуулары таас барыйааҥҥа киллэриинэн сибээстээн, нэһилиэктэригэр таас балыыһа тутуутун өрөспүүбүлүкэ кэскиллээх былааныгар киллэрэллэригэр көрдөстүлэр. Маны сэргэ, балык аҕыйаабытынан, Сугдьаар күөлгэ балыктааһыны тохтоторго туруорустулар.

Эдэр дьон аатыттан К.Тагров Билайн, интернет мөлтөҕүн, арыт олус туһалаах, наадалаах да иһитиннэриилэри ааҕар, көрөр уустугурарын эттэ. Онтон А.Петров чөл олоҕу күүскэ тарҕатыынан сибээстээн, нэһилиэнньэ доруобуйатын чэбдигирдиигэ анаан дьарыктаналларыгар спортсаала туруоруста. Олохтоох дьаһалта исписэлииһэ Л.Иванова, улуус дьокутаата И.Иванов нэһилиэктэр сыллааҕы үптэрин ааҕыыга саҥа ньыма киирбитинэн, Бордоҥҥо нэһилиэнньэ ахсаана элбэҕинэн итиэннэ улахан хочуоллардаах буолан, үп ордон хаалар курдук тахсарын сыллааҕы бүддьүөттэн көҕүрэппэттэригэр көрдөстүлэр, дьокутаат ирдэбилин туттардылар.

«Бу үп ааҕыытыгар биһиги нэһилиэк ыраах олорорбут учуоттамматаҕын болҕомтоҕо ылыахтарын наада. Биллэрин курдук, улахан тутуулары ыытыыга Àрассыыйа сокуонунан тендер ыытыллар. Ол тендергэ өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр баар тутар тэрилтэлэр кыайан бараннар, биһиги тыйыс усулуобуйабытын билбэт буоланнар, сатаан тэриммэккэ, былааннаммыт болдьоҕу кыайан тутуспаттар. Ол иһин тутуулар кыайан бүппэттэр. Үбү ордук ороскуоттууллар. Бу балаһыанньаны тупсарар туһугар үлэ барыан наада», — диэн Иосиф Семенович тоһоҕолоон эттэ.

Олохтоохтор сылга биирдэ ыытыллар улахан таһымнаах отчуокка ис санааларын аһаҕастык эттилэр. Бу күн уотурбаны, бурдугу аҕалыыга, сайыҥҥы айаҥҥа Ньурбаҕа диэри дьону таһар таксистарга уматык сыаната үрдүү турарынан, суол ороскуотугар көмө көрүллэрэ буоллар диэн баҕа санааларын эттилэр. Төрөөбүт тылынан кэпсэтии, суруйуу мөлтөөн иһэринэн, Бырабыыталыстыба таһымыгар улахан уураах тахсара наадатын, оччоҕо эрэ бу кыһалҕа быһаарыллыан сөптөөҕүн туһунан эмиэ этилиннэ. Бырабыыталыстыба бөлөҕүн чилиэннэрэ нэһилиэнньэ туруорсуутун болҕомтоҕо ыллылар.

Далааһыннаах мунньахха хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһи (168 киһи) кэлэн кыттыбыта, санаатын тиэрдибитэ, итэҕэһи-быһаҕаһы ыйан туруорсубута сарсыҥҥыга эрэли күүһүрдэр. Онуоха ордук эдэр ыччат көхтөөхтүк кыттыбыта барыбытын үөрдэр. Бу буоллаҕа, бар дьоммут олох-дьаһах тупсарыгар, сайдыы харгыһа суох барарыгар, төрөөбүт төрүт айылҕабытын харыстааһыҥҥа, чөл, чэгиэн буоларга тардыһыыта, кэнчээри туһугар кыһамньыта. Маалыкайдар отчуоту истэн баран, сыаналааһыҥҥа аҕыйах киһи утары куоластаатылар, туттуннулар, үксүлэрэ биһирииллэрин биллэрдилэр.