Үөһээ Бүлүүгэ ыытылла турар ХХ Манчаары Оонньууларыгар республика бары муннугуттан кыттыыны ыла кэлбит хамаандалар 30-ча объегынан тарҕанан олороллор. Эдьигээн оройуонун хамаандата 2 №-дээх оскуолаҕа баар. Манна биһиги спортсменнарбытыттан ураты Өлөөн, Хаҥалас улуустара уонна республика спордун ветераннара бааллар.
Саха сирин олимпиадатынан аатырар спорт национальнай оонньууларыгар спортсменнар күннээҕи аһылыктарыгар тэрийээччилэр ураты болҕомтолорун уураллар. Меню «килокалорийыгар» тиийэ ааҕыллан, учуоттанан оҥоһуллубут. Онон олус үчүгэйдик, дэлэйдик, тото-хана аһаталлар. Хааччыйар дьонунан – «Холбос» республикатааҕы потребобщество сойууһун Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлүтээҕи холбоһугун «Байым» кафе коллектива буолар.
— «Холбос» тэрилтэ маннык улахан спортивнай тэрээһиннэргэ дьону аһатарга улахан уопуттаах. Холобура, биһиги урукку сылларга Манчаары оонньууларыгар, Саха сирин сайыҥҥы спортивнай оонньууларга, ону таһынан олоҥхо ыһыахтарыгар аһылык боппуруоһун хааччыйан кэлбиппит. Күн бүгүн 230 киһини күҥҥэ үстэ көрүллүбүт менюнан аһатабыт. Мантан 110-на спорт ветерана, хамаанда бэрэстэбиитэллэрэ, тренердэр, 120 – спортсменнар. Үлэбит кунэ сарсыарда 4 чаастан саҕаланар уонна түүн 2 чааска биирдэ түмүктэнэр. Биүиги тэрилтэбититтэн манна сэттиэбит — түөрт асчыт, биир салайааччы уонна икки хаһаайыстыбаннай чаас үлэһиттэрэ. Онтон үс иһит сууйааччы, түөрт официант, биир муоста сууйааччы уонна биир салайааччы – олохтоох дьон. Икки өттүттэн уопсай тылы булан, үлэбитин бэркэ саҕалаатыбыт. Үс күн устата спортсменнарбытын, хамаанда бэрэстэбиитэллэрин, спорт ветераннарын минньигэс, тотоойу аһынан хааччыйарга үлэлиибит, — диэн кэпсииллэр кафе асчыта Зинаида Верховцева уонна тэрилтэ салайааччыта Валентина Жиркова.