Мэҥэ-Хаҥаласка «Таммахтар» литературнай холбоһук ырыа-хоһоон киэһэтин тэрийдэ

213

«Таммахтар» улуустааҕы литературнай холбоһук тэриллибитэ 45 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр тиһиктээхтик салҕаналлар. Ол курдук, соторутааҕыта суруйуон баҕалаах дьону тардар, түмэр туһуттан, айар киэһэлэрин тэрийдилэр. Ол туһунан литературнай холбоһук чилиэнэ, В.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын педагога Изабелла Романова иһитиннэрдэ.


-Майаҕа «Кыталык» оҕону сайыннарар кииҥҥэ ырыа-хоһоон киэһэтэ өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу киэһэ литературнай холбоһукка дьарыктанааччылар хоһоон аахтыбыт, ырыа ыллаатыбыт. Ааҕааччылары түмэр истиҥ киэһэҕэ саха дьоно-сэргэтэ кэрэхсээн истэр ырыаһыттара Сардаана Осипова, Иван Аргунов, Дьокуускайтан «Дьээ-буо» этнофольклор бөлөҕүттэн Зинаида Григорьева кыттан тыа сирин олохтоохторун улаханнык сэргэхситтилэр. Томтор бөһүөлэгиттэн анаан кэлбит «Күндү күлүүктэр» диэн Людмила Афонская салайааччылаах көр-күлүү бөлөҕө Августина Хабарова көрдөөх сценкаларын оонньоон көрөөччүлэри улаханнык үөртүлэр. Түмсүү айар үлэтин сэһэргиир быыстапка туруоруллубута кэрэхсэбили ылла. Бу киэһэ үлэни-хамнаһы сайыннарарга туһуламмыт истиҥ, туһалаах сэһэргэһии буолла, — диэтэ. Итиэннэ СӨ үөрэҕирии туйгуна, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Августина Владимирова-Хабарова салайааччылаах «Таммахтар» литературнай холбоһук үлэтин сайыннаран иһэр былааннааҕын эттэ.