Миниистир Антон Сафронов Үөһээ Бүлүү предпринимателлэрин кытта көрүстэ

187

СР инвестиционнай сайдыыга уонна предпринимательствоҕа миниистирэ Антон Сафронов Үөһээ Бүлүү предпринимателлэрин кытары көрүстэ. Улуус баһылыга Владимир Поскачин салайыытынан, бэйэ дьыалатынан күүскэ дьарыктанар аҕыс предприниматель үлэлиир миэстэлэрин, объектарын көрдүлэр, тус кэпсэттилэр.


Антон Сафронов саҥа тэриллибит министиэристибэ үлэтин хайысхаларын билиһиннэрдэ. Ордук тоһоҕолоон олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыыны кэпсээтэ. «Хас биирдии оройуоҥҥа, нэһилиэктэргэ үлэ миэстэлэрин үөскэтэр туһугар күүскэ үлэлиэхтээхпит. Билигин бэйэлэрин кыахтарын дакаастаабыт, уопуттаах предпринимателлэри кытары эбии үлэ миэстэтин таһаарар сорук турар. Бэйэ дьыалатын саҥа саҕалыыр дьоҥҥо бэриллэр субсидия олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарда диир кыахпыт суох. Харчыны босхо ылбыт киһи, төһө да баҕарбатаҕын иһин, эппиэтинэһэ олус кыра. Онон харчыны бырыһыаҥҥа эрэ уларсар табыгастаах. Сотору кэминэн үбүлээһин көрүллүөҕэ. Хас биирдии предприниматель ол үпкэ тиксиэ диэн эрэннэрбэппин. Элбээбитэ, улуустан чахчы кыахтаах, инникилээх үс бырайыак үбүлэниэн сөп», — диэн быһаарда.

Аһаҕас кэпсэтиигэ предпринимателлэр биир үксүн атыы-эргиэн өттүгэр болҕомто отой суоҕун этиннилэр. Улууска кэлэр-барар улахан кээмэйдээх таһаҕастары таһар техникалар кураанах төннүбэккэ эрэ улуус туһатыгар көмө буолуохтарын ыйдылар. Электроэнергия төлөбүрэ, нолуок политиката уустугун, хонтуруоллуур уорганнар олус элбээннэр үлэҕэ улахан харгыстары үөскэтэллэрин, өрөбүлэ, сынньалаҥ суох үлэлиир урбаанньыттарга миэстэтигэр кэлэн үөрэхтээһини ыытыы сайдалларыгар, өрө тахсалларыгар олус наадалаах буолуоҕун, урукку сылларга былааннаммыт улуус таһымнаах бизнес-инкубаторы тэрийии боппуруостарын этиннилэр. Оттон сорох предприниматель кыһалҕалаах ыйытыыларын кумааҕыга тиһэн миниистир илиитигэр туттарда.