Нам улууһа уонна Таатта Чөркөөҕө доҕордуу сыһыаннарын чиҥэтэллэр

396

Нам улууһун делегацията Таатта улууһун Чөркөөх нэһилиэгэр уопут атастаһа,  улуу убайдарбыт Аммосов, Ойуунускай доҕордоһууларын чиэстээн, улуустар икки ардыларыгар олохтоммут доҕордоһуу муостатын өссө төгүл бигэргэтэ, билсэ-көрсө баран кэллэ.


Былаан чэрчитинэн Таатта уонна Чурапчы улуустарын кыраныыссатыгар Кыйы нэһилиэгин олохтоохторо, нэһилиэк баһылыга Сунхалыров Святослав Васильевич, Ытык Күөл баһылыгын солбуйааччы Сивцева Изабелла Александровна ыалдьыттары минньигэс кымыһынан, арыылаах алаадьынан күндүлээн көрүстүлэр. Салгыы Чөркөөх нэһилиэгэр П.А. Слепцов-Ойуунускай судаарыстыбыннай, Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон историко-этнографическай музейыгар сырыттыбыт.

П.А. Ойуунускай бюһугар өйдөбүнньүк быһыытынан тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурдубут. Онтон бөлөхтөргө арахсан уопут атастаһыыта, дакылаат ааҕыыта буолла. Ону таһынан Нам — Таатта эдэр ыччата волейбол оонньоон күөн көрүстүлэр. Ол түмүгүнэн Чөркөөх хамаандата маҥнайгы миэстэҕэ, Нам хамаандата иккис миэстэҕэ, Ытык-Күөл хамаандата үһүс миэстэҕэ таҕыстылар. Күрэхтэһии түмүгүнэн бары хамаандалар мэтээл, грамота ыллылар.

Олус кэрэ айылҕалаах, туһунан көрүүлээх, ыалдьытымсах, көрсүө-сэмэй дьонноох Таатта улууһугар баран кэлбиппититтэн олуһун диэн астынныбыт. Ытык-Күөл, Чөркөөх, Кыйы нэһилиэктэрин олохтоох дьаһалталарыгар махтанабыт. Өссө да маннык күннэр үүнэ турдуннар, улуу убайдарбыт Аммосов уонна Ойуунускай доҕордоһуулара билиҥҥи көлүөнэ ыччакка, дьонугар-сэргэтигэр үйэлэр тухары быстыбат ситим буолан биһиги улуустарбыт доҕордоһууларын туоһулаан чаҕылхай сулус буолан сыдьаайа туруохтун.

Делегация састаабыгар Сивцева Инна Иннокентьевна – Нам улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы; Кутукова Анна Петровна – улуустааҕы саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларын уонна кинилэр бырааптарын көмүскүүр хамыһыйа эппиэттиир секретара; Гоголева Туйаара Афанасьевна – улуустааҕы быраап уонна кадр отделын салайааччыта; Сивцева Анастасия Ефремовна – улуустааҕы опека уонна попечительство отделын начальнигын солбуйааччы; Дьяконов Станислав Александрович – М.К. Аммосов аатынан Саха сирин Государственноһын музейын научнай үлэһитэ; Ушницкая Сардана Гаврильевна – Н.М. Рыкунов аатынан библиотечнай ситим библиограба; Протопопов Яков Наумович – Хамагатта нэһилиэгин ыччатын лидерэ. Маны таһынан, Петрова Саргылана Ильинична салайааччылаах үөрэх управлениятын делегацията, Намнааҕы техникум директорын солбуйааччы Бочирова Оксана Вильгельмовна киирдилэр.