Нам улууһугар Олоҥхо декадата саҕаланна

160

Нам улууһугар «Сардаҥа» кинотетрга олоҥхо декадатын үөрүүлээхтик аһыы буолла. Дьон көрүүтүгэр фойеҕа улуус уран тарбахтаахтарын оҥоһуктара быыстапкаҕа турда.


Ыалдьыттары көрсө саала икки өттүнэн салама тутуурдаах далбар хотуттар турдулар, сахалыы сиэринэн алаадьынан күндүлээтилэр, алгысчыт Петр Охлопков сиэри-туому толорон аал уот иччитин аһатта.

Тэрээһиҥҥэ улуустааҕы гимнация «Умсулҕан» фольклорнай бөлөҕө дүпсүүр охсон ньиргиттилэр. Елена Иванова дьарыктыыр оҕолоро Вася Дьяконов, Рада Сивцева уонна Виталий Сивцев «Дьырыбына Дьырылыатта», «Кыыс Дэбилийэ», «Эрчимэн Бэргэн», «Алантай Боотур» олоҥхолортон быһа тардан иһитиннэрдилэр. Партизан нэһилиэгин ыччата норуот тылынан уус-уран айымньытын толордо. Соторутааҕыта тэриллибит «Тэгил» диэн улуус ыччатын бөлөҕө Буоратай «Алантай Боотур» олоҥхотун билиһиннэрдилэр. «Тэгил» бөлөх соторутааҕыта Аммаҕа буолбут «Муҥха олоҥхото» диэн олоҥхону толорор устудьуон уонна эдэр ыччат күөн-күрэстэрин түһүлгэтигэр «Бастыҥ олоҥхону толорооччулар» анал ааты ылан уонна бөлөҕүнэн толорууга «Муҥха олоҥхото» күөн күрэһин кыайыылааҕынан буолан кэлбиттэрэ.

Олоҥхо быыһыгар улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Инна Сивцева, культура уонна духуобунас сайдыытын управлениетын салайааччы Елена Заровняева, олоҥхону уһуйууга энтузиаст Елена Иванова, улуустааҕы олоҥхо ассоциациятын председателэ Семен Ядрихинскай эҕэрдэ тыл эттилэр. Семен Прокопьевич общественнай дуоһунаһын Иван Степанович Новиковка анаата. Иван Степанович үрдүк итэҕэли дьоһуннук толоруом, түһэн биэриэм суоҕа диэн эрэннэрдэ.

Мустубут дьон илии илиилэриттэн ылсыһан оһуокайынан түмүктээтилэр.