Нам улууһугар саҥа төрөөбүт уолаттар ийэлэрин эҕэрдэлээтилэр

263

Нам улууһугар «Уол оҕо күнэ» бэлиэтэннэ. Бу күн чэрчитинэн төрүүр дьиэттэн саҥа күн сирин көрбүт уол оҕону үөрүүлээх быһыыга майгыга дьиэлэригэр атаарыы буолан ааста.


Бу күннэргэ Нам улууһун олохтоохторо, эдэр ийэлэр Вера Сильвестрова, Наталья Винокурова, Сардана Корякина уонна Анна Петрова уол оҕоҕо күн күн сирин  көрдөрдүлэр.

Нам улууһун дьаһалтатын дьиэ кэргэн отделын начальнига Татьяна Степанова, «Арассыыйа ийэлэрэ» Намнааҕы салаатын председедателэ, төрүүр дьиэ сэбиэдиссэйин эбээһинэһин толорооччу Лена Атласова, Нам улууһун общественнай сэбиэтин председателэ Любовь Маркова, Ленскэй уонна Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин дьаһалтатын специалистара, Ленскэй нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтин председателэ Вера Попова, улуустааҕы дьахтар сэбиэтин председателэ Ирина Находкина, Нам улууһун «Алмазэргиэнбанк» АО салайааччыта Владимир Соловьев, улуустааҕы аҕалар сүбэлэрин председателэ Мичил Герасимов, Намнааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһын солбуйааччы Жанна Игнатьева уонна балыыһа коллектива эдэр ийэлэри эҕэрдэлээн бэлэхтэри, эҕэрдэ суруктары туттардылар, кырачаан уолаттар этэҥҥэ улаатан, туһа дьоно буолалларыгар баҕардылар.