Ньурбаҕа көтөр фабрикатын салайар Семен Корякин иһитиннэрэринэн, тэрилтэ сыллааҕы былаанын 107% толордо. Былааннаах 9,8 мөл. устуука сымыыт оннугар, 10 мөл. тахса сымыыт ылылынна.
Сымыыты ыаллыы Бүлүү улуустарыгар эрэ буолбакка, Горнайга, Дьокуускайга уонна илин эҥэр улуустарга: Чурапчыга, Уус Àлдаҥҥа, Àммаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка ыытан атыылаабыттарын туһунан Семен Àлександрович кэпсиир.
—Сыанабытын арыый тутан турдубут. Биир дойдулаахтарбыт остуолларыгар чэпчэки сыаналаах бородууксуйа тиийэрин курдук, удамыр сыанаҕа атыылыыбыт. Сотору-сотору «Кыталык» КД-гар көһө сылдьар атыылааһыны тэрийдибит. Хаһаайыстыбаннай өттүгэр күүстээх үлэлэр бардылар. Уот ситимигэр, гаражпытыгар, насоснайбытыгар уонна хочуолунайбытыгар электропроводкатын эҥин бүтүннүү уларыттыбыт. Ону таһынан баһаартан куттал суох буолуутун таһымын үрдэтиигэ эмиэ улахан болҕомтобутун уурдубут. Фабрика территориятын иһинээҕи электро уотунан сылытыы линиятын бүтүннүү СИП кабельга көһөрдүбүт. Сырдатыы лаампаларын барытын светодиоднайга уларыттыбыт. Промцех, насоснай уонна хочуолунай носуостарын барытын ноҕоруускаларынан көрөн, хайа сатанарынан сөп буоларынан аттаран, уларытан биэрбиппит. Ити барытын түмүгэр, ааҕан суоттаан көрүүнэн, 1 сыл иһигэр 700 тыһ. солк. кэмчилэннэ.
Àтын улахан үлэбит ветеринарнай надзор уонна санитарнай эпидемиологическай ирдэбиллэргэ сөп түбэһэрдии тэринэн, сабыылаах тииптээх тэрилтэ буоларбыт туһугар, 4 мөл.тахса солк. суумаҕа территориябытын барытын тимир лииһинэн эргийэ олбуордаатыбыт. 2016 с. тохсунньутугар 20 күн иһигэр үлэһиттэр бэйэбит эрэ, тастан кими даҕаны наймыласпакка, убойнай сыахха 33 тыһ. кууруссаны өлөрөн астаан, барытын кэнсиэрбэ оҥорор тэрилтэҕэ ыытан кэнсиэрбэ оҥорторбуппут. Ити бородууксуйабытын Бүлүү улуустарыгар, Дьокуускайга, илин эҥэргэ ыытан атыылатабыт.
Маннык кэнсиэрбэ хараллар болдьоҕо 2 сыл. Итиччэ элбэх куурусса этин атыннык хайдах да батарар кыахпыт суох. Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департаменыгар, улуус дьаһалтатыгар, улуус Сүбэтин дьокутааттарыгар, итиэннэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтигэр улахан махталлаахпыт. Кинилэр өйөбүллэринэн үп-харчы көрүллэн, үгүс иэстэрбитин төлөөн саптыбыт. «Сахазернопродукт» тэрилтэҕэ эрэ иэспит хаалла. Ону төлөстүбүт да, иэспититтэн төлөрүйэбит. Тэрилтэбит финансовай чэбдигирдиигэ тахсыа диэн бигэ эрэллээхпит.