Ньурба куоратыгар «Биир ньыгыл Россия» баартыйа праймериһа буола турар

172

Ньурба куоракка сэтинньи 12 к. сарсыарда 8 чаастан икки ааҕар-суоттуур учаастак аһыллан үлэлии турар. Куорат Сэбиэтин быһаарыытынан, ахсынньы 24 күнүгэр болдьоммут Ньурба куорат баһылыгын болдьоҕун иннинээҕи быыбарыгар «Биир ньыгыл Россия» баартыйа праймериһа ыытыллар.


Барыллаан куоластааһыҥҥа икки киһи кыттар: Ньурба куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччута Николай Бурнашев уонна куорат хаһаайыстыбатын көрөр-истэр сулууспатын салайааччытын солбуйааччыта Аким Канаев. Ааҕар-суоттуур учаастактар «Кыталык» култуура дыбарыаһын (1-кы нүөмэрдээх учаастак) уонна «Вилюйавтодор» АУо хонтуоратын дьиэтигэр (2 нүөмэрдээх учаастак) үлэлииллэр.

1-кы учаастак  хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Ольга Алексеева иһитиннэрэринэн, 10 ч. туругунан кинилэр учаастактарыгар 50-тан тахса киһи кэлэн куоластаабыт. «Дьон кыттыыта быыбарга курдук көхтөөх буолбатах эрээри, 2 учаастагынан барыта 1000-тан тахса киһи кэлэн куоластыырыгар эрэллээхпит«, — диир кини.

Иванов Артем, Ньурба куорат олохтооҕо: «Бу сарсыарда кэлэн «Биир ньыгыл Россия» баартыйа куораппыт баһылыгын быыбарыгар кандидатуратын быһаарар праймериһыгар кытынным. Ньурбабыт сайдарын туһугар үлэлиэн-хамсыан сөптөөх киһиэхэ куоластаатым«.