Бүгүн Чурапчыга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр дьиэ кэргэн уонна демография политикатыгар кэмитиэт тэриллибитэ 25 сылыгар анаммыт төгүрүк остуол буолан ааста.
Өрөспүүбүлүкэбит тумус туттар дьоно кэлэн элбэҕи сүбэлээн, инники үлэҕэ соруктары туруордулар. Ол курдук А.Н.Божедонова, А.И.Поисеева, А.С.Иустинова, Т.П.Карпова уонна дьиэ кэргэн уонна ыччат политикатыгар министиэристибэтиттэн А.В.Пермякова кэлэн бу тэрээһин таһымын үрдэттилэр.
Төгүрүк остуол өрөспүүбүлүкэҕэ тэриллибит хамыыһыйа биир бастакы тэрэһинэ буолар.
Кыттыыны ыллылар улуус общественнай тэрилтэлэрэ, дьахталлар түмсүүлэрэ уонна араас сылларга улууска дьиэ кэргэн кэмитиэтин салайбыт салайааччылар. Бастыҥ ыаллар, дьахтар сүбэтин активистара эмиэ кыттыыны ылан элбэҕи сүбэлэстилэр.