Олоххо, үлэҕэ кустук өҥүн дьүөрэлиир худуоһунньук Харайданова Тааттаҕа быыстапка оҥордо

252

Тааттатааҕы галереяҕа Саха народнай худуоһунньуга, анал дьиссипилиинэргэ бастакы преподавателинэн үлэлээбит П.П.Романов аатын сүгэр Дьокуускайдааҕы художественнай училищены 40 сыллааҕыта бүтэрбит оформитель-худуоһунньук идэлээх, Боробуллааҕы культура, билигин норуот айымньытын дьиэтин, Дьохсоҕон нэһилиэгин, тэрилтэлэр ис-тас көстүүлэрин киэргэтиигэ, живописец, портретист быһыытынан айар үлэҕэ олоҕун анаабыт Елена Ивановна Харайданова «Кустук өҥүн дьүөрэлээн» диэн тус быыстапкатын үрдүк таһымнаахтык ыытта.


Быыстапкаҕа Елена Ивановна бииргэ үөрэммит, билигин да эн-мин дэһэн куруутун алтыһар доҕотторо маннык тэрээһин ыытылларын истэн, тэринэн, хомунан кэлэн кытыннылар: СӨ искусстволарын үтүөлээх деятеллэрэ Александра Иннокентьева-Бочкарева-Сууралдьыма, Надежда Федулова, СӨ культураҕа туйгуннара Степан Нестеров, Иннокентий Попов. Бэйэлэрэ кэлбит доҕотторо дириҥ ис хоһоонноох, долгутуулаах ахтыылары оҥордулар, хас биирдиилэрэ оҥоһуктарын, уруһуйдарын туттартаатылар. Бэйэлэрин истиҥ эҕэрдэлэрин, айбыт хартыыналарын күндү бэлэх оҥорон РФ, СӨ искусстволарын үтүөлээх деятелэ Лена Гоголева, СӨ искусстволарын үтүөлээх деятелэ Михаил Старостин, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Николай Находкин ыыппыттара үөрүүлээх түгэнинэн буолла.

Маннык үөрүүлээх түгэҥҥэ кэлэ сылдьан Александра Иннокентьева-Бочкарева-Сууралдьыма Алампа аатынан Ытык Күөл 1№-дээх орто оскуолатыгар сырытта, оскуолаҕа урут бэлэхтээбит хартыыналарыгар ааптар быһыытынан табличкаларын сыһыаран, докумуоннарыгар илии баттаан, туоһулаан барда. Маны сэргэ үөрэппит ыччаттарын, студеннарын, талааннаах, идэлээх худуоһунньуктары Василий Готовцевы уонна «Сатабыл» оҕо айар дьоҕурун сайыннарар Киин эбии үөрэхтээһиҥҥэ педагогун Гаврил Парфеновы кытта көрүстэ.

Быыстапка аһыллыытыгар улуус баһылыгын социальнай үлэҕэ солбуйааччы И.А.Сивцева, улуус депутаттарын Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ В.А.Охотин, культура уонна духовнай сайдыы салалтатын начальнига А.П.Лопатин, уһуннук бииргэ үлэлэспит Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыгынан үлэлээбит М.Л.Архипов, Г.Е.Арылахова, картиннай галерея сэбиэдиссэйэ В.А.Канаева, уһуннук нэһилиэк культуратын сайыннарыыга бииргэ үлэлээбит дьүөгэлэрэ Т.М.Халыева, И.С.Жараева, Г.Н.Другина, чугас дьүөгэтэ Л.В.Андросова, олоҕун аргыһа, кэргэнэ Н.С.Харайданов, төрөппүт оҕолоро Муся уонна Николай, аймах-билэ дьонноро М.Е.Барахова. И.И.Потапов, ыкса ыаллара, о.д.а. эҕэрдэ тыл бастыҥын эттилэр.

Быыстапка үөрүүлээх чааһын галерея сэбиэдиссэйэ Вера Канаева, сүрүн тыл этиилэри, эҕэрдэлэри Галина Арылахова иилээн-саҕалаан ыыттылар.

Нэдиэлэ устата элбэх киһи сылдьан, билэр дьоннорун, Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыктара М.Л.Архипов, Г.Г.Винокуров, культура дьиэтигэр сааһын тухары дириэктэринэн, уус-уран салайааччынан үлэлээбит Т.М.Халыева, олоҥхоһут, уус-уран самодеятельность актыыбынай кыттыылааҕа В.П.Харайданова, оскуола учууталлара А.П.Ючюгяева уонна М.Д.Мамина, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, бастыҥ сылгыһыт М.М.Хабытин, о.д.а. мэтириэттэрин илэ баардыы, үкчү ойууламмыттарын көрөн сөхтүлэр-махтайдылар. СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев сырдыгынан сыдьаайар мэтириэтэ, А.И.Софронов-Алампа хас да, бырааттыы Мординовтар мэтириэттэрэ Елена Ивановна чаҕылхай үлэлэрэ худуоһунньук быһыытынан инникитин да сыаналаныахтара турдаҕа.

Быыстапка бүтэһик, муус устар 6 күнүгэр ааптар мэтириэттэри туһааннаах геройдарга бэйэлэригэр, сороҕун дьонноругар, оҕолоругар, М.Е.Николаев мэтириэтин Дьохсоҕон орто оскуолатыгар махтал бэлиэтинэн бэлэх туттаран көрөөччүлэрин үөртэ.
Быыстапканы тэрийсибит Дьохсоҕон нэһилиэгин норуот айымньытын дьиэтин, хартыына галереятын, альбому бэчээттээн таһаарбыт «Таатта» хаһыат рекдакциятын коллективыгар, кэргэнигэр Николай Серафимовичка, оҕолоругар, сиэнигэр Николаҕа, бары аймахтарыгар, чугас дьүөгэтигэр Людмила Андросоваҕа, о.д.а. ис сүрэҕиттэн махталын тиэртэ.