Орто Халымаҕа үрүҥ эһэ оҕотун учаастактан тутан аҕаллылар

250

Орто Халыма улууһун Үгүс Тамах учаастагар үрүҥ эһэ оҕото көстүбүтүн туһунан биллэриллибитэ биир ый курдук буолла. Кыылы балаҕан ыйын 30 күнүгэр уу суолунан Орто Халыма куоракка аҕаллылар. 


Орто Халыматааҕы Айылҕа харыстабылын инспекциятын начаалынньыга Иван Белоногов, “Колыма” Айылҕа пааркатын дириэктэрэ Алексей Колесов, Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин Биоресурсаларга Дирекция специалиһа Роман Сметанин уонна “Орто дойду” зоопарка ветеринара Семён Санников Халыма өрүс аллараа сүнньүнэн 220 км ыраах сытар Үгүс Тамах учаастакка тиийэн, үрүҥ эһэ оҕотун килиэккэҕэ уган аҕаллылар.

Специалистар этэллэринэн, эһэ оҕото — кыыс, биир сааһын туола илик. «Эмиһинэн сылыктаатахха, өтөрдөөҕүтэ эрэ ийэтин үүтүн иһэ сылдьыбыт. Билигин ийэ дьылҕатын ким да билбэт. Айылҕаҕа үрүҥ эһэ оҕото ийэтин үүтүнэн икки сааһыгар диэри аһылыктанар. Оттон бу булумньу биирин эрэ туолаары сылдьарынан, ийэтэ бырахпатаҕа чахчы. Онон өлбүт эрэ буолуон сөп диэн сабаҕалааһын баар«, — дин кэпсээтилэр.

“Орто дойду” зоопарка специалиһа Санников этэринэн, зоопаркаҕа миэстэ суох. Билигин онно иитиллэн турар Колымана уонна Ломоносов бэйэлэрин оҕолорун көрөллөр-истэллэр. Кини эһэлэр атын оҕону чугаһаппаттарын чуолкайдыыр.

Эрдэтээҥи кэпсэтии быһыытынан, Москватааҕы зоопарк интэриэһин биллэрбит эрээри, күн бүгүн быһаарыы ылылла илик. Билигин эһэчээн Орто Халыма куоракка чааһынай дьиэ тиэргэнигэр килиэккэҕэ турар. Специалистар туругун маныыллар.