Орто Халыма улууһугар Россия Былааҕын күнүгэр үүнэр көлүөнэ пааспарын тутта

247

Дойдуга тапталы, киэн туттууну иҥэрэр инниттэн, улуус дьаһалтатын дьиэтигэр Орто Халыма куорат эдэр олохтоохторугар Россия гражданнара буолалларын туоһулуур докумуону — пааспары — туттарыы долгутуулаах түгэнэ буолан ааста.


Бу күн суолталаах докумуону 4 оҕо тутта. Ураты түгэнинэн, Россия Конституциятын иннигэр дойду эдэр гражданнара Мэктиэ тыл эттилэр.

Кинилэри бу күн улуус дьаһалтатын аатыттан баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы Светлана Третьякова эҕэрдэлээтэ уонна илиигэ тута сылдьар дойду былаахтарын бэлэх туттарда. Оҕолорго бу күн суолтатын Ыччат бэлиитикэтигэр уонна дьиэ-кэргэн дьыалаларыгар отдел специалиһа Варвара Слепцова билиһиннэрдэ. Оттон Россия гражданнара буолалларын туоһулуур бастакы докумуоннарын суолтатын, көрө-истэ сылдьыы бэрээдэгин, үрдүкү эппиэтинэс туһунан Россия Федеральнай Миграционнай Сулууспатын управлениетын Орто Халыматааҕы пуунун начаалынньыга Мария Слепцова быһаарда.

«Мин — Россия гражданинабын!» акция дойдуга Судаарыстыбаннай Былаах күнүгэр түбэһэн, оҕолорго умнуллубат үтүө өйдөбүл буолан хаалыа диэн саарбахтаабаппыт.