Анаабыр улууһун Үрүҥ-Хайа бөһүөлэгэр “Тыам тыла бараксан” диэн хоһоон ааҕыытыгар күрэх ыытыллыыта үгэскэ кубулуйда. Быйылгы да тэрээһин олус көхтөөхтүк ааста.
Үрүҥ-Хайа орто оскуолатын учуутала, СР үөрэҕириитин туйгуна Кылтасова Тамара Николаевна көҕүлээһининэн, оскуола оҕолоро уонна олохтоох нэһилиэнньэ бу хоһоон күрэҕэр кыттар буолбуттара ыраатта. Олус күүтэллэр. Онон долган литературатын төрүттээччи поэтесса Огдо Аксенова айымньыларын уонна Анаабыр улууһун олохтоох автордарын хоһооннорун ааҕыы үтүө үгэскэ кубулуйда.
Олунньу 18 күнүгэр Үрүҥ Хайа “Хэйро” этнокультурнай киинигэр быйыл бу күрэх нэһилиэк таһымыгар ыытылынна. Күрэх 4 түһүмэххэ аттарыллар буолла. Уопсайа 39 киһи кытынна. “Тугутчаана” оҕо саадыттан 4 оҕо, оскуола алын сүһүөх кылааһын үөрэнээччилэрэ 12 оҕо, орто сүһүөх кылаастан 18 оҕо, улахан дьонтон 5 кыттааччы бэйэтин холонон көрдө.
Куонкуруһу 3 киһиттэн састааптаах дьүүллүүр сүбэ сыаналаата. Бэрэссэдээтэл оскуола библиотекара И.П.Спиридонова, айар бөлөх салайааччыта А.Е.Спиридонова, нуучча тылын уонна литературатын учуутала Л.Т.Корякина.
Күрэххэ долган поэтессатын Огдо Аксенова 20 хоһооно, Леонид Туприн 17 хоһооно, олохтоох автордар Николай Попов уонна Николай Туприн-Кэһиилээх уолун биирдии хоһооннорун күрэхтэһээччилэр айымньылаахтык аахтылар. Дьон-сэргэ сэҥээриитин ыллылар. Куонкурус кыттааччыларын дьүүллүүр субэ хас да критерийынан тургутан сыаналаата.
“Тугутчаана” оҕо саадын бэлэмнэнии группатыгар:
Иванова Дарина — Туприн Н.Л.” Күн тахсыыта” – 1 миэстэ
Туприн Тулурхан — Огдо Аксенова “Уйбаача үөрдэ” — 2 миэстэ
Неустроева Катя — Огдо Аксенова “Чуукиллиик” — 3 миэстэ буоллулар.
Алын кылаас оҕолоругар:
Спиридонова Сайаана (4 кыл.) О.Аксенова “ Караҥа кыһын” – 1 миэстэ
Туприна Алена (3 кыл.) Л.Туприн “Анаабырым биэрэгэр” – 2 миэстэ
Спиридонова Айыына (3 кыл.) Л. Туприн “Күнүм барахсан” — 3 миэстэ
5-9 кылаастарга:
Спиридонова Каролина (5 кыл.) О.Аксенова “Ускуолаҕа барабын”- 1 миэстэ
Кононов Илья (6 кыл.) О.Аксенова “Һэлдэйдьиттэр” — 2 миэстэ
Туприна Таня (9 кыл.) О.Аксенова “Таймыыр” — 3 миэстэ
Улахан дьоҥҥо:
Арьянова О.Н. (алын кылаас учуутала) О. Аксенова “Муора кытыытыгар төрөөбүтүм” -1 миэстэ
Иванова Е.В. (саха тылын уонна литературатын учуутала) Л. Туприн ”Күнүм барахсан” — 2 миэстэ
Неустроева С.В. (саха тылын уонна литературатын учуутала) Л. Туприн “Олохтон хаалымаҥ” — 3 миэстэ.
Дьүүллүүр сүбэ биһирэбил бирииһин Неустроева Суруяна Валерьевна, Леонид Туприн хоһоонун дорҕоонноохтук ааҕыыга кини аймахтарын биһирэбил бириистэрин 3 кылаас үөрэнээччитэ Алена Туприна (учуутал Арьянова О.Н.) ыллылар. Олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччыта Спиридонов В.В. Огдо Аксенова “Дудинка” диэн хоһоонун ааҕан көрөөччү болҕомтотун тарта. Күрэх кыттыылаахтарыгар сэмэй бириистэр, туоһу суруктар туттарылыннылар.
Аны сарсын, кулун тутар 4 күнүгэр, биһиги биир дойдулаахпыт Леонид Туприн барыбытыгар холобур буолар хоһуун олоҕун, киһини долгутар кынаттаах тылларыттан айыллыбыт хоһооннорун үйэтитэргэ анаан, оҕолорун, чугас уруу-аймах дьонун түмэн истиҥ-иһирэх ахтыы киэһэтэ буолар. “Тыам тыла бараксан” күрэх Леонид Туприн төрөөбүтэ 70 сылыгар анаммыта.
Биһиги уһук хоту сытар улууспутугар Анаабырга, ааспыт үйэ 90-с сылларыттан саҕалаан элбэх талааннаах дьон айар куттара арыллан, саҥаттан саҥа кинигэлэр бэчээккэ тахса буоллулар. Онон айар талаан абылаҥар ылларбыт дьоммутугар анаан, кинилэр кэскиллээх тылларын оскуола оҕолоругар, эдэр ыччакка тиэрдэр сыаллаах-соруктаах литературнай биэчэрдэри, ахтыы киэһэлэрин, “Тыам тыла бараксан” курдук күрэхтэри нуучча, саха, долган тылын литературатын, национальнай культура учууталлара, библиотека улэһиттэрэ олохтоох автордары кытта үлэлэһэн ыытыллара буоллар диэн этии киллэрэбин.
Аҕа саастаах дьоммут үлэҕэ, үөрэххэ, олоххо эппиэтинэстээх сыһыаннарын холобуругар оскуола оҕотун, эдэр ыччаты иитиигэ улахан туһалаах буолара саарбахтаммат.
Суруйуубун «Тыам тыла бараксан” диэн хоһооммунан түмүктүүбүн.
Тыам тыла бараксан,
Тыам тыла бараксан
Тымтык курдук тырыбынаан
Умуллубат, умнуллубат
Улуу тылга кубулуй.
Тыам тыла бараксан
Долган омук дьарыгын,
Гини боскуой таҥаһын,
Культуратын хоһуй, туой.
Тыам тыла бараксан
Коту дойдум коһуун дьонун
Корсун-коодуот улэтин
Үрдүк тыыннаа, үйэлээ.
Тыам тыла бараксан
Һаҥа тыллар ньургуһуннуу,
Һааскы калаан уутунуу
Күүстээх модун Һанаалан.