Үөрэх үлэһиттэрэ билиилэрин таһымын үрдэттилэр

120

Сэтинньи 21-23 күннэригэр педагогтар квалификацияларын үрдэтэр куурустар буоллулар. Манна «Сосновый бор» Дьокуускайдааҕы киинтэн исписэлиистэр үлэлээтилэр.


Орто Халымаҕа Дьокуускайтан оҕолор сынньанар уонна доруобуйаларын туругун чэбдигирдэр «Сосновый бор»  Киинтэн А.П.Фёдоров, В.В.Ордахов, С.С.Нафанаилова «Дети Арктики» бырайыак чэрчитинэн «Открытое образование: Школа будущего» бырагырааманан куурустары ыыттылар.

Бу туһунан улуустааҕы Үөрэх управлениетын эбии уонна анал үөрэхтээһин иитэр үлэҕэ кылаабынай исписэлииһэ Любовь Алексеевна Оконешникова кэпсиир:
Куурус педагогтар итиэннэ үөрэх тэрилтэлэрин салайааччыларын идэлэрин сайыннарар, Арктика уонна хотугу улуустарга үөрэх хаачыстыбатын таһымын үрдэтэр, уопут атастаһар сыаллаах-соруктаах ыытылынна. Киин методистара «Нормативно-правовое обеспечение образовательной деятельности в условиях модернизации образования», «Образовательное пространство Арктики. Развитие через диалог и сотрудничество», «Коллективное планирование в дополнительном образовании» диэн үс модульга арахсан үөрэттилэр. Кууруска уопсайа үөрэх тэрилтэлэриттэн 52 киһи сырытта. Олор истэригэр Налимскай, Хатыҥнаах, Сылгы Ыытар, Арҕахтаах педагогтара, «Колокольчик», «Саһарҕа», «Сказка» оҕо саадын иитээччилэрэ, сэбиэдиссэйдэрэ, «Спектр» оҕо сайдар Киинин уһуйааччылара, Орто Халыма куорат орто оскуолатын, оҕо-ыччат спортивнай оскуолатын, оҕо искусствотын оскуолатын уонна улуустааҕы гимназия педагогтара бааллар.

Куурустарга үөрэнии бүтэһик күнүгэр бырайыактар презентациялара, олору көмүскээһин буолла. Маны таһынан педагогтар тус идэлэрин туһунан эссе суруйдулар. Арктика педагогтарын туһунан Альманах тахсарынан сибээстээн, эсселары чочуйан бэлэмнээн ыыталларыгар методистар сүбэ быһыытынан эттилэр. Хас биирдии педагокка квалификацияны үрдэтиини ааспытын туоһулуур дастабырыанньалар туттарылыннылар.