Анаабыр улууһун Сааскылааҕар бу күннэргэ аэропорт түөлбэтин нэһилиэк дизельнай электростанциятыгар холбуурга аналлаах үлэ саҕаланна. Уот тардыллар тэрилин бастакы олоҕун түһэрдилэр.
Анаабырдааҕы дизельнай электростанция начальнига Эдуард Платонов: «Былаан быһыытынан аэропорт түөлбэтин ДЭС-кэ холбуур технологическай үлэ тэрээһинэ ыытылла турар. Нэһилиэк электростанцията «Сахаэнерго» тэрилтэни кытары ааспыт сылга дуогабарга илии баттаспыттара. Үлэбитин бастакы сыбаайа түспүт сириттэн — аэропортан саҕалаатыбыт. Манна икки трансформатор туруохтаах. Оҥоһуллуохтаах үлэ уопсай уһуна 5,5 км. Бу хайысханан уот ситимин холбооһун, былаан быһыытынан, алтынньы ыйга турар», — диэн быһааран кэпсээтэ.
Дьокуускай куораттан тендергэ кыайбыт тэрилтэ 14 киһилээх биригээдэтэ кэлэн үлэлии сылдьар. «Электромонтаж» ХЭУо кылаабынай инженера Руслан Соловьев: «Анаабыр олохтоохторугар үлэлиирбитигэр үчүгэй усулуобуйа оҥорбуттарыгар, итии сыһыаннарыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Үлэ былаан быьыытынан бара турар. Туох баар наадалаах матырыйаалбыт барыта тиэллэн кэллэ. Объегы бүтэрэн, болдьоҕор туттарыахпыт диэн эрэллээхпит», — диэтэ.
Сыл аҥардаах үлэҕэ уопсайа сүүстэн тахса остуолба туруоруллуохтаах.