«Каникул — оҕолорго, учууталга буолбатах» диэн девиһынан ааспыт нэдиэлэҕэ Саккырыыр орто оскуолатыгар учууталлар ортолоругар олус сэргэх куонкурус буолан ааста. Учууталлар билиигэ-көрүүгэ таһымнарын сайыннарар, үөрэтэр маастарыстыбаларын үрдэтэр, уопут атастаһар сыаллаах-соруктаах «Бастыҥ методическай түмсүү» диэн ааттаах конкурска уопсайа 5 хамаанда күрэхтэстэ.
Бастакынан тыл уонна литература учууталлара (гуманитарийдар) араас омук буолан киирэннэр тыл суолтатын, өс хоһооннорун, таабырыннарын, ох тыллары туттаннар слайдынан көрдөрөн кэпсээн-ипсээн, ыллаан, хоробуоттаан, араас аһынан күндүлээн бэрт сэргэхтик ыыттылар. Эдэркээн учуутал Марианна Жиркова уруогу оҕону сэҥээрдэр гына ыытыахха сөбүн кэпсээтэ.
Химиктар, биологтар, географтар, историктар (естественнай наукалар) бөлөхтөрө бу предметтар хайдах курдук умсугутуулаахтарын араас уопуттары оҥорон, аан дойдуну арыйан, үүнээйини үөрэтэн хайдах үөрэнээччи болҕомтотун тардыахха сөбүн итэҕэтиилээхтик кэпсээтилэр.
Математиктар аҕыйахтар буолан баран үөрэтэр предметтарын курдук чуолкай уонна чопчу тылынан точнай наукалары баһылаан үөрэнээччи аныгы кэм ирдэбилинэн үгүһү ситиһиэн сөбүн, бу наука үрдэлин дабайыы уустук буолан баран, олус интэриэһинэйин уонна билиҥҥи олоххо ордук наадалааҕын көрдөрдүлэр. Сатаан ааҕар-суоттуур, логиканы баһылаабыт, инникитин ырыҥаланан көрөр киһи хаһан да өлөн-охтон биэрбэт диэн дакаастаатылар.
Физкультура, технология, уруһуй учууталлара (эстетико-прикладной наукалар) сүрүннээн эдэр сэргэх дьон бука бары эбээннии таҥас тиктэн тахсыбыттара олус сэргэхтик көһүннэ. Түөстэригэр харысхал бэлиэтин иилинэн киһи илиитэ биэс тарбахтааҕын, бу хас биирдии тарбах тус туһунан хайысхалаах гынан баран биир сомоҕо буолан түмүлүннэҕинэ барыны кыайар күүстээҕин бэрт үчүгэйдик арыйдылар. Кинилэр хамсаныы, киһи этин-сиинин чөл туруктаах тутуута, доруобуйа уонна спорт тэҥҥэ сайдыыта бары өттүнэн дэгиттэр чөл куттаах киһини, ол аата доруобай туруктаах норуоту иитэн таһаарыыга олус улахан суолталаахтарын киэҥник билиһиннэрдилэр. Оҕо уруһуйдуур талаанын арыйыы, кини кэрэни сатаан көрөр дьоҕурун сайыннарыы — оҕо духуобунай сайдыытыгар, сырдык киһи буола улаатарыгар ураты суолталааҕын кэпсээтилэр. Маны таһынан оҕону чөл олоххо уһуйууга туох ньымалары тутталларын көрдөрдүлэр. Түмүгэр Дмитрий Саввинов гитаранан кэрэ ырыаны бэлэх уунна. Бу бөлөххө эдэр дьон элбэхтэрэ — саҥа көлүөнэ учууталлар саҥалыы тыыннаах, сэргэх көрүүлээх, креативнай дьон буолалларын көрдөрдүлэр.
Бүтэһик бөлөххө — алын сүһүөх оскуола учууталларын методическай түмсүүтэ олус элбэх буоланнар, биир тэҥ таҥастаах биир-биир тахсан хоһоон ааҕан, оҕо билиини ылыытыгар, киһи буолуутугар сүрүн акылаатын уурууга 1 кылаастан саҕалаан туох предметтары үөрэтэллэрин анал үктэллэри оҥортоон аҕалан уурталаан көрдөрдүлэр. Тоҕо оҕо алын кылааска чиҥ билиини ылыыта, кини киһи буолан тахсыытыгар сүдү оруоллааҕын киэҥник арыйан хоһоонунан кэпсээтилэр. Кинилэргэ билии хаачыстыбата инники күөҥҥэ турара — учууталлар бу конкурска хайдах курдук кыһаллан бэлэмнэммиттэриттэн кытта көһүннэ.
Бу бастакы куонкурус түмүгүнэн, биир да түһүмэххэ иҥнибэккэ саас сааһынан арыйаннар, бары өттүнэн үрдүк баалы ыланнар, алын сүһүөх кылаас учууталларын дьүүллүүр сүбэ биир санаанан кыайыылаахтарынан ааттаата (95 баал). Иккис миэстэни естественнай наука методическай түмсүүтэ ылла (89 баал). Үһүс миэстэни уопсай баалынан математиктар ыллылар (87 баал).
Бу аһаҕас методическай тэрээһин үс түһүмэҕинэн барыаҕа, муус устар ыйга түмүктэниэҕэ, манна кыайыылаахтар ааттаныахтара.
Билиҥҥи уустук кэмҥэ оҕоҕо чиҥ билиини биэрии, кини ханнык баҕарар эйгэҕэ тэҥҥэ киирсэн иһэр кыахтаах, бары өттүнэн сайдыылаах киһини иитэн таһаарыы соруга билигин олус күүскэ турда. Олоҕу кытта тэҥҥэ үктээн иһэр эрэ учуутал ситиһиилээх киһини иитэн-үөрэтэн таһаарар кыахтаах, бу билиҥҥи кэм тулхадыйбат ирдэбилэ.