Сангаарга 2000-тан тахса киһи параадка таҕыста

113

Өр сыллаах тохтобул кэнниттэн, быйыл Сангаарга Үлэ, Саас, Эйэ бырааһынньыгын үөрүүлээхтик бэлиэтээтилэр.


Төһө да халлаан тыалыра-хаардыы турдар, параад кыттыылаахтара онтон дьулайбатылар. Бырааһынньыктыы киэргэммит үлэ кэлэктииптэрэ Ленин аатынан уулусса устун хаамсан, Кыайыы болуоссатыттан Ленин аатынан болуоссакка бардылар.

Хас биирдии кэлэктииби Кэбээйи улууһун баһылыга И.Н. Спиридонов уонна Сангаар бөһүөлэгин баһылыга Н.И. Попов эҕэрдэлии көрүстүлэр. Ол кэннэ Үлэ, Саас, Эйэ бырааһынньыгар аналлаах үөрүүлээх миитин буолла. Салгыы үлэ кэлэктииптэрин күүһүнэн кэнсиэр ыытылынна.

Үлэ дьонун, күөх сааһы, эйэни-дьолу өрө тутар бырааһынньык Сангаар олохтоохторун, оҕону-урууну сэргэхситтэ, мантан антах үтүө үгэс быһыытынан ыам ыйын хас бастакы күнүн ахсын ыытыллар буолла.