Сардана Седалищева: «Россия Саҥа дьыла норуоту түмэр күүстээх»

264

Кытай уонна Дьааҥы. Бу икки ханан да хатыласпат ураты кэрэлээх, туспа суоллаах-иистээх дойдулары биир ситимҥэ киллэрбит киһинэн Сардана Седалищева буолар. Ыраах Дьааҥы улууһуттан төрүттээх Сардана Седалищева улуу Кытайга олохсуйан, кини муҥутуур кыаҕын-күүһүн иҥэринэн, олоҕун кэскилин түөрэҕин түһэрэн, үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьар. Бүгүҥҥү таһаарыыга кини туһунан кэпсиибин.


Китай Шаньдун провинциятыгар Линьи куоракка олорбуппут 9 сыл буолла. Кэргэним Андрей Сердечный идэтинэн пианист, Чайковскай аатынан Москватааҕы консерваторияҕа үөрэммитэ. Университекка пианино кылааһын үөрэтэр. Бэйэм тылбааһынан дьарыктанабын, — диэн кэпсиир Кытайга олохсуйбут Дьааҥы кыыһа Сардана Седалищева.

Улуу Кытайга бэйэлэрин миэстэлэрин булунан, үлэлии-хамсыы сылдьар дьиэ кэргэн үөрүүтүн үксэтэн, игирэ оҕолоро – Сандар уонна Никита этэҥҥэ улааталлар.

— Уолаттар билигин икки саастаахтар. Сир түннүгүн арыйар, тулалыыр эйгэни ылынар кэм, биллэн туран, оҕо саастан саҕаланар. Оҕолорбутун кытта нууччалыы, сахалыы тылларынан тэҥҥэ кэпсэтэбит. Аҕабыт омугунан нуучча. Калужскай уобалас Россияҕа биир бастакынан «наукоград куорат» диэн статустаах Обнинск куоратыттан төрүттээх. Уолаттарбын оҕолонон, балыыһаттан тахсааппытын кытта, аҕам Ньукулай Дьааҥыттан анаан-минээн көмөлөһө кэлбитэ. Сиэннэрин биир саастарын тоҕус ый ааһыахтарыгар диэри оҕолоон, Кытайга олорбута. Ол иһин дьиэбитигэр саха тылын эйгэтэ, тыына куруутун баар, оҕолор уу сахалыы тылы ньылбы эрдэхтэриттэн истэн улаатан эрэллэриттэн үөрэбин. Аҕам олох атын дойдуга маннык тулуурдаахтык, дьиэтин-уотун барытын хаалларан туран, биһиэхэ кэлэн сахалыы эйгэбитин чиҥэтэн, кэскилин түстээн барбытыгар олус махтанабын. Чахчы, хоту сир киһитигэр хорсун быһыы, — диэн Сардаана аҕатыгар истиҥ махталын биллэрэр.

Эдэр дьахтар Кытай курдук сайдыылаах улуу дойду киэҥ хардыытын тэтимигэр баһыйтарбакка, бэйэтин норуотун олохсуйбут үтүө үгэстэрин оҕолоругар иҥэрэргэ дьулуһар. Биир оннук үтүө үгэс – Саҥа дьыл бырааһынньыга. Тымныы оройуттан – Дьааҥыттан төрүттээх киһиэхэ Саҥа дьыл суолтата тугунан да кэмнэммэт ураты тыыннаах.

— Саҥа дьыл ахсынньы 31 күнэ Кытайга туспа историялаах. Манна ахсынньы 31 түүнүн биһиги курдук бэлиэтээбэттэр. Кытай бэйэтэ ый халандаарынан үгэс буолбут Саҥа дьыллаах. Арҕаа дойду Ороһуоспатын билинэр. Католическай итэҕэллээх кытайдар элбэхтэр. Онтон биһиэхэ, Кытайга олорор Россия дьонугар, Саҥа дьыл дойдубутун кытта ситиммитин быспат күүтүүлээх бырааһынньыкпыт. Оҕолорум Саҥа дьыл курдук маассабай бырааһынньык үөрүүтүн билбэккэ, дьыссааттарга, оскуолаларга буолар утренниктары, Тымныы Моруос оҕонньору, Хаарчаананы, араас уотунан күлүмүрдүүр күөх харыйаны, араас эриэккэс маскарааттары көрбөккө улаатыахтарын баҕарбаппын. Ол иһин бэйэбит күүспүтүнэн Саҥа дьыл тыынын үөскэттэхпитинэ, оҕолорбутугар иҥэрдэхпитинэ сатанар, — диэн этэр кини.

Кытайга олохсуйбут ыал былырыын уолаттара олоххо бастакы хардыыларын оҥорбут кэмнэригэр Саҥа дьыл бырааһынньыгын тэрийэн ыыппыттара. Эһэлэрэ Ньукулай Тымныы Моруос оҕонньор, ыал ийэтэ Сардана бэйэтэ Хаарчаана, уолаттара Сандар Саҥа дьыл, Никита бөтүүк маскараата буоланнар, чугас олорор оҕолоох ыалларын эҕэрдэлээбиттэрэ, бэлэх туттарбыттара.

— Быйыл күһүн куораппытыгар Нуучча уулуссата арылынна. Кытайдарга нуучча култууратын тарҕатыы, билиһиннэриигэ, ол иһигэр Саҥа дьыл бырааһынньыгын бэлиэтээһиҥҥэ былааннара элбэх. Онон Россия култуурата Кытай сиригэр-уотугар тарҕаныытыгар эрэлбит улахан. Россия Саҥа дьыла Кытайга туспа суолу-ииһи киллэрэн, норуоту түмүүгэ көмөлөөх буолуо ди саныыбын. Ол туһугар Кытайга олохсуйбут Россия дьоно үлэлэһиэхпит, — диэн эрэлин биллэрэр.

Дьааҥы уонна Кытай икки ураты дойду күүһүн-уоҕун этигэр-хааныгар иҥэриммит Кытай олохтооҕо, талааннаах музыкант Андрей Сердечный тапталлаах кэргэнэ, кырачаан Сандар, Никита күн күбэй ийэлэрэ Сардана Седалищева курдук дойдутугар бэриниилээх, киэҥ уопсастыбаннай өйдөөх-санаалаах, норуот үгэстэрин үрдүктүк тутар ыччаттаахпытынан биһиги киэн туттабыт.