Сииктээххэ тутуу маһын уунан аҕалтарыы үлэтэ күүскэ ыытыллыбыта номнуо үһүс сыла буолла. Нэһилиэк улуус кииниттэн ыраах сытарынан, сайынын Өлүөнэ өрүһүнэн айан суола арыллар.
Ханна да буоларын курдук, олохтоох дьаһалта дьон олорор усулуобуйаны былааннаахтык тэрийэр. Ол курдук, олохтоохтор дьиэ тутталларыгар тутуу матырыйаалын аҕалыыга көмөлөһөр. Харчыларын тутатына ууран биэрэр кыаҕа суох дьоҥҥо, нэһилиэк дьаһалтата график оҥорон, кыралаан төлөһөллөрүгэр кыах биэрбит.
Быйыл үгүс дьон хаптаһын сакаастаспыт. Дьиэ көндөйүн Смирновтар сайаапкаласпыттар. Александр Смирнов дьиэтин маһа кэлэн, бэйэтин тиэргэнигэр саҥа тутууну ыытаары бэлэм сылдьар.
Баһылык Рая Михайловна этэринэн, олохтоохтор дьиэлэрин сыыйа-баайа оҥостоллор. Ол курдук кинилэр матырыйаалларын үс-түөрт сыл мунньан, дьиэлэрин дьэ туттан саҕалыыллар. Нэһилиэнньэ үгүс ыала кыаммат араҥаҕа киирсэр, араас билигин көрүллэр бырагыраамаҕа даҕаны кыайан киирсэр кыахтара суоҕун баһылык бэлиэтээн этэр. Ол иһин олохтоохтор кыра-кыралаан матырыйаал ылынан дьиэлэрин тутталлар. Оннук гынан, бэйэлэрэ суоттанан, сылтан сыл сакаас биэрэн, тутуу матырыйаалын ылыналлар.
Маннык быһаарыныыны дьаһалта үлэһиттэрэ 2013 сыллаахха толкуйдаан олоххо киллэрбиттэр. Баһылык Рая Михайловна ол сыл Ил Түмэн депутатыгар Иван Андреевка маннык этиини оҥорбутун, тута сөбүлэһэн өйүүрүн биллэрбит.
“Биһиэхэ “Нижне-Ленскэй” уонна “Анаабыр Алмаастара” тэрилтэлэр күүс-көмө буолаллар. Бу үлэ олоххо киириитигэр дьон улаханнык итэҕэйбэтэҕэ. Онон аан маҥнай нэһилиэкпититтэн биир эрэ киһи бүтүн дьиэ маһын, аҕыйах киһи мас бурууһун, 20 киһи хаптаһын мас, ону тэҥэ дьиэ араас матырыйаалларын сакаастаммыттара. Ол кэннэ, үс сыл тухары элбэх ыал дьиэ туттарыгар мас сакаастанан кэллэ.
Салгыы саҥа “Чайка” диэн тыраахтыр кэлиэ. Суолбутунан ДТ тыраахтар аастаҕына, суолга оспот баас буолан өргө диэри хаалар. Ол иһин биһиги үксүн көлүөһэлээх тырааныспардары ыла сатыыбыт. Кэлиэхтээх тыраахтарбыт туспа бырысыаптаах, иннитигэр кырааннаах буолуо”, – диэн кэпсиир Рая Михайловна.
Быйыл уу суолунан сакаастаммыт матырыйаал барыта кэлэн, дэриэбинэҕэ сүөкэннэ, тиийиэхтээх анал миэстэлэригэр түҥэтиллэн сыталлар.