Аныгы сайдыылаах үйэҕэ «Lego», «робот», «робототехника» диэн тыллар күннээҕи олохпутугар үгүстүк туттуллар буоллулар. Билигин бу уустук дьарыгынан, оскуола үөрэнээччилэрэ эрэ буолбакка, оҕо саадын иитиллээччилэрэ кытары дьарыктаналлар. Быйылгы улуустааҕы «Robokids-Suntar» робототехника бэстибээлэ 16 оҕо саадыттан оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах 66 оҕону түмтэ.
Үһүс төгүлүн ыытыллар күрэс сылтан сыл аайы кыттааччытын ахсаана элбээн, тэрээһин таһыма үрдээн иһэрин бэлиэтиэххэ наада.
Бэстибээл Сунтаар нэһилиэгин 11 №-дээх «Кыталык» оҕо саадыгар ыытылынна. Улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга Гаврил Еремеев, оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин салаатын салайааччыта Антонина Саввинова, «Кыталык» оҕо саадын сэбиэдиссэйэ Валентина Петрова тыл эттилэр. Кыттааччы оҕолору «Кыталык» оҕо саадын иитиллээччилэрэ, иитээччилэрэ ырыаларынан, үҥкүүлэринэн сэргэхситтилэр.
Манна оҕолор робототехника миссиятыгар, робофутболга, робототехниканы айылҕа харыстабылыгар туһанарга бырайыак көмүскээһиҥҥэ күрэстэстилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ улуустааҕы үөрэх управлениетын оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин салаатын салайааччыта Антонина Саввинова, сүрүн исписэлиис Туйаара Васильева, исписэлиис Ольга Саввинова, айылҕа харыстабылын управлениетын исписэлииһэ Марина Корякина, «Кыталык» оҕо саадын иитээччитэ Светлана Алексеева, СПТЛ-И «Ай-Сатаа» технопааркатын педагога Станислав Тихонов үлэлээтилэр. «Сandy-bar», тэрээһиҥҥэ сыһыаннаах фотозона бааллара оҕолорго үчүгэй настарыанньа, үтүө өйдөбүл хаалларбыттара саарбаҕа суох.
Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго аналлаах робототехника миссиятыгар оҕолор роботы салайан, куубуктары сыҕарытан арифметическай садаачалары суоттууллар. Кыттааччыттан уонна дьүүллүүр сүбэттэн ураты хоско ким да киириэ суохтаах. Манна быйыл тэрийээччилэр саҥаны киллэрэн, салайааччылар, кыттааччылар миссияны көрөллөрүн курдук быһа эпииргэ көрдөрбүттэрэ олус табыгастаах буолбут. Бу күрэскэ I миэстэни Мичил Сидоров («Кыталык», Сунтаар), II миэстэни Арчын Иванов («Кыталык»,), III миэстэни Ньургун Григорьев («Чебурашка», Сунтаар) ыллылар.
Робофутболга оҕо саадтара үстүү кыттааччылаах хамаанда туруордулар. Хамаандаҕа биир көмүскээччи, икки кимэн киирээччи бааллар. Роботы салайан пинг-понг мээчигин утарсааччыларын боруотатыгар киллэриэхтээхтэр, оонньуу үс мүнүүтэ барар. Бу көрүҥҥэ «Ньургуһун» (Сунтаар) оҕо саадын хамаандата кыайыылааҕынан таҕыста. II миэстэҕэ «Кыталык» бастакы хамаандата, III миэстэҕэ «Березка» (Сунтаар) хамаандата тигистилэр.
Айар бырайыакка оҕолор робототехника көмөтүнэн айылҕа харыстабылыгар сыһыаннаах араас бырайыактары оҥорбуттарын көмүскээтилэр. Дьүүллүүр сүбэ үлэтин түмүгүнэн «Ньургуһун» оҕо саадын иитиллээччитэ Эдвард Николаев I миэстэни ылла. Вова Прокопьев («Кыталык») II, Сара Заболоцкая уонна Уйгулаана Иванова («Березка») III миэстэ буоллулар.
Бэстибээл түмүгүнэн Үөһээ Бүлүүгэ буолуохтаах региональнай бэстибээлгэ барар путевканы Илья Николаев («Туллукчаан», Сунтаар), Марик Хастыров («Чебурашка»), Илья Иванов («Сэргэ», Түбэй Дьаархан) уонна Дима Кириллин («Елочка», Элгээйи) туттулар. Үөрэх управлениетын анал бирииһин Түбэй Дьаархантан сылдьар Илья Иванов ылла.