Сунтаардар Ийэ күнүн бэлиэтээтибит. Бу бэлиэ күнү көрсө бээтинсэҕэ таас балыыһа оҕону төрөтөр отделениетыттан күн сирин саҥа көрбүт икки кырачаан уолу дьиэлэригэр атаарыы үөрүүлээх тэрээһинэ буолла.
Төрөппүттэри кытта тэҥҥэ бу үөрүүлээх түгэни Сунтаардааҕы ГТАС сэбиэдиссэйэ Анна Григорьева, улуус дьаһалтатын социальнай боппуруостарга сүрүннүүр исписэлииһэ Тамара Иванова уонна отделение эмчиттэрэ тэҥҥэ үллэһиннилэр.
Бастатан туран, Анна Васильевна улууспут саҥа олохтоохторугар ааты биэрии сиэрин-туомун ыытта. Инникитин хас биирдии киһи аатынан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр. Элгээйиттэн сылдьар Алена Гуляева бастакы уол оҕотун Данил диэн ааттаабыт. Бу аат былыргы еврей норуотуттан төрүттээх. Данил диэн ааттаах эр дьон олус мындыр өйдөөх, боччумнаах дьон буолаллар эбит. Оҕо сылдьан кинилэр олус көрсүө, үтүө санаалаах, тугу эмэ оҥоруохтарын иннинэ үчүгэйдик толкуйдаан баран биирдэ оҥорор эбиттэр. Аленаны үөрүүлээх күнүгэр ийэтэ, дьүөгэлэрэ кэлэн эҕэрдэлээтилэр.
Түбэй Дьаархантан сылдьар Светлана Иванова 9-с оҕотун Сайдам диэн ааттаабыт. Бу сахалыы аат сайдыыны, ырааһы, сырдыгы бэлиэтиир. Аһаҕас дорҕооно барыта А буоларынан бу кыра киһичээн аһаҕас майгылаах, дьоҥҥо үтүө сырдык сыһыаннаах, күн курдук сандааран дьоһун-мааны киһи буола улаатар. Светлананы кэргэнэ Анатолий Николаевич киирэн көрүстэ.
Түмүгэр Анна Григорьева төрөппүттэргэ оҕолорун маҥнайгы докумуоннарын – төрөөбүттэрин туһунан туоһу суруктары — туттарда.
Ол кэннэ төрөппүттэри, мустубут дьону Тамара Иванова эҕэрдэлээтэ. Чуолаан кини Аленаҕа инникитин да кэнчээри ыччаты тэнитэ турарыгар, оттон Светланалаах Анатолийга сотору кэминэн онус оҕолоноллоругар баҕарда.