Сунтаарга улуус ырыа айааччыларын түмсүүтэ саҥардыллан тэрилиннэ

156

Сунтаар улууһун киининээҕи «Партизан» норуот айар киинигэр өтөрүнэн буолбатах ырыа бырааһынньыга буолан ааста. Бу кэрэ киэһэни бэйэбит күннэтэ кэриэтэ алтыһар, улууспут үгүс нэһилиэктэриттэн киирбит биир дойдулаахтарбыт бэлэхтээбиттэрэ ордук истиҥ, долгутуулаах да буолла.


Дьоро киэһэҕэ саҥардыллан тэриллибит улуус ырыа айааччыларын (мэлэдьиистэрин) түмсүүтүн кыттыылаахтара, сүрэхтэрин уонна дууһаларын иэйиитин көмүс дорҕоон гынан көтүппүт ырыа айааччылар бэйэлэрин ырыаларын билиһиннэрдилэр. “Ырыа – олох арахсыспат аргыһа”, “Ырыата суох – олох суох” дииллэрин Кэмпэндээйи сириттэн сылдьар 87 саастаах Ксения Евсеева төрөппүт уола, улуус биир биллэр баяниһа Афанасий Евсеев доҕуһуолунан ырыатын истэн баран, чахчы да итэҕэйэ саныыгын.

3 №-дээх Сунтаардааҕы «Чебурашка» оҕо сайдар киинин иитээччитэ Маргарита Архипова, өрөспүүбүлүкэҕэ, Арассыыйаҕа да биллэр «Мозаика» оҕо образцовай ырыа ансаамбылын салайааччыта Виктория Мойтохонова матыыптарыгар ырыалары кинилэр иитэр-үөрэтэр оҕолоро ыллаатылар. Бары сахалыы национальнай таҥастаах туран ыллаан чуопчааралларын истэ олорон, кэнчээри ыччат ыллыыр буоллаҕына, сахалыы ырыа өлбөт-сүппэт үйэлээҕэр, саха омук сайдар кэскиллээҕэр өссө төгүл эрэнэҕин. Ырыа баар буоллаҕына – олох баар дииллэр дии.

Кэнсиэр саҕаланыытыгар улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын начаалынньыга Мария Кобельянова-Тускулаана саҥардыллан тэриллибит улуус ырыа айааччыларын түмсүүтүн салайааччытынан Анна Тотонова анаммытын уонна Мария Васильевна бэйэтэ салайар «Ньургуһун» литературнай түмсүүнү кытта биир ситимнээхтик үлэлиэхтэрин туһунан кэпсээтэ. Дьэ кырдьык, өрөспүүбүлүкэ ыллыыр эйгэтигэр эмискэччи кэриэтэ (мин санаабар – ааптар) сырдык сулус буолан чаҕылыйан киирбит Анна Тотонова уонна кустук араас өҥүнүү чаҕылыҥныы оонньуур араас талааннардаах Мария Кобельяновалыын-Тускулааналыын айымньылаахтык үлэлиэхтэригэр эрэл улахан.

Мария Васильевна бу иннинэ бу түмсүүнү салайан кэлбит, улуус култууратын уонна духуобунаһын сайдыытыгар улахан өҥөлөөх, ахсаана биллибэт элбэх идэлээх, дьарыктаах, көрдөөх киһи Куоратап Балыарый бу күннэргэ 65 сааһын, сыанаҕа тахсыбыта 60, ырыа айбыта 40 сылын туолбуттарынан эҕэрдэлээн туран, улуус «Сцена бэтэрээнэ» бэлиэни кытта сэмэй бэлэҕин туттарыытын, Валерий Васильевич талааныгар сүгүрүйээччилэр дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр.

Ити курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ бэлиэтэнэр Ырыа күнүн чэрчитинэн ыытыллыбыт ырыа куттаах биир дойдулаахтарбыт бу киэһэ бэйэлэрэ матыыптаан айбыт ырыаларын бар дьонноругар бэлэх ууннулар. Кинилэр бэйэлэрин дууһаларын иэйиитинэн олох, дойдуга таптал, күүстээх үлэ, кырдьыбат таптал, айгыр-силик айылҕа туһунан ырыалара бииртэн биир ураты, истиҥ иэйиилээх буолан, мустубут дьон санаалара бэркэ көнньүөрэн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн, дууһалара сылаанньыйан тарҕаспыттарыгар саарбахтааһын суох. Бу бэйэлэрин айар талааннарын бар дьонноругар көрдөрбүт, бэлэхтээбит отучча ырыа куттаах дьонтон мин биир бэйэм кими да ордук чорботон бэлиэтиир кыаҕым да, быраабым да суох.

Бэртээхэй кэнсиэри билиҥҥи Сунтаар биир аксакал ырыаһыта, ырыа айааччыта Валерий Коротов Ангелина Файрушина кэриэһигэр айбыт «Ырыа Кыыс» ырыаны толоруута долгутуулаах буолла.