Суоллааҕы бэлиэтээһиннэр: Кэбээйигэ айан

198

«Сахамедиа» холдинг тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын сырдатар «Улуус олоҕо» бырайыагын былаанын эрдэттэн оҥорон бигэргэтэр. Ол сиэринэн Кэбээйи улууһа былааҥҥа муус устар саҥатыгар туруоруллубута. Хамаанда тэринэн, улуус салалтатын кытта быһаарсан, айаҥҥа туруммута.


Ааспыт бээтинсэҕэ командировкаҕа барар докумуоннарбытын оҥорторон, муус устар 2 күнүгэр айанныырдыы тэриммиппит. Ол эрээри, уолдьах ити күннэртэн саҕалаан, күүстээх тыал түспүтэ. Тыал өрөбүлгэ да уҕараабатаҕа, онон Сангаар такситын диспиэтчэрэ төлөпүөнүнэн эрийэн: «Бэнидиэнньиккэ биир да такси барбат«, – диэбитэ итиэннэ сибээһи тута олоруҥ диэбитэ.

Бэнидиэнньик киэһэ диспетчер эрийэн, сарсын түөрт массыына айанныырын эппитэ. Лаппыйан ыйыппыкка, төһө да тыалырдар, ити киэһэ Сангаартан үс такси кэлбитин итиэннэ сарсын төннөргө быһаарыммыттарын кэпсээбитэ. Хайыахпытый, тыалтан салыннарбыт даҕаны, дойдулаах дьон билэн сырыттахтара диэн итиэннэ хас да массыына аргыстаһан барара эрэллээҕин иһин, үөрэ-көтө сөбүлэһэн, айанныыр буоллубут.

Оптуорунньук сарсыарда тыал төрүт намырыйбатах. Аҕыс чаас саҕана дьылдьыт Тускул араадьыйанан чэппиэргэ диэри бу курдук тыалырыа диэтэ, түмүгэр ыраах айаҥҥа барбакка сүбэлээтэ. Уолдьах айаннаан эрэр киһи ону бэркэ дьиксинэ иһиттим эрээри, ити икки ардыгар таксим кэллэ. Саҥа УАЗ микрооптуобус эбии дьону хомуйан куорат устун сүүрэлээмэхтээтэ, ол быыһыгар Жатайтан оҕолоох дьахтары ылла итиэннэ Намныыр аартыгы тутуста. Хаҥас өттүбэр сэргэстэһэ олорбут аргыһым кэпсээбитинэн, Сангаарга баар түөрт такси сулууспалара нэдиэлэ күнүнэн үллэстэн сүүрэллэр эбиттэр. Биһиги «Пятерка» такситыгар түбэспиппит.

– Суол үчүгэй кэмигэр Дьокуускайтан сэттэ чааһынан тиийээччибит, онтон бүгүн дьэ хайа буолабыт? – диэтэ уҥа өттүбэр олорбут айанньыт. Уонна кимнээх эрэ иллэрээ күн хоҥнон баран, бэҕэһээ тиийбиттэрин кэпсээтэ. – Чэ, кылаабынайа тиийбиттэр, – диэн түмүктээтэ.

Нам улууһунан айанныыр кэмҥэ суотабай сибээс баар буолан, пассажирдар аймахтарын кытары кэпсэтэ истилэр. Суоппарбыт эмиэ төлөпүөнүн араарбат, суол-иис туругун сураһар, аргыстара буоллаҕа, ким кэлбитин, ким кэлэ илигин ыйытар. Хаҥас олбоххо олорор аргыһым Нина Петровна бэҕэһээ киэһэ Сииттэнэн барбыт массыыналар бүгүн төннөн кэлбиттэрин кэпсээтэ. Ити кэмҥэ батсаабынан “Түбэ — Сангаар” айан суола сабыллыбытын, силлиэ тыал тохтуор диэри суол оҥоһуллубатын туһунан биллэрии тарҕанна.

Түбэ «чайнойугар» 2 чаас саҕана тиийдибит. Икки УАЗ микрооптуобуһу таһынан биир УАЗ-патриот бааллар, саҥардыы кэлбиттэр. Бары толору дьонноохтор, онон, дьоҕус аһыыр сир иннигэр букатын ыһыах дьонун саҕа элбэх киһи мустубут эбиппит!

Икки аҥар чаас саҕана бары субуруһан өрүскэ киирдибит. Сангаарга диэри мантан 15 көс, ама кэмҥэ түөрт чааһынан куугунатар эбиттэр. Онтон билигин… Эбэ хотун ньуура биир күдьүс тунааран олорор. Суол дьүүлэ-дьаабыта биллибэт, күөрэлэммит хаар хайыҥынан уонна онон-манан иҥнэри-таҥнары анньыллыбыт бэлиэлэринэн эрэ айан суола ханан барарын сэрэйэҕин. Суоппардарбыт ол суолу кыйа, хардары-таары солбуһа сылдьан, хаары хайытан айаннаатылар. Сороҕор киһи сымыйалаабытын курдук, чигдитийбит чараас хаарынан кудуххайдак барабыт, сороҕор хап-халыҥ балаһа хаарга иҥнэ түһэбит. Бастаан иһэр массыына батылыннаҕына, кини кэнниттэн иһээччи соһон таһаарар, оччоҕо айан салҕанар.

— Интэриниэтинэн көрдөххө, бэнидиэнньиккэ тыал күүһүрэр, оптуорунньукка арыый намырыйар диэн этэ да, бүгүн өссө сэтэрбит курдук буолбут, — диэн суоппарбыт Андрей инники олбоххо олорор киһиэхэ кэпсирэ иһиллэр.

Убаҕас уматыгы таһар икки массыына иһэрин утары көрүстүбүт. Биһиги суоппарбыт кинилэр кэлбит суолларын батыһыах курдук буолбута даҕаны, уонча да хардыыны барбатыбыт, сибилигин аҕай икки улахан массыына ааспыт суолун тибии обургу мэлдьэһэн кэбистэ.

Батамайга арахсар суолга чугаһаан иһэн, балыксыттар быһыылаах, икки массыынаны көрсөн аастыбыт. Батамайдыыр суолу ааспыппыт кэннэ, биир кыра массыына соһуулаах улахан массыынаны кытары почта массыыната сыннаран иһэллэрэ көһүннэ.

Сангаарга бара сатаан баран, чуурдарын биэрэн иһэллэр эбит. Ол иһин биһиги суоппардарбыт эмиэ төннөргө быһаарыннылар. Эмиэ хаста даҕаны бастаан иһэр “патриоппутун” состубут. Кытаанах сиргэ үктэнэн эрэ баран “һуу” гынныбыт.

Кэннибитигэр силлиэ тыал иһиирэ-ытылла, хаарынан ыһыахтана хаалла. Куораты түүн ортотун ааһыыта буллубут.

Бу сырыы кэнниттэн киһи тугу этиэн сөбүй? Тыал-силлиэ түспүтүнэн, суол алдьаммытынан айаны-сырыыны боппучча бобон баран, өрүскэ киирэр аартыктарга ДПС эбэтэр ЫБММ үлэһиттэрэ дьуһуурунайдыыллара, өрүскэ кими да киллэрбэттэрэ наада эбит. Араас уолҕамдьы санаалаах дьон манныка аргыһа суох соҕотоҕун айанныыбыт диэннэр, аара быстарар түбэлтэлэрэ хаһан баҕарар тахсар кыахтаах.