Суоппар дьахталлар Амма өрүс биэрэгэр күрэхтэстилэр

404

Болугур нэһилиэгэр Кыыс Амма биэрэгэр VI-с төгүлүн республикатааҕы суоппар кэрэ аҥардар күннэрэ буолан ааста. Барыта холбоон 13 улуустан 192 дьахтар кытынна.


Куйааһы куйаас диэбэккэ, буруо-тараа, быыл ортотунан тимир көлөлөрүн миинэннэр, хорсуннук кэлэн кыттыыны ыллылар: Амма, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Сунтаар, Уус Алдан, Усуйаана, Таатта, Хаҥалас, Чурапчы, Дьокуускай кэрэ аҥардара.

Тэрээһин чэрчитинэн “Школа актива” диэн төгүрүк остуол тула кэпсэтии ыытылынна. Манна кыттыыны ыллылар СӨ ыччат дьыалатын уонна дьиэ кэргэн политикатын миниистирин солбуйааччы Савва Михайлов, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Октябрина Петрова, СӨ үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин иһинэн социальнай политика департаменыгар дьиэ кэргэн уонна демография политикатын тэрийэр салаа салайааччыта Сардаана Самсонова, СӨ дьахталларын түмсүүтүн Сойууһун бэрэссэдээтэлэ Анжелика Андреева, СӨ арыгы хонтуролун кэтээн көрүү уонна информационнай-аналитическай үлэ салаатын салайааччы Ульяна Булдакова, “Россия дьиэ кэргэнэ” национальнай уопсастыбаннай кэмитиэт Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Мария Прокопьева, ХИФУ психология кафедратын сэбиэдиссэйэ Евдокия Неустроева, “Берегиня” оҕо дьиэтин дириэктэрэ, дьиэ кэргэн педагогикатын магистра Лена Ефремова.

Тэрээһин үөрүүлээх чааһа “Айылгы” сынньалаҥ духуобунай киинин режиссера Анастасия Егорова сатабыллаах сценарийынан арылынна. Ити кэннэ улуустарынан, араас тиэмэлэринэн дьэрэкээн өҥүнэн киэргэтиллибит массыыналарынан параад ыытылынна. Дьахталлар баай фантазияларын киһи сөҕөр эрэ. Манна барытыгар Болугур нэһилиэгин дьаһалтата, чуолаан баһылык Илья Николаев уонна бүтүн нэһилиэнньэ күүс-көмө буолбута тута көһүннэ. Туллук Петровна салайар “Оһуор олбох” түмсүүтүн 80-тан тахса олбоҕо фестиваль биир саамай кэрэ киэргэлинэн буолла.

Көхтөөх уопсастыбаннай үлэтин уонна СӨ дьиэ кэргэн политикатыгар кылаатын иһин, СӨ ыччат дьыалатын уонна дьиэ кэргэн политикатын миниистирин А.С. Владимиров Бочуотнай грамотатынан Чурапчы улууһунааҕы “Дьахтар сүбэтин” бэрэссэдээтэлэ А.В. Седалищева наҕараадаланна, махтал суруктары “Дьахтар сүбэтин” чилиэнэ М.И. Бурцева, “Аргыстаана” автокулууптан А.Е. Коркина туттулар.

Маны таһынан СӨ ыччат дьыалатын уонна дьиэ кэргэн политикатын миниистирин солбуйааччы Савва Анатольевич Болугур нэһилиэгин 10 оҕолоох Ильиннарын олоҕун-дьаһаҕын, хаһаайыстыбаларын билистэ. Оҕолор дьарыктарын, интэриэстэрин, ыал дьон баҕа санааларын иһиттэ.

Тэрээһин автокулууптарын билиһиннэрии куонкурсугар: 1 миэстэ – “Аргыстаана” Чурапчы автокулууба буолла (сал. Н.П. Ахматова), 2 миэстэни – Хаҥалас улууһа, 3 миэстэҕэ – Таатта улууһа таҕыста.

“Айан хотун” күрэх кыайыылааҕынан Мэҥэ-Хаҥаластан Любовь Гаврильева буолла. Бу күрэххэ олус үчүгэйдик уонна олус чаҕылхайдык биһиги улууспут чиэһин “Айылгы” сынньалаҥ киинин бриллиантовай куолаһа, СӨ култууратын туйгуна Анна Пинигина көмүскээтэ, киниэхэ “Алаас Хотуна” анал аат иҥэрилиннэ.

Саамай быһаарыылаах, тыҥааһыннаах күрэхтэһиинэн “Суперавтоклуб” куонкурус буолла. Кыайыылааҕынан Мэҥэ Хаҥалас улууһа ааттанна. Кинилэргэ Чурапчы улууһун Аҕа баһылыга А.Т. Ноговицын 10 тыһ.солк. бирииһэ туттарылынна. Иккистээбит Таатта улууһугар 5 тыһ.солк. бэрилиннэ, үһүс миэстэлээх хаҥаластарга «Хаар айан” бырайыак ааптара, Бахсы нэһилиэгин баһылыга И.Ф. Барашков анал бирииһин анаатылар.

Атын күрэхтэһиилэргэ спонсордарынан буоллулар: СКПК КС “Алмазкредитсервис” (дир. А.М. Васильев), урбаанньыттар З.Н. Местникова, А.Н. Сивцева, М.И. Бурцева, А.П. Попова, С.Е. Седалищев, нэһилиэк дьахталларын түмсүүтэ, спорт министиэристибэтэ, миниистир Г.Р. Балакшин, ыччат министиэристибэтэ, улуустааҕы дьиэ кэргэн отдела (сал. Т.П. Бушкова), “Арчы” үөрэх киинэ, “Аргыстаана” клуб түмсүү, “Эркин” улуустааҕы эр дьон түмсүүтэ.

Аныгыскы VII-c төгүлүн ыытыллыахтаах автоледи күрэх эстафетнай былааҕа Таатта улууһугар туттарылынна, онон эһиил Таатта үрэх кытылыгар көрсүөххэ диэри.

Тэрээһини өйөөтүлэр: СӨ ыччат дьыалаларыгар уонна дьиэ кэргэн политикатын министиэристибэтэ, Саха сиринээҕи дьахталлар түмсүүлэрэ, Чурапчы улууһун дьаһалтата, “Арчы” үөрэх кыһата, Чурапчы улууһун ОГБДД.