Суруйааччылар десаннара Намҥа тиийэн оҕолору, учууталлары кытта төрөөбүт тыл туһунан кэпсэттилэр

202

Бэҕэһээ төрөөбүт тыл күнүгэр Саха сирин суруйааччылара Нам улууһун гимназиятын үөрэнээччилэрин, учууталларын кытары көрсөн, кылаас чаастарын ыыттылар.


Көрсүһүүгэ поэт, тылбаасчыт, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай литературнай музей үлэһитэ Николай Винокуров – Урсун, прозаик, драматург, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Духуобунас академиятын академига Василий Васильев – Харысхал, поэт, прозаик, П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Елена Слепцова – Куорсуннаах, прозаик, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай литературнай музей дириэктэрин солбуйааччы Степан Сивцев – Хамалҕа, прозаик, “Саха сирэ” хаһыат суруналыыһа Аграфена Кузьмина кыттыыны ыллылар.

Суруйааччылар төрөөбүт тыл күнүгэр анаммыт үөрүүлээх линейкаҕа сырыттылар. Кылаастарынан арахсан, кылаас чаастарын ыыттылар. Уонна учууталлары кытары туспа көрсөн, литературнай биэчэргэ кытыннылар.

Оҕолор бары сахалыы таҥастаах кэлбиттэр. Сайын сибэкки толоонугар сылдьар курдук сананныбыт, сүргэбит көтөҕүлүннэ. Төрөөбүт тыл күнүгэр бу маннык сахалыы таҥныы үтүө үгэскэ кубулуйан баран истин. Оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн омугунан киэн туттууну иҥэриэххэ наада. Онуоха бу маннык тэрээһиннэр төһүү күүс буолаллар”, — диэн бэлиэтиир түмүккэ Елена Слепцова.

Нам улууһуттан төрүттээх Степан Сивцев – Хамалҕа бу гимназияҕа “Гид” телестудияны төрүттээн үлэлэппитэ. “Суруйааччы элбэхтэ кэпсэппит, көрсүбүт сиригэр суруйааччылар үүнэн-сайдан тахсаллар. Историяҕа оннук көстүү элбэх. Онон Нам улууһун гимназията уонна суруйааччылар бииргэ үлэлээһини тэрийиэххэйиҥ”, — диэн бииргэ үлэлээбит кэллэктиибигэр этии киллэрдэ.

Ыспыраапка: Нам улууһунааҕы гимназия 1994 сыллаахха тэриллибитэ. Судаарыстыбаннай деятель, Үрдүкү Сэбиэт депутата, Нам улууһун, Дьокуускай куорат Бочуоттаах олохтооҕо Николай Охлопков аатын сүгэр. Билигин оскуолаҕа 300-тэн тахса оҕо үөрэнэр. Гимназия английскай тылы, физиканы дириҥэтэн үөрэтэр.