«Үтүө санаа чороонун» кэбээйилэр горнайдарга туттардылар

157

Бэҕэһээ Саха тыйаатырыгар «Наара суох» испэктээкили көрө кэлбит дьон өссө биир үтүө түгэни көрөөччүлэринэн буоллулар. Бу күн «Үтүө санаа чорооно» («Чороон добра») Кэбээйи улууһуттан аҕалыллан, Горнай улууһугар туттарылынна. 


Ааксыйаны көҕүлээччи Антон Васильев.

Волонтер Антон Васильев көҕүлээһининэн, «Үтүө санаа чорооно» улуустарынан көһөрүллэ сылдьар. Чороон тиийбит сирэ болдьохтоох кэм иһигэр нэһилиэктэригэр аахсыйа ыыталлар. Ону туоһулаан, чороонҥо оройуон уратытын бэлиэтиир эмблемалар иилиллэллэр.

Бу күннэргэ «чороонноох» кэбээйилэр улуус киинигэр, нэһилиэктэригэр кыаммат-түгэммэт, элбэх оҕолоох ыалларга аһынан-үөлүнэн, таҥаһынан-сабынан уо.д.а. олоххо-дьаһахха наадалаах табаардарынан көмөлөстүлэр. Барыта үс массыына ас-үөл, таҥас-сап тиэлиннэ.

Горнай улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Алексей Дмитриевич сценаҕа тахсан, үтүө санааланыыны тус холобурунан олоххо киллэрэ сылдьар Антон Васильевка ис сүрэҕиттэн махтанна.

Кэбээйи улууһун баһылыга Игнат Спиридонов Арассыыйаҕа ыытылла турар Үтүө дьулуур (волонтерство) сылынан эҕэрдэлээтэ уонна: «Үтүө санаа өссө да эбиллэ турудун», – диэн, аахсыйа өрөспүүбүлүкэ үгүс улууһун хабарыгар баҕа санаатын тириэртэ.

И.Спиридонов, Н.Андреев, А.Николаев

«Үтүө санаа чороонун» туппут Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев:

– «Үтүө санаа чорооно» аахсыйаҕа биһиги улууспут былырыын эмиэ кыттыһан турар. Дьокуускай куораттан тутан баран, салгыы Бүлүү улууһугар атаарбыппыт, онтон  биир сылынан эргиллэн кэллэ. Бу олус туһалаах, иитэр-үөрэтэр суолталаах тэрээһин. Амарах санааланыы, кыаммакка көмөлөһүү саха киһитин төрүт хааныгар баар. «Ойуурдаах куобах охтубат» диэн бэргэн этиинэн салайтарар ситим быстыбакка ыытылла турара хайҕаллаах.

«Үтүө санаа чорооно» аахсыйа улахан көмөлөөх дии саныыбын. Бары бэйэ-бэйэбитигэр болҕомтолоох буолуоҕун, кыһалҕалаах дьон аттыларынан ааһан хаалымыаҕыҥ.