Тааттаҕа «Улуу сырыылар суоллара» саҥа аартыктары арыйаллар

215

Ытык Күөлгэ «Таатта улууһа» МО дьаһалтатын аактабай саалатыгар биир дойдулаахпыт, Хабаровскай куоракка Уһук Илин бэдэрээлинэй уокурукка Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Георгий Дмитриевич Никонов салайан таһаартарбыт алта туомнаах «Пути великих свершений» диэн үс кинигэлээх историческай альбому улуус уопсастыбаннаһыгар ырытыһыы, ол тула киэҥ ис хоһоонноох кэпсэтии ыытылынна.


Ырытыыны, кэпсэтиилэри И.А.Аргунов аатынан Тааттатааҕы Киин библиотека ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа библиотекара Полина Николаевна Иванова салайда. Тэрээһиҥҥэ библиотека салалтата, специалистара күргүөмүнэн үлэлээннэр, үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Кэпсэтиһиигэ суруйааччы, драматург, документалист, киинэ режиссёра, РФ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Семен Никонович Ермолаев-Сиэн Өкөр кыттан, ис хоһоонун кэҥэттэ, дириҥэттэ уонна сытыырхатта.

Ырытыһыы саҕаланыытыгар Георгий Дмитриевич альбомнар тахсыыларын, кылгас, чопчу ис хоһоонун, чинчийиигэ, сааһылааһыҥҥа ыытыллыбыт үлэни, саҥаттан саҥа чахчылар көстүбүттэрин улаханнык долгуйан, киэн туттан, бу үлэҕэ Таатта дьоно эмиэ кыттыбыттарын астына иһитиннэрдэ. Ол курдук, альбомҥа саха омук бэйэтин дьоһуннаахтык сананыытыгар, Саха сирэ Россия судаарыстыбатын экономиката, материальнай-духуобунай култуурата, дьонун-сэргэтин олоҕо-дьаһаҕа, промышленноһа, атыыта-эргиэнэ сайдыытыгар эргиччи суолталааҕын арыйарынан, чинчийиинэн дьарыгырар аныгы көлүөнэ дьон инникитин үтүмэн научнай суруйуулар түмүллүбүт сүдү хомуурунньуктан туһаналларыгар суолтата сүҥкэнин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Салгыы альбомҥа баар архыыптартан, атын да матырыйааллартан туһаныллыбыт хаартыскалар, илиинэн суруйуулар, схемалар, каарталар, био-библиографическай ыйынньыктар ааҕааччыга саҥаттан саҥа арыйыылары оҥорор, онтон сиэттэрэн бииртэн биир саҥа үлэлэр үөскээн-тэнийэн барыахтарыгар саарбахтаабатын иһитиннэрдэ. Кэлиҥҥи кэмнэргэ Таатта дьоно, «Олоҥхо тыйаатырын» дириэктэрэ Виталий Гаврильевич Власов, краевед-чинчийээччи, үүнэр көлүөнэ ыччаты төрөөбүт сири-дойдуну билиигэ көҕүлээччи, Чычымах киһитэ Аким Константинович Татаринов, ууттан-бадараантан иҥнибэт тиэхэньикэни айаннатан сылдьыбыт Иннокентий Егорович Жулляров саҥа көстүбүт чахчылары чопчу буларга улахан көмөлөөхтөрүгэр махталын биллэрдэ.

Ол курдук, Георгий Дмитриевич Сиэн Өкөрдүүн саҥа сырыыларыттан иһиттэххэ, автоэкспедицияҕа 8 киһи сылдьыбыт. Ол иһигэр СӨ сибээскэ, информационнай коммуникацияҕа миниистирэ, «Саха» НКИХ «Охота и рыбалка» биэриитин ааптара А.И.Борисов, суруйааччы, драматург, документалист, В.Е.Васильев-Харысхал сылдьыспыттар. Хабаровскай кыраайга нивх, ульч хотугу омуктар олорор сирдэригэр Николаевск-на-Амуре куоракка бастакы тутуу саха балаҕана (музейга көстөрүнэн уонна олохтоохтор этэллэринэн «якутская изба») эбит. Ол балаҕантан ордубут тоһоҕолор диэн музейдарыгар уура сылдьалларыттан 4 устууканы биэрбиттэрин Чөркөөх музейыгар туттарда. Аны Советская Гавань куораттан Сахалин арыытын бэтэрээ биэрэгэ баара-суоҕа сэттэ эрэ биэрэстэ эбит. Аара киһи бэйэтэ оҥорон таһаарбыт кыракый арыыта баарын туһунан иһиттибит. Ол арыы репрессия сиэртибэлэрэ буолбут дьонунан И.В.Сталин ыйааҕынан Сахалины холбуурга анаан хаһыллыбыт тоннель шахтатыттан таһаарыллыбыт кумах, таас, буор эбит. Сахалин бэтэрээ биэрэгэр баар бөһүөлэккэ урут 20-30-с сылларга саха дьоно олоро сылдьыбыттарын, Дмитрий Петрович Винокуров диэн киһи онно эмиэ баар эбитин туһунан Якушев диэн нуучча киһитэ кэпсээбит. Хабаровскайтан Совгаваҥҥа баран иһэн «Заветы Ильича» бөһүөлэккэ сылдьыбыттар. Онно Георгий Дмитриевич аҕата урут аармыйаҕа сулууспалаабыт сирэ эбит. Аны Николаевск-на-Амуре куоракка баар 1937 сыллааҕы репрессия сиэртибэлэрин пааматынньыгар сүгүрүйэн ааспыттар. Онно хас эмэ сүүһүнэн киһи аатыттан «Чагылысов Г.И.» диэн киһи аатын (толору аата суох итинник эрэ суруллубут эбит) таба көрөн, баҕар, Таатта киһитэ буолуон сөп дуу диэн иһитиннэрдилэр. Онон, Винокуров уонна Чаҕылыыһап тустарынан истибит буоллаххытына эрэдээксийэ нөҥүө билсиэххитин сөп.

Георгий Дмитриевич 10 сиэрийэлээх киинэ уһуллуохтааҕын, үөрэнээччилэргэ анаан учебник тахсыытыгар СӨ үөрэҕириигэ министиэристибэтин кытта үлэ ыытылларын, Чөркөөхтөөҕү судаарыстыбаннас музейыгар «Улуу сырыылар суолларынан» анал экспозиция туруоруллуохтааҕын былаанныылларын, матырыйааллар киирэн эрэллэрин иһитиннэрдэ уонна тоһоҕолорго эбии хаартыскалары, докумуоннары, суруктары, улуу арыйыылар сырыыларын альбомун толору туомун музейга, Киин библиотекаҕа туттарда, онно эбии кэпсэтиһиигэ кыттыбыт дьоннорго альбом толору туомнарын электроннай барыйаанын туттарда. Маныаха муһуой ыстаарсай научнай үлэһитэ И.Я.Жерготова кэпсииринэн, Г.Д.Никонов 2016 сыл устата 108 экспонаты туттарбытын махталынан иһитиннэрдэ. Инникитин музей итинэн сибээстээн уонна дьон, транспорт сылдьалларыгар, үлэни ыытарга табыгастаах буоларыгар улахан муоста тутуллара наадатын эттэ. 13 разделлаах экспозиция былаанын билиһиннэрдилэр уонна Георгий Дмитриевичкэ «Почётный даритель» диэн бэлиэ суругу туттардылар. Былыргы почтовай сибээс остуолбалара уонна сырыыта Ааллаах Үүнүнэн Охотскай куоракка тиийэр суол Чөркөөҕүнэн ааһарынан, судаарыстыбаннас музейыгар ити экспозиция аһыллан салгыы үлэлиирин кэм ирдиирин чөркөөхтөр бэлиэтээн эттилэр. Историко-этнографическай музей саҥа кылаабынай куорпуһун барыл бырайыагын Вяч.В.Яроев оҥорбутун көрдөрдүлэр. Онно көрдөххө, ити дьиэ ураты үчүгэй ис барааннаах, бэрт интэриэһинэй буолуон сөп.

Аны Кыйы уонна Чурапчы-Таатта кыраныыссатын икки ардыгар Арыылаахха тутуута саҕаланан баран тохтоон турар саха олоҕун көрдөрөр комплексы итиннэ салгыы тутуллубат буоллаҕына, Чөркөөх муһуойугар эбии сир ылан, онно туттарарга Изабелла Яковлевна этии киллэрдэ. Онуоха култуура уонна духуобунай сайдыы улуустааҕы салалтатын начальнига А.П.Лопатин туристар, айанньыттар да тохтоон, сылдьан, көрөн ааһалларыгар табыгастааҕынан ити комплексы оннугар салгыы тутар наадатын туруоруста. Ырытыһыыга, кэпсэтиигэ «Таатта» ЛХМЗ дириэктэрэ В.Д.Таппыров, Кыйыттан П.П.Григорьев, Чычымахтан В.И.Михайлов, «Дьаам» бааһынай хаһаайыстыба слайааччыта Д.Е.Афанасьев-Талба, Чычымах орто оскуолатын историяҕа учуутала К.А.Павлова, үөрэҕирии улуустааҕы салалтатын начальнига А.Н.Миронова, Баайаҕаттан поэт, тимир ууһа Н.И.Егоров-Баайаҕыын, «Октябрьскай нэһилиэк» МТ баһылыга М.Г.Аржаков, култуура уонна духуобунай сайдыы улуустааҕы салалтатын начальнигын солбуйааччы М.В.Степанова, Чымынаайыттан педүлэ бэтэрээнэ М.П.Прокопьева, Ытык Күөлтэн тыа хаһаайыстыбатын техникатыгар надзор салайааччыта М.И.Хаптагаев, поэт, алгысчыт, үлэ бэтэрээнэ И.И.Унаров, «Эрэл» үүнэр көлүөнэ социальнай-реабилитационнай киинин дириэктэрэ В.И.Будикина, «Тааттаавтодор» ХЭТ гендириэктэрэ И.И.Бочонин, краевед П.Н.Иванов-Сиэрэй Маасса, «Таатта» хаһыат эрэдээктэр-дириэктэрэ А.К.Посельская, корреспондент В.В.Винокуров кыттыыны ыллылар, сүдү таһаарыы ааптарыгар, салайааччытыгар эҕэрдэлэрин тиэртилэр, махталларын биллэрдилэр. Бу историческай альбом инникитин сахалыы хайдах ааттанарыгар этиилэр киирдилэр. Ол курдук, «Аарыма арыйыылар аартыктара», «Улуу арыйыылар суоллара», «Улуу арыйыылар аартыктара». Өссө чопчуламмыт ааты тобуллаххытына эрэдээксийэҕэ ыытыҥ.

«Таатта улууһа» МО баһылыга М.М.Соров үйэлэри, саҥа көлүөнэни ситимниир дириҥ, ураты суолталаах үлэ оҥоһуллубутун, биир дойдулаахпыт, улууска үлэһит буолуоҕуттан салайааччы, гражданин быһыытынан үтүмэн кылаатын киллэрбит, төрөөбүт улууһун, дьонун-сэргэтин бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ, Уһук Илин уокуругар, Бүтүн Россияҕа аатырдыбыт Георгий Дмитриевич Никоновка улуус олохтоохторун ааттарыттан барҕа махталын биллэрэн туран «Таатта улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ бастакы истиэпэнин дохсун ытыс тыаһынан туттарда. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Ф.С.Аргунов аатынан Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолатын преподавателлэрин инструментальнай квартета классическай айымньылары оонньоон ситэрэн, сүргэ көтөҕүллүүтүн доҕуһуоллаата.

Сүдү ис хоһоонноох альбому ырытыы, кэпсэтии кыттыылаахтара түмүккэ «Улуу сырыылар суолларыттан» саҥа аартыкка тахсарга этиилэринэн улуус баһылыгын солбуйааччы И.А.Сивцева салалтатынан резолюция ылыннылар. Онно этиилэри киллэрдилэр уонна ыйыылары оҥордулар.

Улуус салалтатыгар: Ытык сирдэри экозоналар таһымнарыгар таһаарыыны үөрэтэригэр; «Таатта иитэр-үөрэтэр эйгэтэ» кластер улуустааҕы Сүбэтин кэҥэтэргэ; Хабаровскай кыраай Николаевск-на-Амуре куоратыгар саха балаҕанын тутууну үөрэтэргэ; Мандар Уус кыһатын «Айымньы уонна Айылгы» Киининэн оҥоһуллубут «Саха биилээҕэ» бырайыагы өйүүрүгэр уонна Хабаровскай куоракка быыстапкаҕа туруорууну тэрийэригэр.

Улуус култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатыгар: музейдар үлэлиир концепцияларын саҥардарыгар; улууска кэлим сайдыы суолун каартатын – култуура сайдыытын каартатын сайыннарарыгар; Арыылаахха саха олоҕун комплексын таба туһанарга; «Пути великих свершений» историческай альбом ис хоһоонун арыйыыга араас көрүҥнээх тэрээһиннэри ыытарыгар.

Үөрэҕирии улуустааҕы салалтатыгар: историческай альбом сүнньүнэн үүнэр көлүөнэ, оҕолор чинчийэр үлэлэрин кэҥэтэригэр, экспедициялары тэрийэригэр, араас көрүҥнээх тэрээһиннэри ыытарыгар.

Нэһилиэктэр салалталарыгар: федеральнай суол аттынааҕы бөһүөлэктэр суол кытыытынааҕы сирдэри ыраастааһын, бэрээдэктээһин, ирдэбиллэргэ сөп түбэһэр үлэни ыыталларыгар; Ытык сирдэри экозоналар таһымнарыгар таһаарыыга үлэлэһэллэригэр; улууска кэлим сайдыы суолун каартатын – култуура сайдыытын каартатын сайыннарыыга оҥоһуллар бырайыактарга, үлэни тэрийиигэ кыттыһалларыгар.
«Таатта» хаһыат эрэдээксийэтигэр: «Аартыгы арыйааччылар» кинигэ эбии тахсыытыгар Г.Д.Никонов туһунан ыстатыйаны киллэрэригэр; «Улуу сырыылар суоллара» уонна мин» диэн рубриканы аһан, улуус олохтоохторун бэлиэтээһиннэрин, өбүгэлэрин ахтыыларынан суруйууларын бэчээттээһиҥҥэ үлэлэһэригэр.

Чөркөөхтөөҕү музей салалтатыгар: музей быыстапкалыыр саалатын кэмигэр оҥорон, үлэтин саҕалыырыгар; саха олоҕун көрдөрөр уон үс салаалаах виртуальнай музей бырайыагын оҥорууну түргэтэтэригэр, көрөөччүгэ таһаарыыны тэрийэригэр; виртуальнай музей бырайыагын «Улуу сырыылар суоллара» историческай альбом матырыйаалларыттан байытарыгар.

Түмүккэ Георгий Дмитриевич мустубут дьон нөҥүө улуус бары олохтоохторугар сүдү үлэни сэҥээриигэ кыттыбыттарыгар улахан махталын биллэрдэ, күүһэ, кыаҕа, өйө-санаата тиийэринэн өссө салгыы үлэлэһэргэ бэлэмин иһитиннэрдэ.

Онон, чахчыта хас биирдии ааҕар, көрөр киһиэхэ туттарыгар табыгастаахтык таҥыллыбыт матырыйааллардаах, электроннай барыйаана туттарга эргиччи үчүгэй «Пути великих свершений» историческай альбом инникитин өссө кэҥээн, дьон өйүн-санаатын байыта, билиигэ, сайдыыга саҥа аартыктары арыйа туруо диэн бигэ эрэллээхпит.