Таатта историк учууталлара өрөспүүбүлүкэ бастыҥнарынан билиннилэр

97

Таатта улууһугар учууталлар методическай таһымнарын сыаналыыр «МетоТур» диэн турнир иккиһин ыытылынна. Бөлөхтөрүнэн икки күн устата ыытылынна.


Турнир дьүүллүүр, сыаналыыр сүбэтин СӨ үөрэҕиириини сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институтун үлэһитэ Клара Охотина салайда. Кинини кытта РФ Президенин «Бастыҥ учуутал» куонкурсун кыайыылаахтара, уопуттаах учууталлар үлэлээтилэр.

Турнирга 13 методхолбоһуктан маастар-кылаастары ыытыыга, үөрэх дьарыктарыгар, уруоктары ырытыыга күрэстэстилэр. Маастар-кылааска бастакы миэстэҕэ «Эко-Таатта» ситим, иккискэ алын сүһүөх кылаастар учууталларын бастакы бөлөҕө, үһүскэ психологтар таҕыстылар.

Үөрэх дьарыктарыгар бастакы миэстэни физкультура уонна ОБЖ учууталларын бөлөҕө, иккиһи математика учууталларын бөлөҕө, үсүһү технолог учууталлар ыллылар.

Уруоктары ырытыыга бастакы миэстэҕэ алын сүһүөх кылаастар учууталларын иккис бөлөҕө, иккис миэстэҕэ физика учууталлара, үһүскэ саха тылын үөрэтээччилэр таҕыстылар.

Муҥутуур кыайыылааҕынан история уонна обществознание предметтэрин учууталларын методическай холбоһугун бөлөҕө таҕыста.

«Открытой школе — новые технологии образования» диэн учууталлар бөлөхтөрө өрөспүүбүлүкэтээҕи методическай турнирдарыгар Хаҥаластан, Мэҥэ Хаҥаластан, Нерюнгриттан, Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Намтан, Горнайтан, Амматтан кытыннылар. Тааттаттан история уонна обществознание учууталларын «КЛИО» бөлөҕө ситиһиилээхтик кытынна. Бөлөҕү үөрэҕирии улуустааҕы салалтатын начальнигын солбуйааччы Мира Николаевна Луковцева, Уус Таатта орто оскуолатын история учуутала М.В.Максимова уонна Ытык Күөл 1№-дээх орто оскуолатын историяҕа учуутала, улуустааҕы методхолбоһук салайааччыта Н.К.Малышева тренер быһыытынан салайдылар. Бөлөххө бааллар: Ытык Күөл 1№-дээх орто оскуолатыттан М.М.Винокуров уонна А.А.Захаров, Уус Тааттаттан И.И.Дягилев, Уолбаттан А.Атастыров, Тыараһаттан А.А.Егоров, Чөркөөхтөн М.Д.Оконешникова, Таатта гимназиятыттан Н.И.Макаров.

Бөлөхтөр сүүмэрдээһин түһүмэҕэр иккилии сорудаҕы толордулар. Информационнай-үөрэтэр интернет-ресурсаны, итиэннэ методологическай концепцияны көмүскээһин. Турнир ыытыллыытыгар бөлөҕү билиһиннэрии, анаан сорудахтаах педагогическай технологиялары таба туһанан үөрэх дьарыгын ыытыы (Тыараһаттан А.А.Егоров ыытта, 3-с миэстэ), үөрэх дьарыгын ырытыы, маастар-кылаас ыытыы, үөрэхтээһин бырайыагын көмүскээһин, аудиторияҕа тыл этиитэ курдук түһүмэхтэри ситиһиилээхтик тэринэн, ыытан Таатта улууһун учууталлара өрөспүүбүлүкэҕэ иккис миэстэлээх бастыҥ бөлөх аатын чиэстээхтик сүктүлэр. Таатта учууталлара бөлөҕү билиһиннэриигэ бастыҥынан ааттаннылар.