Тиэйии-таһыы үлэлэрэ Бырабыыталыстыба хонтуруолугар тураллар

216

Үс Халыма улуустарыгар таһаҕаһы тиэйии, сааскы халаан уутугар уонна баһаартан сэрэхтээх буолууга бэлэмнэнии үлэлэрин туһунан кэпсэтии Орто Халыма куоракка СӨ Бырабыыталыстыбатын көһө сылдьар мунньаҕар көрүлүннэ.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, ыксаллаах быһыыга-майгыга уонна баһаартан сэрэхтээх буолууга өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Алексей Колодезников салайааччылаах бөлөх кэлэн, видеонан быһа сибээһинэн Үөһээ, Аллараа уонна Орто Халыма улуустарын дьаһалталарын уонна Дьокуускайы кытта киэҥ кэпсэтиини тэрийдэ.

Күн бүгүн биһиги улууспутугар таһаҕаһы тиэйиигэ ыксаллаах быһыы-майгы балаһыанньата өһүллүбэккэ турар. Ол төрүөтүнэн, суол-иис хойутаан арыллыыта буолар. Инньэ гынан тиэйии-таһыы үлэтигэр бытаарыы таҕыста. Итиниэхэ эбии сылаас күн-дьыл турарынан, аны суолбут эрдэлээн сабыллар куттала үөскээтэ. Ол туһунан Дьокуускайдааҕы күнү-дьылы кэтээн көрүү управлениетын киинин начаалынньыга Александр Аржаков иһитиннэрдэ. Кини: «Халымаҕа түүнүн муҥутаан -20 кыраадыс тымныы, күнүс -3 кыраадыс тымныы буолара күүтүллэр. Маннык турдаҕына, муус устар 20 күнүгэр диэри суол-иис улаханнык ириэ суоҕа», — диэтэ.

Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Сергей Владимиров: «Сыбаатай уонна Арҕахтаах туһаайыытынан суоллар уйар күүстэрин сүтэрэн эрэллэр. Бу икки хайысхаҕа «Кировец» тиэхиникэлэр суолу көннөрүүгэ үлэлииллэр. Арҕахтаах суолугар күөл тааҥныыр, ону тумнар суолу толкуйдуубут», — диэтэ.

Оттон «Сахаспецтранс» ХЭТ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Гаврил Новгородов: «Балаһыанньа уустук. Прицептээх кыайан сылдьыллыбат. Кэлбит суоппардары суол сабыллыар диэри хайдах эмэ тутан хаалбыт киһи диэн баҕа санаалаахпыт. Эбээх туһаайыытыгар суоппардар 2-4 суукканан сылдьаллар», — диэн эттэ.

Улуус баһылыга Евгений Слепцов эппитинэн, күн бүгүн улууска чоҕу тиэйии 55% эрэ тэҥнэспит. Уустук балаһыанньа Сыбаатай, Өлөөкө Күөлэ уонна Сылгы Ыытар бөһүөлэктэргэ тирээбит. Манна чоҕу толору тиэйии кыаллыбата буолуо диэн сабаҕалыыллар. Оччотугар ыам ыйыгар уонна балаҕан ыйыгар чоҕу кэмчилиир инниттэн, маһынан оттунары толкуйдууллар.

Билигин чоҕу тиэйэ сылдьар кэлии суоппардартан иккитэ төннүбүт. Хаалбыт суоппардары суол сабыллыар диэри үлэлэтэр сорук турар. Оччотугар, бу дьон Дьокуускайга кыайан төннүбэккэ хаалыахтарын сөп. Бу балаһыанньаны Бырабыыталыстыба бөлөҕө туох баар тиэхиникэни манна хаалларан баран, күһүн Сеймчаҥҥа диэри уунан ыытар курдук быһаардылар. Халыматааҕы суудуна хампаанньатын кытта кэпсэтиини ыытыахпыт диэн түмүктээтилэр уонна кэлэр сыл нэһилиэктэр икки ардыларыгар суолу эрдэ арыйар сорук туруоруннулар. Маныаха «Арктика суоллара» чааһынай тэрилтэ суолу оҥорор улахан кыамталаах тиэхиникэлэрин (Зырянкаҕа базаланан тураллар, биһиэхэ көмөҕө диэн үлэлии кэлэ сылдьаллар) манна бастайааннай үлэҕэ хаалларары сөптөөҕүнэн аахтылар.

Оттон тыын суолталаах табаардары тиэйии чааһыгар иһитиннэриини «Якутоптторг» АУо генеральнай дириэктэрэ Павел Фёдоров оҥордо. Кини билиһиннэрбитинэн, биһиги улууспутугар күн бүгүн киинтэн табаар 60% тиэллибит. Улуус иһинээҕи тиэйии-таһыы үлэтэ саҕалана илик. Ону муус устар 20 күнүгэр диэри толоруохпут диэн эрэннэрдэ. Арай, бары Халыма улуустарыгар тэрилтэ иннигэр иэс баара этилиннэ. Ол курдук, Орто Халыма улууһа 2 мөл. 67 тыһ. иэстээҕэ билиннэ.

Маныаха бөлөҕү салайар Алексей Засимович бары МТ баһылыктарыгар иэстэри булгуччу төлүүргэ соруйда. Онон уматыгы, оттугу уонна тыын суолталаах табаардары тиэйии боппуруостара өрөспүүбүлүкэ салалтатын күннээҕи бэбиэскэтиттэн түспэттэр, ураты хонтуруолга тураллар.