Тиксиигэ оҕолор муусука эйгэтигэр уһуйуллаллар

232

Булуҥ улууһугар Саха сирин Үрдүкү оскуолатын спе­циалистара уонна Дьокуускайдааҕы Марк Жирков аатынан муусука коллед­жын преподавателэ кэлэ сыл­дьаллар. Кинилэр сүрүн сыаллара оҕо­лор талааннарын көрүү буолар. Ол курдук ыалдьыттар ааспыт нэдиэлэҕэ оҕолору, учууталлары кытта үлэлээтилэр.


Саха сирин Үрдүкү муусука оскуолатын специалиһа Евдокия Карманова “Муусукаҕа – бүттүүн” бырайыагынан сылдьалларын этэр. Кинилэр бу бырайыагынан хоту улууһугар иккис сырыылара буолар. Бастакыларыгар биэс хоту улууһун хабан үлэлээбиттэрин кэпсииллэр. Ол курдук, Муома, Эбээн-Бытантай, Үөһээ уонна Аллараа Халымалар, Анаабыр улуустарыгар талаан­наах оҕолору көрбүттэр-истибит­тэр, бэйэлэригэр бэлиэтээбиттэр. “Биһиги сүрүн сыалбыт диэн Саха сиригэр баар талааннаах, инники кэскиллээх оҕолору булааһын буолар. Ону таһынан, учууталлар оҕолору үөрэтэллэригэр эбии саҥа ньымалары көрдөрөргө, үөрэтии методикатыгар көмөлөһөргө үлэлэһэ сылдьабыт. Муусука эйгэтигэр өр сыллар устата үлэлээбит буоламмыт, докумуон үлэтигэр көмөлөстүбүт, сүбэ-ама биэрдибит. Үөрэнээччилэр фор­тепианоҕа, флейтаҕа оонньууларыгар маастар класс көрдөрдүбүт. Муусука оскуолатыгар үөрэнэр оҕо хайаан даҕаны биир көрүҥ инструмеҥҥа оонньуур буолуохтаах. Маны этэн туран, төрөп­пүттэри эмиэ бу эйгэҕэ хабар баҕа са­наалаахпыт. Бу өрөбүллэргэ үлэбит түмүгүн олохтоохторго кэнсиэрт оҥо­рон көрдөрүөхпүт”, – диэн бөлөх салайааччыта Евдокия Семеновна үлэ сыалын билиһиннэрэр.

Талааннаах оҕолор ханна баҕарар баал­ларын Муусука үрдүкү оскуолатын фортепиано салаатын салайааччыта Сергей Лебедев этэр. Кини көрүүтүнэн, чуо­лаан хоту улуустарга талааннаах оҕо быдан үгүс эбит. Кинилэр маннык оҕолору өйөөн, инники кэлэр сылларга талааннара сүппэтин туһугар, айар суолларын булалларыгар сыал туруо­рунан үлэлии-хамсыы сылдьаллар. “Сол­нышко” оҕо уһуйааныгар 70 оҕону истибиттэрин кини ыйар. “Ааспыт сылга 900 оҕону истибиппититтэн 22 оҕону Муусука үрдүкү оскуолатыгар киирэн, талааннарын салгыы сайыннаралларыгар сүбэлээбиппит. Түмүгэр, оскуолаҕа биэс оҕо киирэн үөрэнэ сылдьар”, – диир Сергей Иннокентьевич.

Тиксиитээҕи искусство оскуолатын иитиллээччилэрэ олус талааннаахтарын Дьокуусайдааҕы Марк Жирков аатынан муусука колледжын преподавателэ Светлана Черемкина этэр. Кини уһуйаан кы­рачааннара олус ритмнээхтэриттэн сөх­пүтүн этэр. “Мин үлэм сыала – муусука инструменнарыгар уһуйааччылары үөрэ­тээһин буолар, ылбыт билиилэрин үөрэнээччилэргэ тиэрдиэхтэрэ”, – диир Светлана Леонидовна.

Ольга Горохова, улуустааҕы кул­туура уонна духуобунас салалтатын са­лайааччыта:
Биһиги улууспутуттан талааннаах оҕолору көрөн, салгыы Үрдүкү Муусука оскуолатыгар үөрэхтэрин салгыырга сүүмэрдээһин оҥоруохтара. Бары да биир сүрүн сыаллаахпыт. Ол курдук талааннаах оҕолору үөрэттэрэн баран, олорбут специалист буолан Булуҥҥа төннөн кэлэн, атын оҕолор сайдалларыгар күүстэрин ууруулара буолар. Бу салааҕа билигин улахан үлэ бара турар.