Тиксиигэ үөрэнээччилэр “Үтүө дьыала” бырайыактара саҕаланна

135

Арассыыйа Президенэ Владимир Пу­тин 2018 сылы Үтүө дьулуур сылынан биллэрбитэ. Бу сыл чэрчитинэн маҥ­найгы нүөмэрдээх Тиксии оскуо­ла­тын 4 кылаас төрөппүттэрин саҕа­лааһыннарынан баҕа өттүнэн үтүөнү оҥорууга хамсааһын тэриллэн, Үтүө дьыала эстафетата арыллан, сыл уста­та Булуҥнааҕы кырдьаҕастар кииннэрин кытта оҕолор ыкса үлэлэһиэхтэрэ.


Муус устар 9 күнүгэр үөрэнээччилэр төрөппүттэрин кытта кырдьаҕастары көрөр-истэр киин дьиэтигэр тиийэн ыалдьыттаатылар. Оҕолор бу күн 62 саа­һын туолбут төрөөбүт күннээх, кииҥҥэ олорор,биллэр-көстөр, саахымакка уонна дуобакка уһулуччутук оонньуур Игорь Макаровка ыалдьыттыы тиийдилэр. Кинини үөрүүлээх күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлээн туран сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Үөрэнээччилэр бүтүн кылааһынан кэлэн ырыа ыллаан кырдьаҕастары сэргэхситтилэр.

Муус устар 5 күнүгэр төрөөбүт Игорь Макаров оскуола үөрэнээччилэрэ эҕэр­дэлээбиттэригэр үөрбүтүн уонна мах­танарын биллэрдэ. Кини урукку сыл­ларга Тиксии бөһүөлэгэр “Пионердар дьиэлэригэр” оҕолору саахымат уонна дуобат куруһуоктарыгар үөрэппит киһи буолар. Игорь Николаевич үөрэнээччилэриттэн билигин икки Арассыыйа таһымыгар оонньуур маас­тар баарын үөрэ-көтө оҕолорго кэп­сээтэ. Бу күн кини Тиксиитээҕи маҥ­найгы нүөмэрдээх оскуола төрдүс кылааһын үөрэнээччилэригэр бэйэтин сааһыгар кыайыы көтөллөөх сылдьыбыт кэмнэрин, хайдах өй оонньуутугар ыл­сыбытын, бу күннэргэ Дьокуускай куо­ракка ыытыллыбыт саахымат күрэ­ҕэр миэстэлэспитин кэпсээн, оҕо­лор интэриэстэрин тарта. “Мин саахы­мат уонна дуобат көрүҥэр эһиги саас­тыы сылдьаммын, 8 сааспыттан, са­ҕалаабытым”, – диэн Игорь Николаевич аан маҥнай хайдах оонньообутун ахтан-санаан ааста. Ону тэҥэ, эҕэрдэлээччилэр Макаров грамоталарын, мэтээлин илии­лэ­ринэн тутан-хабан көрдүлэр. Инни­китин кырдьаҕастар олорор кииннэригэр саахыматы уонна дуобаты оонньуон баҕалаахтарга бу спорт көрүҥэр куруһуок арыллан үлэлиэхтээҕин туһунан үллэһиннилэр.

“Үтүө дьыала” чэрчитинэн кылаас иһинэн быйылгы сылга төрөппүттэр кэми­тиэттэрэ социальнай бырайыак суруйбут. Ол курдук, бу 2018 сылга “Үтүө дьыала” эстафетата саҕаланна.

Бэйэлэрин дьиэ кэргэннэриттэн тэйиччи уонна чугас дьоно суох кырдьаҕас дьону, чуолаан Тиксиитээҕи кырдьаҕастары көрөр-истэр киин олохтоохторун кытта алтыһарга, ону таһынан, оҕолор бары эһээлээх, эбээлээх буолбатахтар, онон киһи кыра сааһыттан дьону, сүрүннээн кырдьаҕас дьону кытта алтыһа үөрэнэригэр оҥоһуллубут үлэ буолар диэн төрөппүттэр бэлиэтииллэр.