Өрөбүлгэ, кулун тутар 12 күнүгэр, оҕолору дойдуларыгар бэриниилээх буолууга иитии ыйын улууска үгэс буолбут «Снежный барс» байыаннай-спортивнай күрэх түмүктээтэ. Бэлиэтээн эттэххэ, улуус үөрэҕириитин салалтата бу күрэҕи сылын аайы тэрийэр. Тиксиитээҕи байыаннай чаас тэрээһини ыытарга күүс-көмө буолаллар.
Тиксиитээҕи 1, 2 нүөмэрдээх орто оскуолалар уонна Арктикатааҕы гимназия үөрэнээччилэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар. Оҕолор дьүүллүүр сүбэҕэ туох-хайдах бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр. Күрэхтэһиигэ быйыл биирдиилээн киирсии түһүмэхтэрин киллэрэн биэрбиттэр.
Куоталаһыы маҥнайгы сүһүөҕэр бөлөх-бөлөх, араас байыаннай таҥаһы кэтэн, доргуччу ыллаан, хамандыырдар тылларын-өстөрүн иһитиннэрэн, биир киһи курдук стройунан хааман бэйэлэрин талааннарын толору арыйдылар.
Бастакы түһүмэххэ «Морские пехотинцы» хамаанда (Арктикатааҕы гимназия) үчүгэй бэлэмнээхтэрин көрдөрөн, икки хамаанданы биир баалынан куоһаран инники таҕыстылар. Кинилэр күөх экрааҥҥа слайдынан бэйэлэрин оскуолаларын олохторун кэпсээтилэр уонна алын сүһүөх кылааһын оҕолоро байыаннайдыы таҥастаах тахсан ырыа ыллаатылар.
Иккис түһүмэххэ оскуолалар АК-47 аптамааты бириэмэҕэ түргэнник ыһыыга-таҥыыга күрэхтэстилэр. Бу түһүмэххэ бэрт түргэнник туттан, Тиксии маҥнайгы нүөмэрдээх оскуолатын хамаандата “Искра” буолла. Бэлиэтиэххэ наада, бу түһүмэххэ кыргыттарга, маҥнайгы нүөмэрдээх оскуола 11 кылааһын үөрэнээччитэ Сергеева Вероника толору бэлэмнээҕин көрдөрөн, тэҥнээҕин булбата. «Мин бу көрүҥҥэ 3-с сылбын дьарыктанабын, аан бастаан туох барыта ыарахан. Санаабын түһэрбэккэ, интэриэстээх буоламмын өссө утумнаахтык эрчиллибитим. Маннык түмүк көрдөрөрбөр төһүү күүс буолбут, эрчийбит киһим учууталым Николай Тарасович буолар. Киниэхэ махталбын тиэрдэбин. Оскуолабын бүтэрдэхпинэ силиэдэбэтэл үөрэҕэр барар баҕа санаалаахпын», — диэтэ кини.
Сүүрүүгэ күрэхтэһиигэ уолаттар 1000 м, кыргыттар 500 м сүүрдүлэр. Быһый атахтаахтарынан гимназия үөрэнээччилэрэ ааттаннылар. Ол курдук, биирдиилээн сүүрүүгэ Аня Паламарчук уонна Панченко Никита буоллулар. Эбэн эттэххэ, гимназия үс үөрэнээччитэ бу түһүмэххэ киһи астынар, бэрт кырасыабай сүүрүүтүн көрдөрдө.
Турникка күүһү бэрэбиэркэлээһиҥҥэ кыайыылааҕынан гимназия хамаандата ааттанна. Бу көрүҥҥэ, биирдиилээн киирсии түмүгэр Дерябин Денис буолла.
Бүтэһик түһүмэҕинэн эстафета ыытылынна. Бэрт өрө күүрүүлээхтик, киирсиилээхтик ааста. “Искра” хамаанда түргэнин, бэлэмнээҕин манна да дакаастаан көрдөрдө.
Түмүккэ, биллэрин курдук, хамаандалары чиэстээһин, наҕараадалааһын буолла. Быйылгы байыаннай-патриотическэй күрэххэ үчүгэй бэлэмнээхтэрин көрдөрөн, “Искра” хамаанда кыайыы өрөгөйүн билэн, бочуоттаах маҥнайгы миэстэҕэ таҕыста.
Үөрэх управлениетын начальнига Вероника Федулова тэрээһин олус үчүгэйдик ааспытын эттэ уонна эһиил ыытыллар “Снежный барс” күрэххэ нэһилиэк үөрэнээччилэрэ кэлиэхтэрэ диэн бигэ эрэллээҕин биллэрдэ.