Туймаада хочотугар Бүлүүтээҕи “Васильев хорун” ырыата дуораһыйда

123

Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун музейыгар Бүлүү дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Васильев хора» кэлэн ыалдьыттаан барда. Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун музейа уонна Бүлүүтээҕи «Васильев хора» инникитин да өссө бииргэ үлэлэһэргэ диэн этии киллэрдилэр. Уһуллубут матырыйаалынан кэлэр сылга музей видеоэкспонат оҥорон дьоҥҥо-сэргэҕэ таһаарыыта улахан үөрүүлээх сонун буолуо.


Хору төрүттээччи, салайааччы Саха Республикатын культуратын туйгуна, үтүөлээх үлэһитэ, самодеятельнай композитор, дьон сыанабылын ылбыт байыаннай-патриотическай ырыалар автордара Владимир Васильевич Васильев буолар. Кини 1968 сылтан саҕалаан, тустаах үлэтин таһынан хоровой коллективтары тэрийэн кэллэ.

2010 сыллаахха, ырыаны-тойугу сэргиир, олохторун аргыһа гыммыт ырыа куттаах дьон баҕаларынан «Васильев хора» тэриллибитэ. Коллектив араас идэлээх, өр сылларга доруобуйа харыстабылыгар, үөрэҕирии, култуура онтон да атын норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар үтүө суобастаахтык үлэлээбит, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, сорохторо идэлэрин уларытан салгыы үлэлии сылдьар дьон.

Хор репертуара саха уонна нуучча композитордарын, олохтоох мелодистар ырыаларыттан таҥыллан толоруллар. Ордук умнулла быһыытыйбыт, урут дьон сөбүлээн ыллаабыт, уоһуттан түһэрбэтэх ырыаларын үйэтитиигэ болҕомтотун уурар.
Коллектив тэриллиэҕиттэн Владимир уонна Марфа Васильевтар оҥорбут бырайыактарынан үлэлии сылдьар.

Владимир Васильевич холоонноох доҕоро, олоҕун аргыһа, хор уус-уран салайааччыта Марфа Спиридоновна музейы кытта эрдэттэн сүбэлэһэн, былааннаан, хор айан-тутан, ыллаан-туойан кэлбит үлэлэрин үйэтитэр, Саха народнай артыыһын, Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун музейын директорын Аиза Решетникованы уонна Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет театрын солисткатын Анна Дьячковскаяны кытта көрсүһэр сыаллаах бу тэрээһини ыыттылар.

Музей тэрээһининэн күн бастакы аҥарыгар хор ырыаларын-тойуктарын үйэтитэр видеосъемка буолла. Хорга араас саастаах, араас идэлээх дьон ыллыы-туойа сылдьаллара олус диэн кэрэхсэбиллээх, бары биир дьиэ кэргэн курдук эйэлээхтэрэ, түмсүүлээхтэрэ тута харахха быраҕыллар. Киһи сүрэҕин долгутар, дууһатын манньытар ырыалар ылланнылар.

Күн иккис аҥарыгар Саха республикатын үтүөлээх артыыһын, опернай ырыаһыты Анна Дьячковскаяны кытта көрсүһүү, кини 60 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт быыстапканы көрүү буолла. Ол кэнниттэн ырыа куттаах дьон атах тэпсэн олорон сэһэргэһэн, ирэ-хоро кэпсэтэн, Анна Дьячковская көмүс куолаһын, ырыатын, бэйэтэ айбыт хоһооннорун дуоһуйа истэн, үөрэн-көтөн, ыллаан-туойан, хаартыскаҕа түһүүнэн биир күннээҕи тэрээһин түмүктэннэ.