Уопсастыбаннай хамсааһын биир суолталаах хайысхатынан үлэҕэ-хамнаска хонтуруолу олохтооһун буолар.
Ол эбэтэр, бу хамсааһыҥҥа талыллан киирбит дьон оройуон олоҕун-дьаһаҕын бары салааларыгар көхтөөхтүк кыттан, бэйэлэрин санааларын этиэхтээхтэр, көдьүүстээх хонтуруолу тэрийэн ыытыахтаахтар. Ол курдук, сыана, тарыып тутуһуутугар, үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабылын салааларыгар, тэрилтэлэр да үлэлэригэр кыттан, көмөлөһөн, хонтуруоллаһан иһиэхтээхтэр.
2016 сыллаахтан Эдьигээн оройуонугар социальнай эбийиэктэри, чуолаан, олорор дьиэлэри тутууга уопсастыба хонтуруола олохтонон турар. Хонтуруолу Эдьигээн оройуонун уопсастыбаннай сэбиэтэ ыытар. 2016 сылга саҥа дьиэлэри бу сэбиэт чилиэннэрэ көрөн-истэн баран, үлэҕэ киллэрии актатыгар илии баттаабыттара. Онуохаҕа уопсастыбанньыктар «дьиэлэри тутуу түмүктэниитигэр эрэ буолбакка, саҕаланыытыгар эмиэ көрөн-истэн, ол кэннэ быһаарыы ылыныахха сөп этэ» диэн бэлиэтээбиттэрэ.
Соторутааҕыта сэбиэт чилиэннэрэ Эдьигээҥҥэ тутулла турар элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэринэн сылдьан, тутуу хаамыытын, хаачыстыбатын ымпыгар-чымпыгар тиийэ көрдүлэр-иһиттилэр уонна барыллаан түмүктэри оҥордулар. Ол курдук, эбийиэктэр бырайыактарын сэбиэт көрүүтүгэр биэрэргэ, бэдэрээттэһэн тутууну ыытар тэрилтэ салайааччылара, эбэтэр прорабтара, биригэдьиирдэрэ толору иһитиннэриини биэрэллэрэ наада ыйылынна. Ону таһынан, бастакы мэндиэмэн хара муостатынан тымныйарын учуоттаан, оҥоруу технологическай схематын быһаарары наадалааҕынан аахтылар. Маныаха ититэр ситимҥэ бырайыагынан көрүллүбүт аныгы евро батареялар биһиги усулуобуйабытыгар сөп түбэспэттэринэн, чугуун батареяларга уларытарга этии киллэрдилэр. Хонтуруоллааһыҥҥа үлэҕэ киириэхтээх дьиэлэргэ олохсуйуохтаах дьону кытыннырар хайаан да наадатын ыйдылар.