Тыа сирин хоһууннара “Хоһуун-2018” куонкуруска кытыннылар

164

Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо кыһата, “Чуораанчык”, “Колокольчик” республикатааҕы оҕо сурунаалларын редакцията быйыл аан бастаан уолаттарга уонна кинилэр аҕаларыгар аналлаах “Хоһуун” куонкуруһу тэрийэн ыыттылар. Республика араас улууһуттан 20 аҕаны уонна кинилэр уолаттарын түмпүт куонкурус кыайыылаахтарын муус устар 13 күнүгэр тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин аактабай саалатыгар чиэстээтилэр.


Тыа сирин уйгутун тутан олорор ыаллар аҕалара уолаттарын үлэ үөрүйэхтэригэр, булка-аска, спорка, сатабылга иитэллэрин видеоролик нөҥүө кэпсээн, көрдөрөн билиһиннэрбиттэрэ.

Тыа хаһаайыстыбатын, айылҕа харыстабылын, ыччат уонна дьиэ кэргэн политикатыгар министирдэрин солбуйааччылара: Николай Петров, Николай Додохов, Савва Михайлов, “Тыгын оонньууларын” сэттэ төгүллээх кыайыылааҕа Уйбаан Белолюбскай, “Республика аҕаларын лигата”, “Урааҥхай” кулууп, “Көмүөл” хампаанньа, “Кынат” төрөппүттэр общественнай түмсүүлэрин салайааччылара: Айхал Габышев, Тургун Попов, Борис Павлов, Гаврил Адамов “Хоһуун” кыттааччыларын үлэлэрин көрөн, кыайыылаахтары быһааран туран, бэйэлэрин анал бириистэрин анаатылар.

Куонкурус автора, “Чуораанчык” сурунаал корреспондена Вероника Александрова-Эрэлкээнэ: “Биһиги бу куонкуруһу тэрийэбитигэр аҕа уонна уол оҕо икки ардыгар былыр-былыргыттан олохсуйан кэлбит, олох төрдө, төбөтө буолбут ситими арыйан көрдөрөр сыалы-соругу туруорбуппут. Олохпут тэтимэ наһаа түргэн, оҕолорбутун кытта аргыый-наллаан олорон кэпсэтэрбит да ахсааннаах буолла. Оҕо уонна төрөппүт, ордук аҕа уолун кытта ураты сыһыаныгар болҕомтобутун туһаайарбыт, ону көҕүлүүрбүт билигин ордук суолталаах буолла”, — диэн санаатын үллэһиннэ.

Онтон тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччыта Николай Петров: “Тыа сиригэр оҕолорун батыһыннара сылдьан, булка-аска, үлэҕэ үөрэтэр эдэр аҕалар баалларын көрөммүн олус үөрдүм. “Хоһуун” – кэскиллээх куонкурус. Инникитин элбэх кыттааччылаах буоллун,” – диэн баҕа санаатын тиэртэ.

Тоҕус хайысханан ыытыллыбыт “Хоһуун-2018” кыайыылаахтарынан буоллулар:

— “Эр киһи эрэллээх эркин” номинация кыайыылаахтара – Семен, Филипп, Роман Филипповтар (Хатас);
— “Тыа сиригэр уол уонна аҕа Саха сирин уйгутун тутааччылар” – Дьяконовтар (Ытык Күөл, Таатта);
— «Уол оҕону спортка уһуйуу – аҕа сүрүн соруга” – Павлов Дьулустаан (Павловскай, Мэҥэ Хаҥалас);
— “Булт абылаҥар уһуйуу” – Софронов Арсений (Эдьигээн);
— “Сатабыл” — Григорьев Айтал (Үрүҥ Күөл, Чурапчы);
— “Ытык аҕа сүбэтэ” – Сыромятников Саша (Кириэс Халдьаайы, Томпо);
— “Эр киһи үс кута чөл буоларыгар” – Кириков Дмитрий (Майа, Мэҥэ Хаҥалас);
— “Дьиэ кэргэн эрэллээх эркинэ – эр киһи” — Бурцев Вова (Кириэс Халдьаайы, Томпо);
— Интернет куоластааһын түмүгүнэн “Көрөөччү биһирэбилэ” — Титов Урсун (Ой, Хаҥалас).

“Хоһуун-2018” бастакы кыайыылаахтара тэрийээччилэр уонна дьүүллүүр сүбэттэн саха быһаҕа, “Байанай” маҕаһыынтан, “Урааҥхай” кулуупка сылы эргиччи дьарыктанарга сертификаттары, тутум эргииригэр дьарыктанар анал спортивнай оборудованиены, планшет, портотивнай зарядник, “Көмүөл” кинигэ кыһатын бородууксуйата курдук ботуччу бириистэри туттулар. Онтон кыттааччы уолаттар Айтал Григорьев, Сайдам Поротов, Дьулустаан Павлов хоһоон ааҕан, флейтаҕа оонньоон, үҥкүүлээн тэрээһини киэргэттилэр.