2002 сыллаахха урут улуус бары нэһилиэктэрин аһынан-таҥаһынан хааччыйан олорбут Верхоянскайдааҕы РайПО тэрээһинин уларытан, «Верхоянскторг» МУТ буолбута. Кини оччолорго 14 маҕаһыыннааҕа, сүрүннээн киһи күннээҕи сиир аһын бурдугу, арыыны, саахары, тууһу, килиэби, эт, балык кэнсиэрбэлэри, куруппа арааһын, мокоруон оҥоһуктары атыылыыллара. Дириэктэринэн Екатерина Портнягина үлэлиирэ. Ити сылтан ыла үүт, эт соҕотуопкатыгар кыттыһан барбыттара.
2002 с. Дьааҥыга Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кэпэрэтиибинэй хамсааһын салаатын начаалынньыга Николай Поисеев кэлэ сылдьан үлэлэрин билсэн баран, «Хайаан да кэпэрэтиип тэринэргит наада, улууска икки соҕотуопкалыыр тэрилтэ баар буолуохтаах», — диэн сыал-сорук туруоран барбыт. Оччолорго өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох «Чурапчы» ТХПК баара. «Кэпирэтиип тэриннэххитинэ министиэристибэ өттүттэн көмө ылар суоллар бааллар», — диэн сүбэлээбит. Онтон эр ыланнар, саас муус устарга мунньахтаан, паай уган, кэпэрэтиип чилиэннэрэ буоларга сөбүлэһэн, боротокуол суруйан, регистрацияланан, «Тымныы чыпчаала» ТХПК тэриллибитэ.
Ити аҕыйах тылынан суруйан кэбиспитим, дьиҥэр, сүрдээх элбэх өйдөтөр, тэрийэр үлэттэн тахсыбыта биллэр. Кэпэрэтиип бастакы чилиэннэринэн Арыылаах, Сартаҥ, Барылас, Сыһыы Мэйиитэ, Суордаах, Дулҕалаах. Мачах, Боронук нэһилиэктэрэ, Верхоянскай куорат киирбиттэрэ. Эти, үүтү астыыр тэриллэри атыыласпыттара, Дьокуускайтан «Туймаада-Ас» анал үөрэхтээх технологын ыҥыран үлэһиттэрин үөрэттэрэн, билиҥҥи кэмбинээт таһынааҕы кыра, мас дьиэҕэ эт, үүт тутан үлэлэрин саҕалаабыттара. Сэбиэдиссэйинэн асчыт ааттааҕа Лидия Подопригора буолбута.
Ити сыл Екатерина Алексеевна биир дойдулаахтарын итэҕэлин ылан, Ил Түмэн дьокутаатынан талыллыбыта, тыа дьонун-сэргэтин көмүскүүргэ туһуламмыт сокуоннары ылыыга элбэхтик үлэлээбитэ. Куоракка 80-с сылларга тутуллан иһэн хаалбыт, нууччалыы эттэххэ «незавершенка» буолан турар остолобуой таас дьиэтин Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр биэрэн астыыр кэмбинээт оҥороллоругар көрдөһөн, сүүрэн-көтөн, үп-харчы көрүллүбүтэ. Тутуутун «Агропромстрой» ХЭУо ыыппыта, тэриллэрин «Агротехнология» ХЭУо аҕалбыта. Ас кэмбинээтэ тутуллан, 2007 с. балаҕан ыйын 1 күнүгэр үлэҕэ киирбитэ. Онон, быйыл кэмбинээт 10 сыллаах үбүлүөйэ буолбут.
Сопхуос эстиэҕиттэн куоракка ынах сүөһү ахсаана лаппа аҕыйаабыта, ынахтаах дьон кэмбинээккэ 24,5 солк. туттаралларынааҕар, нэһилиэнньэҕэ биирдии мөһөөххө атыылыылларын ордороллоро. Оннук балаһыанньаҕа аҥардастыы ынах үүтүгэр эрэнэр кыах суоҕуттан, бороһуогунан үрүҥ аһы оҥорор буолбуттара. Оччолорго куоракка ДьТХА бүтэрэннэр, эдэр исписэлиистэр Валентина Быкова, Елена Аммосова, Сергей Окоемов кэлэн үлэлээн барбыттара. Эдэр исписэлиистэр бастаан үлэлииллэригэр, биллэн турар, элбэх ыарахаттары көрсүбүттэрэ да буоллар, санааларын түһэрбэккэ үлэлээбиттэрэ. Билигин Сергей Семенович астаабыт ыыһаммыт таба, убаһа эттэрэ, халбаһыылара Саха сиригэр эрэ буолбакка, киэҥ Арассыыйаҕа тиийэ билиннилэр, киэн туттуубут буоллулар.
2013 с. бэс ыйын 6 күнүнээҕи улуус баһылыгын дьаһалынан, «Тымныы чыпчаала» ТХПК биир соҕотуопкалааччынан буолбута. Урукку «Верхоянье» ТХПК киирэр Остуолба, Адыаччы, Боруулаах, Табалаах, Эҥэ, Чөрүмчэ, Элгэс нэһилиэктэрэ кэпэрэтииби кытта дуогабар-контрактация түһэрсэн үлэлииллэр.
Биэс сыл анараа өттүгэр кэмбинээккэ үүт тиийбэтиттэн хотон туттар, ынах атыылаһар сыаллаах «Россельхозбаантан» 3,7 мөл.солк. кирэдьиит ылан хотон туттубуттара, нөҥүө сылыгар муниципальнай бырайыакка киирэн, Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин нөҥүө 5 мөл. солк. субсидия ылан, Мэҥэ Хаҥалас «Тумул», «Хорообут», Уус Алдан «Лена» племенной хаһаайыстыбаларыттан 30 сэминтээл боруодалаах ынахтары аҕалбыттара. Олортон ураты бэйэбит нэһилиэктэрбититтэн Табалаахтан, Сыһыы Мэйиититтэн, Боронуктан, Остуолбаттан атыылаһаннар, 200 төбөҕө тиэрдэн, быйыл саҥа төрөөбүт торбостору нэһилиэнньэҕэ атыылаан, идэһэлэнэн, атастаһан, билигин хотонноругар 162 ынах сүөһү кыстаан турар, олортон 100 ыанар ынах. Хотонноро бастаан 100 төбөҕө ананан тутуллубут буолан, сүөһүлэрэ баппакка былырыын уонна быйыл салҕааһыннары туттулар.
Ынахтарын буоһатыыны искусственнай ньыманан ыыталлар, онон төрүөхтэрин ылыыта үчүгэй. Урукку сылларга буоһатыыны Дьокуускайтан кэлэн оҥороллоро, быйыл бэйэлэрин үлэһиттэрин үөрэттэрбиттэр, төһө ынах уулаах буолбутун бэрэбиэркэлээннэр, утары сиэмэлии тураллар. Билигин кинилэр 120 төбө киирэр хотонун тутуутун инвестбырагыраама нөҥүө ыытарга туруорса сылдьаллар, аны саас кулун тутарга 50 төбө эдэр сүөһүнү аҕалыахтара.
Түөрт сыл субуруччу, бастаан Кумахха, нөҥүө сылыгар Чолбоҥҥо, былырыын уонна быйыл Улахан Сыһыыга улахан күүлэйдэри тэрийэн, от бөҕөтүн оттоннулар, онон сүөһүлэрин айаҕар да астаннылар, дьону-сэргэни да харчылаатылар. Ааспыт угут сылларга улууска от соҕотуопкатыгар ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллэн, 2015-2016 с. — 1413 т., 206-2017 с. – 1239 оту киин улуустартан тиэйтэрэн, ыаллар далларыгар түһэттэрбиттэрэ. Ону таһынан ааспыт кыстыкка 100 т эбиэс, 200 т уотурба тиэйтэрдилэр.
Кэпэрэтиип 2006 сылтан саҕалаан өрөспүүбүлүкэҕэ, Арассыыйаҕа ыытыллар тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын быыстапка-дьаарбаҥкаларыгар тиһигин быспакка кыттар уонна өрүү кыайыы көтөллөөх эргиллэр. Ол курдук 2007, 2008, 2009, 2010 сылларга өрөспүүбүлүкэтээҕи ас-үөл дьаарбаҥкаларыгар «Ыыһаммыт астар уонна халбаһыылар» анал аакка түөрт сыл устата I миэстэни ылбыттара. 2009 сылга Бүтүн Арассыыйатааҕы «Көмүс күһүн» быыстапкаҕа бастаан кыттан, ыыһаммыт астарга икки үрүҥ көмүс, 2010 с. ыыһаммыт аска уонна кымыска үс үрүҥ көмүс, 2013 с – 3 кыһыл көмүс, 2 үрүҥ көмүс уонна биир боруонса мэтээлинэн наҕараадаламмыттара. 2014 с. өрөспүүбүлүкэҕэ үс I истиэпэннээх дипломунан, Арассыыйаҕа 4 кыһыл көмүс, I боруонса, 2015 с. Арассыыйаҕа 5 кыһыл, I үрүҥ көмүс, 2016 с. Арассыыйаҕа 7 кыһыл көмүс, 2 үрүҥ көмүс, быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ эт оҥоһуктарга бастакы миэстэни ылбыттара. Ону таһынан быйыл Владивостокка экономическэй форум кэмигэр ыытыллыбыт быыстапкаҕа кыттыбыттара, кэлэр ый 12-19 күннэригэр Москубаҕа ыытыллар Саха сирин күннэригэр бэйэлэрин астарын быыстапкатын туруоруохтара. Онно анаан 700 киилэ аһы илдьиэхтэрэ.
Былырыын буолбут Олоҥхобут ыһыаҕар 2000 кэриҥэ официальнай ыалдьыттары, дэлэгээссийэлэри, артыыстары, 5000 курдук улууспут олохтоохторун олус үчүгэйдик аһаппыттара-сиэппиттэрэ билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн номох буола сылдьар. Быйыл Москубаҕа, Санкт Петербурга ыытыллыбыт ыһыахтар бары ыалдьыттарын минньигэс, бастыҥ амтаннаах аһынан босхо аһатан, дьон биһирэбилин ылбыта.
«Тымныы чыпчаала» кэпэрэтиип үлэлээн кэлбит 15 сылын устата барыта табыллыылаах, эриэ-дэхси буолбатаҕа, элбэх күчүмэҕэйдэри туораан, ити ситиһиилэрэ кэллэҕэ. Билигин 65 бастайааннай үлэһиттээх, сайыҥҥы кэмҥэ отчуттар, тутааччылар эбиллэннэр, сүүстэн тахса киһи буолар.
Екатерина Алексеевна биир ордук курутуйар түгэнинэн Кумчаанаҕа 2002 с. туттарбыт «Харысхал» оҕо чэбдигирдэр лааҕырдара 2015 с. модьуйуулар тахсаннар, сабыллыбыта буолар. Манна сайын устата улууспут иһиттэн-таһыттан сүүһүнэн оҕо кэлэн кымыс иһэн, доруобуйаларын чэбдигэрдэллэрэ. Сайын устата биэлэрин ыан, 10 т кымыһы оҥороллоро.
Кэпэрэтиип 15 сыллаах ситиһиитин бу күннэргэ бэлиэтээтэ. Тыа сирин чэрдээх ытыстаах үрүҥ илгэни, хороҕор муостаахпытын, сыспай сиэллээхпитин үксэтэр, көрөр-харайар үлэһит дьоно чиэстэннилэр.