Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр тыыл, үлэ бэтэрээнэ, тоҕус уон сааһын куоһарбыт Клавдия Гаврильевна Макарова олорор. Ытык кырдьаҕас: “Бүгүн баар, сарсын суох киһибин”, — диэтэр даҕаны, өйө-санаата сырдык, тыла-өһө сытыы. Таатта мындыр кырдьаҕаһын кытта кэпсэтиибитинэн «Улуус Пааспара» таһаарыыбытын салгыыбыт.
«Сахамедиа» хамаандата Ытык-Күөлгэ анаан-минээн тиийбит киһибит Клавдия Гаврильевна 30-тан тахса сыл балыыһаҕа сиэстэрэлээбит. “Биһиги аймахха эмчит элбэх. Неустроевтар династиялара Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуотун кинигэтигэр киллэриллибиппит. Эдьиийим мин быдан иннибиттэн, 1933 сыллаахтан, үлэлээбитэ. Билигин оҕолорбут, сиэннэрбит салгыыллар”, — диир медицина үлэтин бэтэрээнэ.
Кини уруккута Байаҕантай улууһугар Уус Тааттаҕа 1925 сыл алтынньы 3 күнүгэр төрөөбүт. Аҕата, Алдан нэһилиэгин төрүттээбит киһи 93, ийэтэ 100 саастарыгар диэри олорбуттар. Онон, Клавдия Гаврильевна төрөппүттэрин удьуордаабыта чуолкай. Билэр дьон бигэргэтэллэринэн, кинилэр аймахха уһун үйэлэммит элбэх.
“Кэргэним Николай Константинович Макаров аҕыйах сыллааҕыта өлбүтэ, — диэн кэпсиир кырдьаҕас. – Кини 1943 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллан, Монголияҕа көлүүр аттары көрүүгэ үлэлээбит. Дойдутугар 1950 сыллаахха эргиллэн кэлэн, миигин кэргэн ылбыта. Бэйэм даҕаны онуоха диэри тоҕо сулумах сылдьыбытым буолла. Бука, дьылҕам быата тардан, кэтэһиннэрдэҕэ. Ойохтонор сааһыгар туора дойдуга уонча сылы быһа кыыһы-дьахтары билбэккэ сылдьыбыт эр бэрдэ ыксаан аҕай кэлбит этэ…”
Макаровтар аҕыста оҕоломмуттарыттан биэс ыччаттара улаатан, киһи-хара буолбуттар. Клавдия Гаврильевна улуустааҕы биэнсийэ тэрилтэтигэр үлэлиир кыра кыыһа Анна Николаевналыын бииргэ олороллор. Элбэх оҕолоох ыал 50-ча сыллааҕыта туттубут дьиэлэрэ эргэрбитэ таһыттан көстөр. Аттыгар биир тиэргэҥҥэ буруус мастан саҥа тутуллубут икки этээстээх дьиэ күнү-ыйы хаххалаан, булгунньах курдук багдаллан турар. Ол уораҕай күлүгэр ийэ-аҕа алаһа дьиэтэ өссө кыччаабыкка, самнайбыкка, өтөхсүйбүккэ дылы буолбут.
“Бу Куула түөлбэҕэ былыр, дьон олохсуйуон иннинэ, таҥара дьиэтин кытта мин тойонум аах Макаровтар эрэ балаҕаннара баара үһү, — диэн кэпсиир ытык кырдьаҕас. – Өтөхтөрө өргө диэри турбута. Таҥара дьиэтин былыргы уустар түбэһиэх туппаттар. Хайа да бэйэлээх халаан уута таарыйбат сирэ диэччилэр. Ытык Күөлү бүтүннүү ылбыт кэлиҥҥи улахан ууга даҕаны барбатаҕа. Үрдүк, кырдал сир. Сиэним, Аанам уола, куорат киһитэ манна олохсуйаары саҥа дьиэ тутта сылдьар. Олус улахан диэн кэпсииллэр (Клавдия Гаврильевна хараҕынан I группалаах инбэлиит-авт). Саҥа дьиэ тутуутугар көмөлөһөн 100 тыһ. солкуобайбын биэрбитим. Тойотторбут-хотуттарбыт эһиил саҥа хочуолунайга холбуохпут диэн үөрдэллэр. Онон сүүспүн өҥөйбүт кырдьаҕас өлөр үйэбэр кирпииччэ оһохтоох өтөхпүттэн көһөн тахсан, киэҥ-куоҥ дьиэҕэ бэлэм сылааска сытыам буоллаҕа. Бачча хообургуу олорор киһи тиийээ инибин.”
Клавдия Гаврильевна сэрии ыар сылларыгар, онтон эйэлээх олоххо бэйэтин харыстаммакка үлэлээбитин туоһута — бинсээгин түөһэ килэччи мэтээл, бэлиэ. Сэбиэскэй былааска олоҕун үтүөтүн атаарбыт кырдьаҕас аныгы үйэ туһунан бэйэтэ санаалаах. “Ыстаалын баар буолан, өстөөҕү кыайбыппыт. Кини курдук кытаанах илиилээх салайара буоллар, онон-манан баар сурахтара иһиллэр уоруйах тойоттор тос маастарын ылыах этилэр”, — диэн лиэксийэ ааҕардыы дьоһуннанан олорон куолулаан киирэн барбытыгар, кыыһа Анна Николаевна: “Аҕабыт үйэтин-сааһын тухары лиэктэрдээбитэ, кини үөрэҕин иҥэриммитин ыалдьыт киирдэҕинэ, тыынын таһааран тэбиир идэлээх”, — диэн күлэ-күлэ быһаарда.