Улуус олоҕо: Алтан ыалларын сылааһынан угуттуур тимир уустара

1167

Амма Алтаныгар сварщик Герасим Ильин уонна токарь Сергей Кузьмин иннэлээх сап курдук сылдьыбыттара ырааппыт, иккиэн дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатын сулууспатыгар үлэлииллэр. Итиэннэ идэлэринэн бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэр буоланнар, нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын сайыннарар биир сыаллаахтар-соруктаахтар. Кинилэр тустарынан «Улуус олоҕо» бырайыакка кэпсиибит.


Доҕордуу саха уонна нуучча дьоһуннаах бэрэстэбиитэллэрин Кузьминнар гаражтарыгар көрүстүбүт. “Три в одном” диэбит курдук, бу эргэ тутуу нэһилиэк эрэ буолбакка, улуус бары коммунальщиктарыгар мастарыскыай суолталааҕын таһынан Кузьминнар уоллара чааһынай вулкан сыаҕын манна үрдүттэн тэриммит.

Токарнай станок Амма үрдүнэн Сергей Викторовичка эрэ баар үһү. Эргэрбит эрээри, хаачыстыба бэлиэлээх сэбиэскэй оҥоһук (1984 сыллааҕы) буолан тулуктаһан эрдэҕэ. Өссө биири атыылаһыан баҕарарын кэпсээтэ. Кини Накыыҥҥа (Ньурба) экспедицияҕа төрөөбүт. “Эһэм, аҕам токарь этилэр”, — диир. Сергей Кузьмин 1978 сыллаахха Алтаҥҥа күтүөт буолуоҕуттан олорор.

Оттон Герасим Семенович – төрүт олохтоох киһи, дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ, Алтан нэһилиэгин ытык олохтооҕо. Коммунальнай хаһаайыстыбаҕа 2000 сылтан сварщигынан үлэлиир. “Бу үлэҕэ мин кинини аҕалбытым», — диир Алтан нэһилиэгинээҕи учаастак начаалынньыга, дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ, Амма улууһун ытык олохтооҕо Александр Алексеевич Стручков. Алтаннааҕы учаастак 22 үлэһиттээх, мантан 12-тэ хачыгаар.

Амма нэһилиэктэригэр сылдьар кэммэр кэтэх дьиэлээх ыаллар киин ититии ситимигэр хото холбоммуттарын бэлиэтии көрдүм. Улуус үрдүнэн 1460 кэтэх дьиэҕэ уонна 544 кыбартыыраҕа олорор 6012 киһи киин ититиинэн туһанар. Ол иһигэр Алтаҥҥа 105 кэтэх дьиэҕэ киллэрбиттэр. Амма сэлиэнньэтин аахсыбатахха, алтаннар иннилэригэр улуус киинин кытта ыаллыы сытар Бөтүҥ (144 дьиэ) уонна Чапчылҕан (123 дьиэ) эрэ бааллар.

Алтан холобуругар эттэххэ, урукку өттүгэр тэрилтэлэр хонтуораларын, кулуубу, оскуоланы сылыта турбут хочуолунайдартан ыаллар дьиэлэригэр ититии ситимин тардыыны 2007-2008 сылларга саҕалаабыттар. Ол гынан баран, кэлиҥҥи үс сылга олохтоох бүддьүөккэ 500-түү тыһ. солкуобайы көрөннөр, үлэ лаппа тэтимирбит.

Нэһилиэк көрбүт үбүн сүрүн трасса турбатын атыылаһыыга ороскуоттууллар. Быйыл эмиэ биир итиччэ үбү уган олороллор. Ильиннээх иллэрээ сыл 20-чэ дьиэҕэ тардыбыт буоллахтарына, ааспыт сылга 34 ыалга киллэрбиттэр. Ыаллар матырыйаал харчытыгар кыттыһаллар, холобур, былырыын 30-тан тахсалыы тыһ. солкуобайы төлөөбүттэр.

Турбаны иһэрдии үлэтин барытын Герасим Ильин Сергей Кузьминныын толороллорун таһынан улуус атын учаастактарын сакааһынан КСВ-1,1 уонна КСВ-1,8 квт кыамталаах кыбаартал хочуолларыгар, сылааһы биэрэр уонна тутар кыахтарын улаатыннараары, эбии турбалары олордон уларытан-тупсаран оҥорон биэрэллэр эбит. “Маннык КСВ мааркалаах 80-ча оһоҕу тупсаран оҥордубут”, — диир Герасим Семенович. Онуоха сакаастааччылар хочуолунай дьиэтигэр сөп түбэһиннэрэн ыйбыт кээмэйдэринэн хайа талбыт улаатыннаран эбэтэр кыччатан оҥороллор, ону хочуоллаахтар бэйэлэрэ схеманан көрөн хомуйан туруораллар.

Ыалларга эмиэ маныаха майгынныыр турбалаах дьоҕус кээмэйдээх оһохтору оҥороллор эбит. Матырыйаалын (тимир лииһи, турбаны) ыал бэйэтэ атыылаһан аҕалар уонна 25 тыһ. солкуобайга аҕыйахта оттуллар, оттугу кэмчилиир оһохтонон хаалар.

Кэлиҥҥи сылларга киин ититиигэ холбонор ыал элбээн, Герасим Семенович оһох сайыҥҥы варианын толкуйдаан оҥорбутун көрдөрдө. Баанньыкка даҕаны барсыан сөп. Сыаната 10-15 тыһ. солкуобай буолар. Оһох таһырдьа тиэргэҥҥэ дьиэттэн тэйиччи соҕус, киин трассаттан кэлэн киирэр турба аттыгар туруоран отторго аналлаах. Ититии сезона бүтэн, киин хочуолунай араарыллыбытын кэнниттэн халлаан тымныйдаҕына, ардах түстэҕинэ итиэннэ кыра оҕолоох ыал күһүн эрдэ дьиэтин сылытынарыгар, куурдунарыгар абыраллаах тэрил диэн көрдүм. Киин хочуолунайтан кэлэр уу ситимин задвижканы эрийэн арааран баран, кыра оһоххун оттоҕун. Кыһын итиини тутар, тоҥмот матырыйаалынан бүрүйэн кэбиһэҕин.

Күннэтэ тимири кытта эллэһэр мындыр өйдөөх, көмүс илиилээх уустар оҥоһуктара-айымньылара өссө даҕаны элбэх эбит эрээри, хаар анныгар сытар буоланнар, иҥэн-тоҥон көрбөтүбүт. Арай, күҥҥэ 120 лафет маһы хайытан-эрбээн таһаарар кыамталаах станогу уонна от оҕустарар хотууру, тырахтарыыс кэннин диэки хайыспакка, иннинэн көрөн олорор гына, уларытан оҥорбуттара күрүө уулусса өттүгэр сыталларын Герасим Семенович хаары атаҕынан сыҕайа-сыҕайа, кылгастык быһааран кэпсээтэ.

STIHL эрбиигэ олордуллан мас хатырыгын ыраастыыр тэрил дюрал матырыйаала тостубутун тимир лииһинэн солбуйан оҥорбуттарыттан тойонноотоххо, кинилэр сатаабаттара диэн суох быһыылаах.

Ити курдук Ильиннээх Кузьмин тыа сирин ыалларын олохторун-дьаһахтарын чэпчэтэргэ, күннээҕи кыра да, улахан да кыһалҕаларын быһаарарга ананан кэлбит дьон эбит диэн испэр бүтэйдии сүгүрүйэ санаатым. Алтаннар кинилэринэн киэн туттуохтарын тутталлар эбит. Тымныы-тыйыс айылҕалаах Саха сиригэр сылаастан ордук абыраллаах, күндү суох эбээт. Оттон ол сылааһы дьиэҕэр сиэтэн киллэрэр дьоҥҥо, ама, хайдах махтаммат буолуоххунуй.