Амма Абаҕатыгар урукку сопхуостан ордон хаалбыт хаһаайыстыба үс салааҕа арахсан, идэтийэн үлэлии олорор. Бастакыта – ынах сүөһүгэ “Илгэ” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба, иккиһэ – сылгыны иитиигэ И.Я.Строд аатынан тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибэ, ону сэргэ туорахтаах уонна сүөһү аһылыгар аналлаах култууралары үүннэриинэн дьарыктанар “Абаҕа” ХЭУо. Бу туһунан бүгүн «Улуус олоҕо» бырайыакка кэпсиибит.
Хаһаайыстыбаны хаһыс даҕаны сылын Василий Тимофеев салайар. Строд аатынан кэпэрэтиипкэ 9 сылгыһыт үлэлиир. Быйыл 747 сылгыны кыстатан туралларыттан, племеннойа – 668 төбө, бу иһигэр 379 биэ бары племеннойдар. Ааспыт сылга кулуну тыыннаахтыы ылыыны 75 бырыһыан ситиспиттэр, иллэрээ сыл төрүөҕү 90,9 бырыһыаҥҥа тиэрдэ сылдьыбыттар. Оттон улахан сылгыны чөл иитиини 99,2 бырыһыаҥҥа диэри өрө таһаарбыттар (2015 сылга 97,15 бырыһыан этэ). Инньэ гынан сылгы ахсаана 5,96 бырыһыан эбиллибит. “Сылгыбытын сыл ахсын 5-тии бырыһыанынан эбэн иһэбит”, — диир салайааччы.
Василий Васильевичтыын хаһаайыстыба Емельяновка түөлбэтигэр баар саҥа хотонун ортотугар туран кэпсэттибит. Биир үксүн онон сиэттэрэн, ынах сүөһүнү иитии салаатын ойуччу тутан, хото сырдатабын. “Илгэ” ХЭУо кэлиҥҥи сылларга үлэтинэн-хамнаһынан өрөспүүбүлүкэ биллэр-көстөр хаһаайыстыбаларын кытта тэҥҥэ тардыалаһар кыахтанна. Быйылгы кыстыкка 503 ынах сүөһүлээхтэриттэн ыанара – 221 төбө. Балартан 120-тэ бу иллэрээ сыл “Туймаада” хампаанньа көмөтүнэн тутуллубут аныгылыы оҥоһуулаах хотоҥҥо бааллар, манна мааныланар “үрүҥ” эрэ ынахтар тураллар.
Дириэктэр кэпсииринэн, былырыын улуус граннаах бааһынай хаһаайыстыбаларыгар 70 сүөһүнү, ол иһигэр 43 ынаҕы, атыылаабыттар, ол оннугар күһүн атырдьах ыйыгар Алтайтан симментал боруода 100 тиҥэһэ сүөһүнү атыылаһан тиэйэн аҕалбыттар. Олор саҥа сылга диэри, кыра сүтүктээх да буоллар, сүүс бырыһыан төрөөбүттэр: биир тиҥэһэ игирэлэнээри бэйэтэ кыайан быыһамматах, иккис тиҥэһэ өлбүт оҕону төрөппүт. Инньэ гынан, син биир сүүстэн сүүс ньирэйи ылбыттар. Бургунастар билигин күн аайы 15-тиигэ тиийэ лиитирэ үүтү биэрэ тураллар. “Илгэ” урукку ынахтарыгар тэҥнээтэххэ, уҥуохтара-арҕастара уонна синньилэрэ улахана туора харахха тута быраҕыллар. Ситтэхтэринэ-хоттохторуна үрүҥ илгэни да, хамнаһы да тэбэн биэрииһилэр диэн көрдүм.
Хаһаайыстыбаҕа орто хамнас 29820 солкуобайга тэҥнэһэр буоллаҕына, сүөһүгэ үлэлээччилэр ортотунан 34149 солкуобай хамнастаахтар. Ол иһигэр биирдиилээн ыанньыксыттар мантан икки бүк элбэҕи ылаллар эбит. Бу саҥа хотоҥҥо түөрт ыанньыксыт 30-туу ынаҕы аппараатынан ыыр. “Барыта Алтай бургунастаахтар ахсынньы, тохсунньу ыйдарга 70-нуу, 80-нуу тыһ. солкуобайга тиийэ аахсабыт”, — диир бэтэринээр-биэлсэр идэлээх гынан баран, хаһаайыстыбаҕа 2004 сылтан ыанньыксыттыыр Лилиана Анисимова. Кини үүт ыамыгар 2016 сыл түмүгүнэн бастаабыт. “Илгэлэр” ааспыт сылга биир ынахтан ортотунан 2975 киилэ үүтү ыабыттар, барыта 657,4 туонна үүтү ылбыттар. Оттон иллэрээ сыллааҕы көрдөрүү туһааннааҕынан – 2027 киилэ уонна 507 туонна. Онон быйыл үрүҥ илгэ өссө күүскэ үрүлүйэрэ күүтүллэр.
Атын хаһаайыстыбалар Абаҕа ыанньыксыттарыгар ымсыыраллара баа буолбатах. Аммалар быйыл сайын Алтайтан өссө 200 тиҥэһэни атыылаһан, улахан хаһаайыстыбаларын күүһүрдэргэ былаанныыллар. “Алтайкалар” кэллэллэр эрэ үүт үрүлүйэ түһүөн курдук саныырга кэрэгэй. “Илгэ” ХЭУо үүт ыама үрдүүрүн, үөһэ ахтыллыбытын курдук, бурдугу уонна сүөһү аһылыгын үүннэрэр, хомуйар анал салаалаах буолан ситиһэр. Сиилэстэрин уонна бурдугу кырбаан, хааһылаан, харса суох сиэтэллэрэ сүөгэйгэ-арыыга кубулуйан, аллан тахса турар.
Василий Васильевич ити кэлиэхтээх 200 тиҥэһэттэн 50-ун ылыахтаахтарын этэр. “Үрүт үөһэ атыылаһар ороскуоттаах баҕайы буолбатах дуо?” – диэн ыйыппыппар, дириэктэр бу курдук быһааран биэрдэ. Алтай тиҥэһэтэ 120 тыһ. солк. сыаналаах, мантан аҥаарын министиэристибэ толуйар. “Илгэ” былырыын атыыласпыт 100 тиҥэһэтигэр Амма улууһун дьаһалтата уонна “Амма” ТХПК 1,5-лыы мөл. солкуобайы биэрэн көмөлөспүттэр. Хаһаайыстыба бэйэтэ 20 бырыһыанын уйуммут. Ону таһынан биир сүөһү массыынанан тиэйиллэн кэлэр ороскуота 40 тыһ. солк. буолар, мантан 95 бырыһыанын эмиэ судаарыстыба толуйбут.
Иккиһинэн, министиэристибэ быйылгы былааныгар “Илгэ” ХЭУо-ҕа эмиэ “Туймаада” ҮХАПХ нөҥүө хотон 2-с уочаратын тутуу киллэрилиннэ. Саҥа хотоҥҥо 120 ынах, ол иһигэр Алтай 50 тиҥэһэтэ, туруохтара. Ону таһынан быйыл сайын 1 мөл. солкуобайдаах субсидия харчытыгар сылгыларыгар саҥа база туттуохтаахтар.
Емельяновка түөлбэтигэр хаһаайыстыба үлэһиттэрэ олороллоругар анаан 50 дьиэни тутуу тус сыаллаах федеральнай бырагырааманан үбүлэнэр. Ааспыт сылга 5 дьиэ тутуллубута, быйылгы былааҥҥа 10 дьиэ турар. Ону тэҥэ хочуолунай тутуллан киириэҕэ. Оччоҕуна сүөһү-сылгы үлэһиттэрэ саҥа дьиэлэргэ көһөн киириэхтэрэ.
“Илгэ” ХЭУо ынах сүөһүнү иитиигэ дойду таһымыгар племенной репродуктор статуһун ыларга хандьытаатынан сылдьар. Бу курдук көрдөрүүтүн сылтан сыл тупсаран истэҕинэ, Саха сирэ сотору кэминэн өссө биир бигэ үлэлээх хаһаайыстыбанан эбиллиэ диэн эрэнэ күүтэбит.