Улуус олоҕо: Амма олохтооҕо Николай Гермогенов кус, куруолук, хаас, индюк иитэр

519

Амма сэлиэнньэтин биир кытыы уулуссатыгар турар дьиэ аттыгар үүтээни санатар балаҕаҥҥа кууруссалар, индюктар, хаастар, оттон уһаайба аннынааҕы көлүйэҕэ ойбонноох тэпилииссэ иһигэр көҕөттөр дьыл оройунааҕы тымныыттан толлубакка, бэйэлэрин сылаастарынан угуттанан олороллорун аан маҥнай көрдүм. Эгэ, куобах быраата куруолук оһохтоох дьиэҕэ дугуйданыа баар дуо?! Бу туһунан «Улуус олоҕо» бырайыакка кэпсиибит.


Бу – бааһынай Николай Гермогенов хаһаайыстыбата. Кини баһаарынай чааска үлэлээбит. Биэнсийэҕэ тахсан баран, иллэрээ сыл бааһынай хаһаайыстыба тэриммит. Эрдэ, оҕолоро кыраларыгар, сүөһү ииттэ сылдьыбыттар. Билигин сылгылара бааллар. Икки атыыр үөрдээх. Тыйдарын дьиэ таһыгар далга туруорар.

Николай Марковиһы ыган “отчуоттаппыппынан”, ити маҥнай көрбүт балаҕаммытыгар 80-ча куурусса (ону кытта хас даҕаны бөтүүк баар), 7 хаас (о.и. 3 атыыр), 3 тыһы уонна 1 атыыр индюктар биир дьиэ кэргэн курдук иллээхтик-эйэлээхтик олороллор. Арай, хаастарын тимир сиэккэнэн быыс тардан, туспа тутар эбит. Кинилэр суостаах көтөрдөр, кыра “бырааттарын-балыстарын” тобулута тоҥсуйан кэбиһиэхтэрин сөп.

Куруолуга оҕолуун-уруулуун 60-ча үһү гынан баран, биһиги харахпытыгар биир эрэ көһүннэ. Онтубут анал уйаҕа сытар ийэ куруолук быһыылаах. Бука, оҕолоноору оҥостон сыттаҕа. Хаһаайын: “Сылга хастыыта даҕаны төрүүллэр”, — диир. Эргэ ампаар муостатын анныгар уонна окко уйаланаллар эбит. Элбэх киһи саҥатыттан тыаһырҕаан дуу, сарсыардааҥы дьыбарга тымныырҕатан дуу, хороонноруттан быкпатылар. Хаһаайын аһыыр иһиттэригэр куппут туораах бурдуга олорбутунан хаалла.

Гермогеновтаах тэлгэһэлэриттэн өрүс хочотун диэки ыллык суолунан аллара түһэн истэххэ, ыраахтан ураһаҕа майгынныыр дьоҕус тутуу хоройон турара көстөр. Онтубут тэпилииссэ эбит. Саллапаан бүрүөһүннээх. “Бу улахан көлүйэ этэ. Кэлин уолан-тардан, кыччаата”, — диир Николай Маркович уонна ортотугар, саамай дириҥ сиринэн чардаат алларбыт. Тэпилииссэ аанын модьоҕотун нэһиилэ атыллаан киирбиппит – чардаат сиикэй сытар, онно сорох кустар уста сылдьаллар, үгүстэрэ тула кытыытыгар кэчигирэһэн, төбөлөрүн бэйэ-бэйэлэрин кынаттарын анныларыгар уган баран, нуктуу олороллор.

Аан аһыллаатын хаһаайыннара киирбитин билэннэр, сэргэхсийэ, саҥалара-иҥэлэрэ хойдо түстэ. Барыта 40 көҕөн баарыттан атыыра — 8. Өссө киһи хараҕар көстүбэт дьукаахтардаахтар үһү: ити үрдүк модьоҕо андаатардар үлэлэрэ эбит, тэпилииссэ туох баар үүтүн-хайаҕаһын барытын муоҕунан бүөлээбиттэр, аанынан эмиэ тымныы үргүйэрин сөбүлээбэккэ, уунан төһө тиийэллэринэн муоҕу, оту таһан сыбаабыттара утары тоҥон хаалбыт. Хата, туһалаах, абыраллаах дьукаахтар диэтэҕиҥ. Чардаат ойбоно тоҥмокко, мэлдьи сиикэй сытарыгар бу кыыллар үтүөлэрэ улахан буолуохтаах.

“Көҕөттөргүн хантан, кимтэн ылбыккыный?” – диэн ыйыппыппар, бастакыларын саас айылҕа көҕөнүн сымыытын булан, инкубаторга баттатан үөскэппитин эттэ. “Охота и рыбалка” биэриигэ “подсадной” дэнэр тыһы кустарынан ыҥыттаран бултуулларын көрөн идиэйэ киирбит. “Сотору атыырдарыттан араарыам. Бэйэтэ атыырдаах, сабыллыбыт кус “көрдөөбөт” буолар. Саас айылҕаҕа таһааран, үчүгэйдик ыҥырар тыһылары талан, кустуурбар туһанабын”, — диир Николай Маркович. Кэлин дьон билэннэр атыылаһар эбэтэр уларсар буолбуттар. Сааскы булт кэнниттэн тыһыларын сымыыттатар. Биир кус 40-ҥа тиийэ сымыыты биэрэр эбит. Сымыыттарын инкубаторга баттатан ылан үөскэтэр уонна сайын-күһүн күн аайы идэһэ оҥостоллор.

Барыта 6 инкубатордаах. Тыа сиригэр саас-сайын электричество уотун араас албаһынан араарар үгэстээхтэр. Оннук түбэлтэҕэ аккумуляторга холбуур. Инкубаторга атын көтөрдөрүн сымыыттарын эмиэ баттатар. Куурусса киэнин үксүгэр сымыытынан атыылыыр, маҕаһыыҥҥа туттарар. Биир устууката 10-нуу солкуобайга, чоппуускатынан 1,5-2 мөһөөххө, сымыыттыыр куурусса 1 тыһ. солкуобайга холкутук бараллар. Куруолук этин эмиэ атыылыыллар. Кыра оҕолоох ыаллар уонна куртах-оһоҕос ыарыылаахтар киилэтин 5 мөһөөххө анаан сакаастаһан ылаллар. Онон көтөрдөр да, кыыллар да аһыыр бурдуктарын сыанатын толуйаллар.

Үксэ бэйэбит айахпытыгар барар, — диир икки устудьуон уоллаах уонна оскуолаҕа үөрэнэр кыыстаах ыал аҕа баһылыга. — Атын ыаллар курдук, маҕаһыынтан, ырыынактан атыыласпаппыт эбэтэр камераҕа тоҥорон хаһааммаппыт. Тэлгэһэбитигэр сүүрэ сылдьар куһу, куруолугу тутан киллэрэн, тута сибиэһэйдии сииргэ үөрэнэн даҕаны хааллыбыт.”

Кэргэнэ иистэнньэҥ буолан, кэлин куруолук тириитин туһаҕа таһааран, таҥас гынар толкуй киирбит. Олус халыҥ тириилээх кыыл буолар эбит, куоракка сыахха имиттэрбит үрүҥ куруолук тириилэрин тэлгэтэ сытарын көрдөрдө.

Түргэнник ситэр салааны биһирээбит бааһынай өссө бааһыналаах. Сир үлэтинэн үс сыллааҕыттан ыла дьарыктанар гынан баран, быйыл эрэ дьиэтин анныгар 5 гектарга хортуоппуй эрдэтээҥи суордун олордубута дьэ табыллан, үүнүү биэрэн, атырдьах ыйыттан атыыга таһаарбыт. Бачча үлэһит киһи граҥҥа тоҕо киирсибэтин туоһуласпыппар: “Кимиэхэ даҕаны үҥпэккэ-сүкпэккэ, бэйэбэр сөп буолардыы, кыра-кыралаан кыыл-сүөл ииттэрим ордук курдук”, — диэн хоруйдаата.